Саха сиригэр тураах сугунун саҥа суорда үөскэтиллиэҕэ

Share

Учуонайдар Саха сирин тыйыс килиимэттээх усулуобуйатыгар тураах сугунун (жимолость) үүннэрэр сөптөөх саҥа суортары үөскэтиэхтэрин баҕараллар. Бу туһунан суруналыыстарга РАН Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр институтун ыччат лабораториятын сэбиэдиссэйэ  (ЯНИИСХ) Валентина Алексеева иһитиннэрдэ.

«Саха сиригэр үүннэрэргэ моонньоҕон, дьэдьэн араас суортара элбэх, ол эрээри улуустарынан үүннэрэргэ анал тураах сугунун суорда суох. Саха сирин усулуобуйатыгар үүннэриигэ табыгастаах суортары үөскэтиигэ олохтоох матырыйааллары хомуйдубут. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн чопчу үс улуустарынан эрэ үүнэр», — диэ эспэдииссийэ үлэтин түмүгүнэн Валентина Алексеева кэпсээтэ.

Бүтүн Арассыыйатааҕы үүнээйи генетическай ресурсаларын институтун старшай научнай үлэһитэ Галина Таловина бэлиэтээбитинэн, Саха сирин сир аһын үөрэтии үс сыл устата ыытыллар.

«Биһиги сир аһын үүнээйилэрин үөрэтиини, кэтээн көрүүнү уонна гербарий хомуйуутун салгыы ыытабыт. Гербарийдар институттар кэлиэксийэлэригэр харыстаныахтара. Быйыл биһиги эспэдииссийэбит тураах сугунун Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарынан тарҕаныытын үөрэттибит. Үлэбит түмүгэ Саха сиригэр тураах сугунун саҥа суордун үөскэтиигэ кыах биэрэр»,-диэн кэпсээтэ Галина Таловина. Эспэдииссийэни ЯНИИСХ ыччат лабораторията тэрийдэ. Лаборатория «Наука уонна университеттар» национальнай бырайыак чэрчитинэн аһыллыбыта.

Тураах сугунун сүһүрүүгэ, титирииргэ, хаан аҕыйаатаҕына, хаан баттаһына үрдээтэҕинэ, авитаминозка кэмнээн туһаналлара биллэр. Норуот эмчиттэрэ тураах сугунун лабаата, хатырыга оргуйбут уутун ииктэтэр, чэлкэх үөскээһинин намыратар ньыма курдук туһаналлар. Саҥа тыллыбыт сэбирдэх суурадаһына ангинаҕа айаҕы, күөмэйи сайҕанарга туһалаах. 

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

56 секунд ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago