Бүгүн Саха сирин электроэнергиятын ситимин эрэллээх оҥорууну уонна уоту ыраах, ойдом сытар сирдэргэ тириэрдиини сайыннарыыны сокуонунан хааччыйыы туһунан боппуруоска төгүрүк остуол буолан ааста.
Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна Судаарыстыбаннай Дуума энэргиэтикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Завальнай суруналыыстары кытары көрсөн кэпсээтилэр.
Судаарыстыбаннай Дуума энэргиэтикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Завальнай энэргиэтикэ билиҥҥи туругун уонна кэлэр өттүгэр хайдах буолуохтааҕын кэпсээтэ.
«Инники өттүгэр энэргиэтикэни сайыннарыы кэлим былаанын олоххо киллэрии, онуоха локальнай, кэлим ситимин дириҥэтэн киллэрии, көдьүүһүн улаатыннарыы уонна саахал тахсарын кыччатыы буолуохтаах», — диэн эттэ Павел Завальнай.
Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут уот ситимэ эргэрэн эрэбилэ суох буолбутун бэлиэтээтэ, бу сыл бастакы кыбаарталыгар былырыыҥҥытааҕар 2,5 төгүлүнэн элбэх саахал тахсыбытын уонна билигин оҥоһулла сылдьар кэлим бырагыраама туһунан санаатын эттэ.
«РусГидро» уот хаһаайыстыбатын ситимин кэлим бырагыраамата 56 млрд солк. курдук үбү эрэйэр, онтон 12 млрд солк. эрэ үбүлэнэр. Ол иһин билигин «РусГидро» хампаанньа иннигэр РФ энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин кытары дойду Бырабыыталастыбатын таһымыгар энэргиэтиктэргэ эбии үбүлээһини көрөр кыаҕы быһаарар сорук турар. Бу кэлим бырагыраама биэс сыл иһигэр олоххо киириэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, энэргиэтикэ эрэллээх буолуутун ситиһии олох хаачыстыбатын тупсарыы эрэ буолбатах, Саха сирин усулуобуйатыгар дьон олоҕо буолар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Павел Завальнай түмүгэр бырайыак олоххо киириитэ, энэргиэтикэнэн эрэллээхтик хааччыйыы, биллэн турар, федеральнай кыттыһыыны эрэйэр, бу соруктар Үп министиэристибэтигэр уонна бүддьүөккэ дьоһуннаах бигэргэтиини эрэйэллэр.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…