Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ саҕаланнылар. Биир бастакы тэрээһининэн «Саха сирин виртуозтара» кэнсиэр буолла. Кэнсиэр казах национальнай университетын саалатыгар Астана куоракка ыытылынна.
Уус-уран кэлэктиип салайааччыларынан СӨ үтүөлээх артыыската, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Лариса Габышева, РФ уонна СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Станислав Афанасенко, концертмейстер, СӨ үтүөлээх артыыската Надежда Петрова буолаллар.
«Астанаҕа кыттарбыт улахан чиэс. Миигин Казахстааны кытта элбэх сибээстиир. Алматы куорат консерваториятын бүтэрэн баран, 50 сыл анараа өттүгэр Саха сиригэр көспүтүм. Биһиги манна мэлдьи үөрэ-көтө кэлэбит. Саха сирин күннэрин чэрчитинэн балачча хабааннаах бырагыраамалаахпыт. Сольнай кэнсиэртэри оонньуубут уонна «Ньургун Боотур» опера оркестрын састаабыгар кыттабыт. Бастаан Астанаҕа, онтон Алматыга оонньуохпут. Артыыстар олус сэргэхтэр. Интэриэһинэй кэнсиэри күүтэбит», — диир уус-уран салайааччыта Станислав Афанасьев.
Скрипачтар судаарыстыбаннай ансамбыллара 17 муусукаҕа айымньылары билиһиннэрдилэр. Бырагыраамаҕа «Арлезианка» Доде Бизе драматынан Фарандола муусуката, Чайковскай мелодиялара, ««Свадьба Фигаро» операҕа Моцарт увертюрата, о.д.а. айымньылар киирдилэр. Улахан биһириини Кирилл Герасимов үҥкүүтэ ылла.
«Дьикти түгэн — биһиэхэ аан дойду таһымнаах скрипачтар ансамбыллара кытта кэллилэр. Бу казахстааннарга улахан бырааһынньык. Бу олус үөрүүлээх түгэн», — диэн Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Казах национальнай университетын бэрэпиэссиэрэ Негметулла Каримов үллэһиннэ. Эмиэ итинник бырагыраама муус устар 21 күнүгэр Алматы куоракка Курмангазы аатынан Казах национальнай инструменнарын кэнсиэртиир саалатыгар ыытыллыаҕа.
«Мин Саха сиригэр сылдьыбытым. «Скрипка Севера» аан дойдутааҕы куонкурус дьүүлүүр сүбэтин чилиэнинэн ыҥырыллыбытым. Оччолорго Муусукаҕа Үрдүкү оскуолата, муусукааннар, үөрэх тэрийиитэ олус үчүгэй өйдөбүллэри хаалбыттара. Биллэн турар, бүгүн сыанаҕа бу үлэ түмүгүн чахчы көрдүбүт. Бэрэпиэссэрдэр үлэлэрэ сүҥкэн. Тус бэйэм Лариса Габышеваны, Станислав Афанасенконы билэбин. Кинилэр бэртээхэй муусукааннар. Бырагыраама олус кэрэ. Уус-уран толоруу олус эмоциональнай уонна чаҕылхай. Кэнсиэри көрөммүн олус үөрэбин уонна астынным. Салгыы ситиһиилэри, үчүгэй кэнсиэртэри баҕарабын. Бырабыыталыстыбаҕа махтанабыт», — диэн Казах национальнай университетын бэрэпиэссэрэ Раиса Мусаходжаева санаатын эттэ.
«Саха сирин виртуозтара» — тоҕус аан дойдутааҕы куонкурус лауреата. 30 сыл устата судаарыстыбаннай ансамбыл 2500-тэн тахса кэнсиэри 30 дойдуга көрдөрбүтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…