Салгыы
Саха сирин волонтердара байыаннай дьайыы хонуутугар 100-тэн тахса туонна таһаҕаһы ыыттылар

Саха сирин волонтердара байыаннай дьайыы хонуутугар 100-тэн тахса туонна таһаҕаһы ыыттылар

Ааптар:
26.07.2024, 17:00
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин волонтердара 100-тэн тахса туонна гуманитарнай көмөнү ыыпыттар.

Бу туһунан Бүтүн Арассыыйатааҕы  #МЫВМЕСТЕ  аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Евгений Амбросьев иһитиннэрдэ.

Кини «Якутия» авиахампаанньа Москваҕа диэри таһаҕаһы тиэйиигэ улахан көмөнү оҥорбутун бэлиэтээтэ. «Өрөспүүбүлүкэ авиахампаанньатын сөмөлүөттэрэ биһиги байыастарбытын  ылаллар. Бэҕэһээ грузовой терминал нөҥүө биһиги байыаннай сулууспалаахтарбытыгар уочараттаах көмө улахан баартыйатын ыыппыппыт. Быйыл кулун тутар ыйыттан байыастарга 30 туонна таһаҕас ыытыллыбыта», — диэн Евгений Амбросьев кэпсээтэ. Кини этэринэн, волонтер хамсааһына Саха сирин бары оройуоннарын хабар.

«Волонтердар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр араас көмөнү салгыы оҥороллор. Сайаапкалары 122 сулууспа нөҥүө ылаллар. Ону таһынан, ыстаап иһинэн волонтерскай иистэнэр сыах үлэлиир. Онно 20-тэн тахса волонтердар саллааттарга экипировкаларын уонна обмундированиеларын тигэллэр», — диэн #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа  эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччытын солбуйааччы иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, гуманитарнай көмөнү хомуйуу пууна Дьокуускай куорат, Бестужев-Марлинскай уул., 5 дь. (ДОСААФ) аадырыһынан быстах кэмҥэ үлэлиир. Пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 10:00-тан 18:00 чааска диэри үлэлиир.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: