Саха сирин волонтердара “Блокада килиэбэ” аахсыйаны тэрийдилэр
Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта иһитиннэрэр листовкалары туттараллар.
Сүрүннээччилэрэ биир идэлээхтэрбэр –тэлэбиидэнньэ үлэһиттэригэр тэрээһин туһунан кэпсиир. Кытыы муннукка олорон кырдьаҕас эмээхсин суруналыыска ол урукку кэми ахтан санаатын үллэстэр, онтун быыһыгар былаатын уһугунан кистээн хараҕын уутун соттор. Бу – бүгүн “Туймаада” атыы-аралдьытар комплекска буолбут, Ленинград блокадатын босхолооһунунан “Блокада килиэбэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы өйдөбүнньүк аахсыйа көстүүтэ.
Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр – Ленинград куораты фашистар блокадаларыттан босхолооһун күнэ. Бу күн “Кыайыы волонтердара” сылын ахсын үгэскэ кубулуйбут “Блокада килиэбэ” диэн өйдөбүл аахсыйаны тэрийдилэр.
“Кыайыы волонтердара” Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Тимур Егоров бүгүҥҥү тэрээһин туһунан: “Аахсыйа устуоруйаны уонна блокада ыар кэмнэрин санатар соруктаах. Ол кэмнэргэ курдук, Дьокуускай куорат олохтоохторугар 125 кыраамнаах килиэби, иһитиннэрэр листовкалары түҥэтэбит.
Санитарнай ирдэбилинэн, блокада килиэбин үүт-үкчү оҥорор табыллыбат, көҥүллэммэт. Сылын ахсын биһигини Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ, Нөмүгүтээҕи килиэп собуота уонна быйыл Чернышов ИП өйөөтүлэр, аахсыйаҕа спонсор быһыытынан кытыннылар. Бу сырыыга куоракка барыта 1000 өлүү килиэби бэлэмнээтибит.
Бу курдук аахсыйалар оскуолаларга, үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар ыытыллаллар. Онтон Дьокуускай куоракка “Туймаада”, “Сахаэкспоцентр”, “Проспект” атыы дьиэлэригэр буолла”, — диэн кэпсиир.
Дьон сааһыттан тутулуга суох киирэллэр-тахсаллар. Үгүстэр тоҕо, тугунан сибээстээн кумааҕы суулаах хара килиэби түҥэтэ туралларын билэллэр.
Галина Алексеева:
— Ленинград блокадата — бу бүтүн норуот алдьархайа. Мин санаабар, харах уута, муҥурданыы, эрэй-муҥ өйдөбүллээх. Бу курдук килиэби түҥэтэн эдэр дьоҥҥо оччотооҕу сэрии сылларын туһунан кэпсиир, сырдатар, аһы-үөлү сыаналаатыннар диэн өйдөбүллээх ыытан эрдэхтэрэ. Тус бэйэм килиэби олус сыаналыыбын, букатын бырахпаппын, — диэн этэр.
Виктор Борисов:
— Дьэ, бу олус бэрт тэрээһин. Былыр сэрии кэмигэр Ленинград блокадатын кэмигэр дууһа баһыгар баччалыы килиэби сиэбиттэрэ диэн киһи саныы-саныы хараастар. Аныгы ыччат бу курдук тэрээһини ыытара хайҕаллаах. Билиҥҥи эдэр дьон үгүстэрэ бу туһунан билбэттэр эбээт. Онон биллэрэ-көрдөрө сатыыр суолталаах, оччотооҕу дьиҥнээх олох көстүүтэ буоллаҕа.
Мин аҕам оччолорго эдэр буолан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбакка хаалбыта. Ыҥырбыттар эрээри, Кэбээйигэ Алаҕартан көһөрүүгэ тиийбит киһи, олус ырыгана бэрдин иһин сыыйыллыбыт. Атын аймахтартан сэрии кыттыылаахтара элбэхтэр, — диэн санаатын үллэстэр.
Манна даҕатан эттэххэ, “Кыайыы волонтердара” хамсааһын быйыл Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылынан киэҥ былааннардаахтар эбит. “Кыайыы волонтердара” хамсааһын – норуоттар икки ардыларынааҕы волонтердар куорпустарын сүрүннээччитинэн буолар. Бастатан туран, волонтердары үөрэтиэхпит, араас пуорумнары, аахсыйалары ыытыахпыт” – диэн Тимур Егоров этэр.
Эдэр волонтердар килиэби кытта түҥэтэр листовкаларыгар: “Ленинград блокадата 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри, барыта 872 күн устата барбыта. Сэрии иннинэ Ленинградка 3 мөл. киһи олорбута. Итинтэн 1 763 120 киһини эвакуациялаабыттара, 431 000 киһи фроҥҥа ыҥырыллыбыта, 1944 сыл тохсунньутугар 557 700 киһи баара биллибитэ” – диэн суруллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: