Саха сирин ыала “Это у нас семейное” күрэс түмүктүүр түһүмэҕэр кыттыаҕа
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар, от ыйын 5-8 күннэригэр “Сенеж” управление мастарыскыайыгар “Россия – страна возможностей” бэрэсидьиэн платформатын “Это у нас семейное” саамай норуодунай күрэһин түмүктүүр түһүмэҕэ буолуоҕа. Күрэскэ дойду араас муннугуттан 300 дьиэ кэргэн кыттыаҕа, ол иһигэр 14 – Уһук Илин уон эрэгийиэниттэн. Кинилэр кэккэлэригэр Мииринэй улууһуттан Гавришевтар, Кузнецовтар, Куркиннар дьиэ кэргэн.
Гавришевтар, Кузнецовтар, Куркиннар дьиэ кэргэн хамаандатыгар Мииринэйтэн тоҕус кыттааччы – ийэлэрэ Виктория, аҕалара Леонид, оҕолоро Максим, Владимир кэргэнинээн Еленалыын, эбээлэрэ Лидия Александровна, Виктория бииргэ төрөөбүтэ Надежда уонна кини оҕолоро Дарья, София. Виктория – Мииринэй куорат хонтуруоллуур-ааҕар балаататын бэрэссэдээтэлэ, Леонид сүүрбэттэн тахса сыл ньиэп, гаас салаатыгар үлэлээн кэллэ, Владимир уонна кини кэргэнэ – быраастар. Эбээлэрэ Лидия Александровна – бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
“Биһиги олус кыһаллыбыппыт, кыайбыппытыттан олус үөрэбит, киэн туттабыт. Дьиэ кэргэн хас биирдии киһитэ сыаналыыр сорудахха бэйэтин көрдөрдө. Түмүктүүр түһүмэххэ тахсарбытыгар түмсүүлээх, соруктаах буолуубут көмөлөстө. Уһук Илин уокурук олус иллээх, биһиги атын дьиэ кэргэттэри кытта доҕордостубут, бэйэ-бэйэбитигэр бэлэх бэристибит, салгыы даҕаны алтыһыахпыт дии саныыбыт” – диэн Саха сириттэн кыттар хамаанда дьиэ кэргэнин хамаандата кэпсиир.
Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, икки күн устата күрэскэ кыттар дьиэ кэргэттэр билии-көрүү, успуорт, айар сорудахтары толоруохтара.
Түөрт күннээх бырагыраамаҕа күрэс эрэ буолбакка, үөрэххэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах аралдьытар бырагыраама эмиэ киирэр: күрэс кэтээн көрөр сэбиэтин, биллиилээх ыалдьыттары кытта көрсүһүүлэр, лиэксийэлэр, айар маастар-кылаастар, кэнсиэрдэр, экскурсиялар, эстэпиэтэлэр, о.д.а. тэрээһиннэр бааллар.
Кыайыылаахтары от ыйын 8 күнүгэр Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүгэр биллэриэхтэрэ. 30 кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьиэни тупсарар усулуобуйалаах 5 мөл. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттарыахтара. Түмүктүүр түһүмэххэ тахсыбыт 300 ыал бары дьиэ кэргэнинэн сынньана барыахтара.
“Это у нас семейное” күрэс саҕаланарын туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин былырыын балаҕан ыйын 1 күнүгэр биллэрбитэ. Күрэскэ кыттар сайаапкатын Арассыыйа бары 89 эрэгийиэниттэн 102 735 дьиэ кэргэн хамаандата 81 дойдуга олорор аймахтарын кытта 587 250 киһи ыыппыта. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: