Саха сирин ыччата байыаннай дьайыыга сылдьар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр
Саха сирин ыччата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна ДНӨ-ҕө уонна ЛНӨ-ҕө уустук балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ көмөлөһөр.
Ол курдук, саҥа эрэгийиэннэр олохтоохторугар туох кыалларынан көмөлөһөллөр. Ол туһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Эдэр Гвардия» диэн Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ гуманитарнай көмөнү оҥорууга волонтердаабыт Александр Румянцев: «Биһиги этиллибит тустаах өрөспүүбүлүкэлэргэ добровольческай хамсааһыны тэрийиигэ бэйэбит кылааппытын киллэрэргэ быһаарыммыппыт. Тиийээт даҕаны Мариупольтан ырааҕа суох баар Никольскай бөһүөлэккэ балаакканан түһэн сыппыппыт. Гуманитарнай көмөнү оҥорбуппут. Ол курдук, дьон Таганрок уонна Ростов-на-Дону диэки баралларыгар көмөлөспүппүт», — диэн кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: