Саха сирин үөрэнээччилэрин “XX үйэҕэ Саха сирин устуоруйата” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ ыҥыраллар

Share

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэл М.К.Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар уонна СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев 85 сааһыгар ананар “XX үйэҕэ Саха сирин устуоруйата” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттарга сайаапкалары хомуйуу саҕаланна.

Суолталаах тэрээһин өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сабыдыаллаабыт XX үйэ устуоруйатын үөрэтэр уонна түмүктүүр, саҥа төрүөттэри булар итиэннэ эрэгийиэн саҥа устуоруйатыгар “үрүҥ бээтинэлэри” суох оҥорор, устуоруйа өйдөбүлүн, кыраайбыт уһулуччулаах диэйэтэллэрин аатын үйэтитэр соруктаах ыытыллар.

Кэмпириэнсийэҕэ өрөспүүбүлүкэ 4-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыахтарын сөп. Үлэ хайысхалара: “Саха сирэ XX үйэ саҕаланыыта”,  “Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ түгэннэрэ уонна гражданскай сэрии”, “Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын устуоруйата”, “Саха сиригэр бырамыысыланнас, тутуу, тырааныспар сайдыытын устуоруйата”, “XX үйэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ култуура сайдыыта”,  “XX үйэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ билим уонна үөрэх сайдыыта”, “Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар”, “Саха сирин устуоруйатыгар уһулуччулаах дьон”. Кэмпириэнсийэ нууччалыы, сахалыы тылынан барар.

Кэмпириэнсийэҕэ кыттыыга сайаапканы 2022 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри konf.hist.yak@mail.ru эл. аадырыска ылаллар. Дакылааттары, презентациялары konf.hist.yak@mail.ru эл. аадырыска ыытар ирдэнэр. Үлэлэри ылыы 2022 сыл сэтинньи 25 күнүнэн түмүктэнэр.

Финалистар бэйэлэрин дакылааттарын 2022 сыл ахсынньы 1-2 күннэригэр олоҕурбут (очно) уонна кэтэхтэн көрүҥүнэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ ааҕыахтара. Кыайыылаахтарга дьупулуомнары уонна бэлэхтэри – бэлэххэ барар справочнай-энциклопедическай таһаарыылары туттарыахтара. Бастыҥ үлэлэри “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттарга мэктиэлиэхтэрэ.

Сиһилии 8-962-733-09-72 (Марианна Грязнухина) ыйыталаһыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago