Саха сирин үгүс өттүгэр +32С кыраадыска диэри итийиэ
Үлэ нэдиэлэтин бүтэһик күнүгэр Саха сирин синоптиктара киин улуустарынан арҕаа өттүгэр быстах ардах, күнүс этиҥнээх ардах түһэрин сылыктыыллар.
Саха сиригэр киин улуустарынан арҕаа өттүгэр, соҕуруу улуустарынан быстах ардах, күнүс сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ. Соҕуруу Арктика кытылынан уонна Халыма аллараа тардыытынан кыралаан ардыыр. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх дохсун тыалырыа.
Салгын температурата түүн +11+16°С, хотугулуу-илин, хоту +4+9°С, күнүс +22+27°С, ардах түстэҕинэ +17+22°С кыраадыс сылаас, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, хотугулуу-арҕаа, Усуйаанаҕа, киин улуустарга, соҕуруулуу-илин +27+32° кыраадыска диэри итийиэ.
Дьокуускайга сарсыарда сөҥүүтэ суох, күнүстэн киэһэлик быстах ардах, сорох кэмигэр этиҥнээх ардах түһэрэ сабаҕаланар. Соҕуруу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх күүстээх тыалырыа. Салгын температурата түүн +13+15°С, күнүс +26+28°С кыраадыс сылаас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: