Салгыы
Саха сирин үгүс өттүгэр быстах ардах уонна күүстээх тыал түһүөҕэ

Саха сирин үгүс өттүгэр быстах ардах уонна күүстээх тыал түһүөҕэ

Ааптар:
30.06.2024, 07:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ый бүтэһик күнүгэр, күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр Саха сирин үгүс өттүгэр  быстах ардах уонна күүстээх тыал түһэрин билгэлииллэр.

Соҕуруулуу-илин уонна Халымаҕа быстах кыралаан ардыыр, арҕаа, хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ өрүс  аллараа тардыытынан уонна Үөһээ Дьааҥыга быстах ардахтаах,  сорох кэмҥэ этиҥнээх ардах түһүөҕэ.

Арктика улуустарыгар кыралаан ардах түһэрэ күүтүллэр. Саха сирин үгүс өттүгэр сөкүүндэҕэ 9-14 м/с  түргэннээх күүстээх тыаллаах, этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м/с диэри түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ сылыктанар.

Салгын температурата түүн +8+13°С, арҕаа +15+20°С, хотугулуу-илин +4+9°С, күнүс +24+29°С, хотугулуу-илин ардах кэмигэр +17+22°С, арҕаа, соҕуруу +30+35°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, былыттаах, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-4 м/с түргэннээх кыра тыаллаах, салгын температурата түүн +12+19°С, күнүс +25+27°С кыраадыс сылаас.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 июля
  • 25°C
  • Ощущается: 25°Влажность: 50% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: