Саха сирин паарата, “Реверанс” үҥкүү-успуорт кулуубун чилиэннэрэ Арылхан Данилов уонна Мила Мазанова Арассыыйаҕа бастыыр иһин икки көрүҥнээх күрэхтэһии түмүгүнэн (европейскай уонна латиноамериканскай бырагыраама) финал 8/1 таҕыстылар уонна 120 паараттан 28-с миэстэ буоллулар. Бу эдэр спортсменнарга улахан ситиһии. Хас биирдии бырагыраамаҕа А кылааска 2,67 бааллыыны ыллылар.
“Реверанс” кулууп салайаачыта Нелли Лилло: “Оҕолор былырыыҥҥыттан ыла улаханнык сайыннылар, былырыын бастакы туурга хаалбыттара. Билигин маастарыстыба көмөтүнэн ылбыт таһымнарын тупсарыахтаахтар. Ис дууһабыттан СӨ Спортивнай үҥкүү сойууһугар, сойуус бэрэсидьиэнэ Людмила Валерьевна Николаеваҕа уонна толорооччу дириэктэр Вячеслав Ефимовка махталбытын биллэрэбит!”, — диэн эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Арылханы уонна Миланы Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ тириэньэр Павел Лопатин бэлэмнээбитэ. Кини: “Арылхан Данилов уонна Мила Мазанова үчүгэй түмүгү ситистилэр. Биллэн турар, салгыы күүскэ үлэлииллэрэ ирдэнэр эрээри, кыаллары барытын оҥордулар. Европейскай систиэмэҕэ түмүк былааннаммыппыт курдук ситиһилиннэ. Хомойуох иһин, 10 үҥкүү бырагырааматыгар баҕарбыт түмүктэрин ылалларыгар букатын кыранан тиийбэтилэр”, — диэн быһаарда.
Онтон спортсменнар бэйэлэрэ маннык санаалаахтар. Арылхан Данилов: “Мин, биллэн турар, түмүктэн астынным. Арассыыйаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ тэҥнээх күрэхтэһии дойдуга үс эрэ баар: Sochi Open, Russian Open Championship уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии бэйэтэ. Үҥкүүһүт үүнэригэр-сайдарыгар бу улахан суолталаахтар. Маннык, Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах турнирга бары эрэгийиэннэртэн сүүмэрдэнэн 125 кэриҥэ паара кэлэр, онтон атын көннөрү турнирдарга 30 паара. Миэхэ күрэхтэһии улахан суолталаах уонна дьоһуннаах тэрээһининэн буолла. Сөбүлээтим эрээри, билигин кыратык сынньана түһүөхпүн баҕарабын”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Милослава Мазанова: “Бу иннинэ Арылханныын бастакы тууртан туораан хаалар этибит, бу сырыыга финал 8/1 таҕыстыбыт, олус үөрдүм! Күрэхтэһии уратыта диэн, улахан долгуйуу: маннык улахан турнирга судьуйаларга кыахпытын барытын көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт. Атын күрэхтэһиилэргэ маннык долгуйуу суох, тоҕо диэтэххэ, кыттар паара да аҕыйах уонна бэйэни көрдөрөр судургу. Мин үҥкүү бу көрүҥүн олус сөбүлүүбүн, кэрэ быһыылаах-таһаалаах буоларга уонна түргэнник толкуйдуурга, саамай сүрүнэ, күүстээх майгыланарга үөрэтэр” – диэн эттэ.
Арылхан ийэтэ Айталина Данилова: “Бу ситиһии – улахан хамнаада сыралаах үлэтин түмүгэ: тириэньэрдэрбит, педагогтарбыт уонна оҕолор бэйэлэрин. Спортивнай үҥкүүгэ саамай уустуга – искусствоны уонна успуорду тэҥҥэ дьүөрэлээһин. Үүнэн эрэр эккэ-сииҥҥэ улахан ноҕурууска сүктэриллэр. Маны таһынан, эмоциялаахтык үҥкүү хараахтарын тиэрдэр ирдэнэр. Киин куораттарга үҥкүүһүт пааралар араас турнирдарга кыттан тиһигин быспакка үүнэллэригэр-сайдалларыгар кыах бэриллэр. Биһиги олус ыраах олоробут, онон күрэхтэһииттэн уопут иҥэринэр уустук. Ол да буоллар биһиги оҕолорбут өрө көтөҕүллэн үлэлииллэр, кыһаллаллар. Тириэнньэрдэрбитигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи Спортивнай үҥкүү сойууһугар уонна Людмила Валерьевнаҕа өйүүллэрин, өйдүүллэрин иһин махтанабыт”, — диэн этэр.
Эдэр спортсменнар ситиһиилэрин туһунан СӨ Спортивнай үҥкүүтүн сойууһун бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева маннык эттэ: “Маҥнай утаа көрдөххө, финал да, бириистээх миэстэ даҕаны буолбатах эрээри, бүтүн Арассыыйа федеральнай уокуруктарын бастыҥ паараларын кытта күрэхтэспиттэрин учуоттаатахха, түмүгү көрдөрүүгэ биһиги Сойууспутугар улахан өрө тахсыы буолар. Арылхан уонна Милослава эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымнаах ситиһиилэринэн биһигини уруккуттан үөрдэллэр. Билигин, 2024 сылга Дьокуускайга ыытылыахтаах “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууга кыттарга бэлэмнэнэллэр, норуоттар икки ардыларынааҕы былаһааккаҕа холоноллоро күүтүллэр. Спортсменнарбыт салгыы үүнэллэригэр баҕарабыт!”.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…