Салгыы
Саха сирин үрдүнэн 15 тыһыынчаттан тахса оҕо маҥнайгы кылааска киириэҕэ

Саха сирин үрдүнэн 15 тыһыынчаттан тахса оҕо маҥнайгы кылааска киириэҕэ

30.08.2024, 15:21
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Быйыл күһүн саҥа  үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15 тыһыынчаттан тахса оҕо маҥнайгы кылааска киириэҕэ. Бу туһунан  СӨ үөрэҕин уонна билимин  миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 153 тыһыынчаттан тахса оҕо оскуолаҕа үөрэниэҕэ.

«Информационнай портал нөҥүө оскуолаларга маҥнайгы кылааска суруйтарыы үлэтэ салҕанар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15 тыһыынчаттан тахса оҕо оскуолаҕа киирэрэ күүтүллэр. Бу сылга Саха сирин 630 оскуолатыгар уопсайа 153 тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэниэҕэ», — диэн брифинг кэмигэр миниистири  солбуйааччы  иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, үөрэх кыһаларын эбийиэктэрэ саҥа үөрэх дьылыгар 100% бэлэмнэр. Бу күннэргэ эрэгийиэҥҥэ икки саҥа оскуола аһыллыаҕа. Эбийиэктэр «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубуттара.  Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  үөрэх систиэмэтин модернизациялааһын федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн алта оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Ону таһынан 186 оскуолаҕа кыра өрөмүөннэр ыытыллыбыттар.

Оҕо уһуйаанын туһунан этэр буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ бу сылга 746 уһуйаан арылларга бэлэм. Уһуйааҥҥа 66 тыһыынчаттан тахса оҕо барыаҕа.

Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларынан оскуолаларга саҥа биридимиэттэр киириэхтэрэ. «Семьеведение» диэн саҥа уруок эрдэҕэс саастаах оҕолорго дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан, эппиэтинэс, убаастабыл туһунан үөрэтиэҕэ. Ону сэргэ «Технология» уруога оҕолорго саҥа сатабылга, дьоҕурга үөрэтиэҕэ. Ол курдук бырагыраама, кибербезопасность курдук саҥа цифровой эйгэҕэ хайысхалыаҕа. Ону таһынан «Основы безопасности и защиты Родины» диэн дойдуга бэриниилээх буолууга туһуланар уруок эбиллиэҕэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: