Саха сирин үс тыйаатыра “Кыһыл көмүс мааскаҕа” түһэрилиннэ
26.12.2024, 14:00
Хаартыска: тыйаатырдар архыыптарыттан
Бөлөххө киир:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра уонна Куукула тыйаатыра “Кыһыл көмүс мааска” Арассыыйа национальнай театральнай бириэмийэтигэр кыттарга номинаннарынан ааттаннылар.
Эспиэртэр сэбиэттэрэ 2024-2025 сс. барыллаан талыыны 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн саҕалаабыта.
Ол курдук, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Антон Ботаков режиссердаах «Мин баар буолуохтаах хаартыскам», Опера уонна балет тыйаатыра Екатерина Тайшина туруоруутугар “Күлүмнүүр таас” (“Сияющий камень”), Куукула тыйаатыра Алексей Иванов режиссердаах “Изергиль эмээхсин” үлэлэри көрдүлэр.
“Кыһыл көмүс мааска” бэстибээл түмүгэ Москваҕа 2025 сыл муус устар-ыам ыйдарыгар таһаарыллыаҕа.
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: