“РНА СС Саха сиринээҕи билим киинэ” Федеральнай чинчийэр киин быйыл төрүттэммитэ 75 сыла. Бу үбүлүөйдээх даатанан быйыл билим-чинчийэр кииҥҥэ араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ билим институттарын салайааччылара кэлэн, туох үлэни, чинчийиилэри оҥоро сылдьалларын, былааннаахтарын кэпсээтилэр, ыйытыыларга эппиэттээтилэр.
Пресс-кэмпэриэнсийэни иилээн-саҕалаан ыыппыт үөрэх, билим миниистирин I солбуйааччы Михаил Присяжнай академическай билимҥэ кэлиҥҥи 5 сылга бара турар үлэни билиһиннэрдэ. Оскуола оҕолорун билимҥэ тардар аһаҕас былаһааккалар, “Наука+” бэстибээл, аспираннары элбэтэр үлэлэр утумнаахтык баралларын, биэс сыл иһигэр национальнай бырайыактар чэрчилэринэн хас да арыйыыны оҥорбуттарын, ситиспиттэрин бэлиэтээтэ. Үбүлүөйдээх сылынан учуонайдар дьиэ кэргэттэрин династияларын кытта көрсүһүүлэри тэрийэр үтүө үгэс олохтоммутун иһитиннэрдэ.
РНА СС Саха сиринээҕи билим киинин генеральнай дириэктэрэ Михаил Лебедев, билигин Саха сирин билимин биир дьоһун тутаах хайысхатынан хотугу арктическай сирдэри сайыннарыы, дьиссипилиинэлэр икки ардыларынааҕы чинчийиилэр ыытыы, утумнааһын, о.д.а. үлэ бара турарын эттэ. “6 ыччат лабаратыарыйата оҥоһулунна, кинилэр аныгы фундаментальнай билиилэринэн биһиги дойдубутугар наадалааҕы оҥоруохтара, аан дойду таһымыгар да тахсыахтара”, — диэтэ Михаил Петрович. Бу кэнниттэн кини хас да көлүөнэ учуонайдары ииппит Варламовтар дьиэ кэргэннэригэр илгэлээх чороону бэлэх уунна.
Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун дириэктэрэ Иннокентий Охлопков быйыл тэриллибит “Полет стерха” бырайыак туһунан иһитиннэрдэ.
“Биологическай институт тэриллиэҕиттэн кыталыгы харыстыыр, чинчийэр үлэни ыытан кэллэ. Ол саҕана 200-чэкэ кыталык хаалбыт диэн этэ. Оттон өр сылларга ыытыллыбыт үлэ түмүгүнэн бу күһүҥҥү бүтэһик ааҕыыга 6 тыһыынчаттан тахсыбыттара билиннэ. Бу улахан үлэ научнай төрүттээх барбытын туоһутунан сүтэн эрэр көрүҥү ахсаанын элбэттибит. Элбэх тэрилтэни кытта бииргэ үлэлиибит. Манна аан дойдутааҕы уопсастыбаннас оруола эмиэ улахан, ол курдук кытай кэллиэгэлэрбитин кытта бииргэ үлэлиибит. Биһиги кыталыкпыт онно баран кыстыыр, былырыын бара сылдьан 5500 кыталык баарын аахпыппыт. Оттон 90-с сылларга үлэни саҕалыырбытыгар кыстыыр сирдэригэр 2000 кыталык баара. Биһиэхэ төрүүр-ууһур өттө көтөн кэлэр, кыра уонна кырдьаҕас өттүлэрэ Кытайга хаалаллар”, — диэн Иннокентий Охлопков бу бырайыак кэҥээн, кыталык аараан ааһар сиригэр Томпо улууһун Охотскай Перевоз бөһүөлэгэр орнитологическай база тэриллэрэ былааннаммытын кэпсээтэ.
Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларыгар уонна гуманитарнай чинчийиилэргэ институт дириэктэрэ Сардана Боякова эһиил балаҕан ыйыгар институт төрүттэммитэ 90 сааһын туоларын иһитиннэрдэ. Институт билигин уон араас хайысханан үлэлиирин кэпсээтэ
“Тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр киһи Арктиканы баһылаабыта, уонна циркумполярнай цивилизацияны олохтообута, ол аата айылҕаны кытта алтыһан олоруу. Оннооҕор тымныыны бэйэтин туһатыгар эргиппитэ. Саамай кылаабынайа, тымныы биһиги менталитеппытын уонна духуобунай култуурабытын быһаарар оруолламмыта”, — диэтэ.
Салгыы Сардаана Боякова тылдьыттары оҥоруу саҥа таһымҥа – цифровизцияҕа тахсыбытын эттэ. Маннык үлэ Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын тылларыгар эмиэ ыытыллар. Үс туомнаах монголлуу-нууччалыы-сахалыы тылдьыт оҥоһуллаары бэлэмнэнэ сылдьарын кэпсээтэ. Төрүт олохтоох омуктар этногенезистэрин үөрэтии, чинчийии эмиэ бара турар. Былырыын Уралтан бэттэх соҕотох интеллектуальнай устуоруйа киинэ тэриллибит.
Пресс-кэмпэриэнсийэҕэ кыттыбыт атын билим институттара эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин, чинчийиилэрин билиһиннэрдилэр.
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…