СӨ ОДьКХ-тын судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэтэ атын хайысхаларынан эмиэ сайдар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ кытаанах хомунаалынай бөҕү харайыыга улахан бырайыактары оҥорор.
Ол курдук, инники былааны торумнуурга Ил Дархан Айсен Николаев уонна тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев кэпсэттилэр. Ил Дархан кыстыкка киириигэ үлэ хаамыыта хайдаҕын, төһө бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ. Атырдьах ыйын 8 күнүттэн оттук үлэтэ Аллайыаха оройуонуттан саҕаланыаҕа. Виталий Чикачев Ил Дархаҥҥа эрдэ туруоруллубут соруктарынан үлэ хаамыытын, ону сэргэ национальнай бырайыактар чэрчилэринэн эбийиэктэри саҥардыы үлэтин эмиэ көрдөрдө.
«Фонд развития территорий» диэн бырагыраама хайысхатынан былырыын «Восток-1» 18 МВт кыамталаах механизированнай хочуолунай үлэҕэ киирбит, онон ньиэбинэн оттуллар икки хочуолунай сабыллыбыт. 2024 сылга тоҕус хочуолунай тутуллуоҕа, онон үлэлиир болдьохторо ырааппыт 15 хочуолунай алта оройуоҥҥа саҥардыллыаҕа.
«Жилье и городская среда» диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырагыраама киллэриллэр. 2021 сыл бастакы түһүмэҕэр, Өлүөхүмэ оройуонугар cууккаҕа 2 400 кубометр кыамталаах ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрбиттэрэ, ол түмүгэр аҕыс тыһыынча олохтоох ыраас уунан хааччыллыбыта. Билигин икки түһүмэххэ үлэ барар. Былырыын бу бырагырааманан Амма улууһун Алтан уонна Амма нэһилиэктэрин, Дьааҥы улууһун Баатаҕайын, Хаҥалас улууһун Үөһээ Бэстээх нэһилиэктэрин уунан хааччыйыы эбийиэктэрин тутуу саҕаламмыта.
Кытаанах хомунаалынай бөҕү харайыыга саҥа хайысхалар бааллар. Ол курдук алта арктическай оройуоҥҥа бөҕү уматар установкалар оҥоһуллубуттар. Ол иһигэр Чокуурдаахха эмиэ оҥоһуллубут. Маны сэргэ, кытаанах хомунаалынай бөҕү харайыыга саҥа полигоны тутуу үлэтэ Дьокуускайга ыытыллар. Быйыл үлэтин саҕалыахтаах. Билиҥҥи туругунан, полигон 80% бүтэн турар.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…