«Арассыыйа — кыахтары сайыннарар дойду» бэрэсидьиэн платформатын Бүтүн Арассыыйатаҕы “Уһуйааччы” куонкуруһугар Саха сириттэн 133 киһи кыттыаҕа. Официальнай саайтка Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уопсайа 24 739 киһи регистрацияламмыт.
«Уһуйааччы» — бу дойдуга бастыҥ уһуйааччыны быһаарарга уонна өйүүргэ, ону тэҥэ усулуобуйаны тэрийиигэ, сайыннарыыга, кэҥэтиигэ туһуламмыт куонкурус буолар. Манна 18 саастарыттан үөһээ кыттыахтарын сөп.
«Арассыыйа — кыахтары сайыннарар дойду» бэрэсидьиэн платформатыгар биһиги алта сыл устата уһуйааччы үлэтин тиһигин сайыннарабыт итиэннэ олоххо бэйэтин үөрүйэҕин туһанан ыйан, сүбэлээн биэрэр, бэйэ бырайыагын олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр уһуйааччы суолтатын өйдүүбүт. «Уһуйаачы» куонкуруска биһиги дьоҕуру быһаарар уонна сайыннарары билэр, ону сэргэ бастыҥ быраактыканы киэҥник тарҕатар тэрилтэлэр, түмсүүлэр уопуттарын түмтүбүт, холбоотубут. Манна кыттарга 36 саастарын ааспыттар элбэхтэр. Маныаха бу күөн күрэс кинилэргэ элбэх кыаҕы биэрэр, салгыы сайдалларыгар, үөрэнэргэ, уо.д.а.«, — диэн этэр «Сенеж» мастерской управлениетын ректора, «Арассыыйа — кыахтары сайыннарар дойду» АНО толорооччу дириэктэрэ Андрей Бетин.
Куонкурус икки хайысханан ыытыллар. «Сыл уһуйааччыта» уонна «Лучшие практики наставничества». Баҕалаахтар ики хайысхаҕа кыттыахтарын сөп. Кыттааччылар түөрт номинацияттан биирдиини талбыттар: наставник/наставничество на производстве, в сфере образования, в социальной сфере и общественной деятельности, на государственной и муниципальной службе.
Ыраахтан сүүмэрдиир түһүмэх алтынньы 27 күнүгэр түмүктэммитэ. Кыттааччылар резюмеларын эбэтэр каадыр сулууспатын рекомендацияларын биэрбиттэр, ону сэргэ бэйэлэрин туһунан билиһиннэрэр видео-визиткалаахтар.
Бары сайаапкалары бэрэбиэркэлээһин кэнниттэн, экспертнэй талыы буолар. Ол түмүгүнэн, кыайыылаахтар быһаарыллаллар, кинилэр түмүккэ бэйэлэрин эрэгийиэннэриттэн кытталлар.
Түмүктүүр очнай түһүмэх 2024 сыл ахсынньы 17-19 күннэригэр «Уһуйааччылар бэстибээллэрэ» киэбинэн ыытыллыа. Кыттааччылар бэйэлэрин, быраактыкаларын туһунан сырдатыахтара, кэллиэгэлэрин сыанабылларын ылыахтара, үөрэтэр бырагыраамаҕа кыттыахтара.
Куонкуруһу РФ үөрэх министиэристибэтэ, РФ наука уонна үрдүк үөрэх министиэристибэтэ, РФ үлэ уонна социальнай көмүскэллээх буолуу министиэристибэтэ, ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба тэрийэллэр. Күрэс опуратордарынан «Уһуйааччы» АНО «Арассыыйа — кыахтары сайыннарар дойду», уонна профессиональнай үөрэҕи сайыннарыы института буолаллар.
Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр…
"Доруобуйа" доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматынан Үөһээ Бүлүү улуустааҕы балыыһатыгар кэнники икки сыл…
Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 2024 сыл тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар ааспыт сыл бу кэминээҕэр 108,6%…
Аптеката суох нэһилиэктэргэ уонна бөһүөлэктэргэ дьону-сэргэни эминэн-томунан хааччыйар туһуттан мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр 365 пуун аһыллан үлэлиир.…
Инсульт диэн тугуй? Киһи уорганыгар ыарыы дьайыыта. Инсульт (лат. Insultus «охсуу»). Инсульт сэрэппэккэ кэлэр ыарыы, мэйии…
Артыыс өрөгөйдөөх күнүгэр лыык курдук тоҕуоруспут көрөөччү иннигэр, хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтэтэн оонньуура, этэрэ-тыынара --…