Саха сириттэн байыаннай дьайыы хонуутугар уочараттаах көмө баартыйата тиэрдилиннэ
Саха сирин тирэх пууннарыттан биирдэстэригэр байыаннай дьайыы хонуутугар байыастарга массыыналары туттардылар.
Ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр тырааныспарынан улахан баартыйа гуманитарнай көмөнү, ол иһигэр таба тириитин тиэртилэр.
Бу туһунан ЛНӨ уонн ДНӨ Саха сирин тирэх пууннарын сүрүн координатора Юстас диэн позывнойдаах байыас иһитиннэрдэ.
«Таба тириитэ байыастарга эбии экипировка быһыытынан көрүллүбүтэ олус үчүгэй. ДНӨ уонна ДНӨ Саха сирин тирэх пууннарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэллэрэ үлэлииллэр. Кинилэр тирэх пууннарын үлэһиттэрин быһаччы көмөтүнэн аадырыстаах баһыылкалары, матаһыыкыллары уонна араас надаалаах тэриллэри туттардылар», — диэн сүрүн координатор бэлиэтээтэ.
Юстас Саха сирин тирэх пууннара штатнай эрсимиинэн үлэлииллэрин, өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорбут соруктарын олохтоммут болдьоҕор толороллорун туһунан бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: