Саха сириттэн байыаннай дьайыыга “ЯКТ Сокол” квадроцикллары тириэрдии салҕанар
“ТОР Патриотическая” федеральнай бырагырааманан байыаннай дьайыы бара турар сиригэр “ЯКТ Сокол” квадроцикллары тириэрдии салҕанар. Ити туһунан алтынньы 23 күнүгэр СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
“Бүгүн өрөспүүбүлүкэ биир тирэх пуунугар уочараттаах тиксэрии кэлэр. Собуокка өссө хас даҕаны квадроциклы ыытарга бэлэмнээн тураллар”,– диэн миниистир бэлиэтиир. Дмитрий Лепчиков Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин аатыттан бу күннэргэ “ЯКТ Сокол” квадроцикллары туттарбытын санатта. Өссө хас даҕаны чааска Саха сиригэр оҥоһуллубут мототиэхиньикэҕэ сэртипикээттэри биэрбитэ.
“Ону тэҥэ, дрону ытар саалары, “ЯКТ Сокол” саппаас чааһын, байыастар эбии көрдөөбүт радиостанцияларын, электроматасыыкылларын, эмп-томп, кэтээн көрөр тэрили уонна пилота суох көтөр аппарааттарга ирдэнэр тэриллэр тириэрдиллибиттэрэ”, – диэн кини иһитиннэрдэ. Тирэх пууннарга гуманитарнай таһаҕаһы, ол иһигэр тиэхиньикэни, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ хомуйбут көмөлөрүн, байыаннай сулууспалаахтарга гуманитарнай көмөлөөх аадырыстаах баһыылкалары таһыы салҕанар.
“Уочараттаах көмөнү бу нэдиэлэҕэ ыытыахпыт. Ону таһынан, “Боотур” баҕа өттүнэн кыттааччылар этэрээттэрин өйүүбүт, саҥа барар этэрээти тэрийэн-бэрийэн ыыттыбыт” – диэн Дмитрий Лепчиков этэр.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: