Салгыы
Саха сириттэн байыастар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар

Саха сириттэн байыастар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар

Ааптар:
02.01.2026, 17:00
Хаартыска: Сахагов.ру
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ Саха сириттэн сылдьар байыаннай дьайыв байыастапа өрөспүүбүлүкэттэн Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар.

Байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Саха сирин тирэх пууннарын сүрүн координатора «Юстас» диэн позывнойдаах байыас иһитиннэрбитинэн, соторутааҕыта Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр анал массыына рейсинэн өрөспүүбүлүкэттэн 20-тэн тахса туонна бэлэҕи тиэрдибиттэр.

Саҥа дьылга анаан байыаннай сулууспалаахтарга  Саха сирин олохтоохторо минньигэс бэлэхтэри бэлэмнээтилэр – саха аһын дэлэгэйэ: балык, эт бородууксуйата, уулаах отон сироба, саахардаах дьэдьэн.

«Биһиги маннык баһыылкалары Саҥа дьыл иннинэ эрэ буолбакка, атын да бырааһынньыктарга ыытабыт. Бу номнуо үгэскэ кубулуйда – биһиги уолаттарбытын саамай суолталаах күннэргэ өйүүр. Хас биирдиилэрэ төрөөбүт дьиэтин болҕомтотун уонна эргиллэн кэлэллэрин кэтэһэр дьон сылаас сыһыанын билиилэрэ-көрүүлэрэ миэхэ олус улахан суолталаах. Бу биһиги барыбытыгар суолталаах. Саха сирэ бэйэтин көмүскээччилэрин кытта мэлдьи бииргэ уонна биһиги уопсай Кыайыыбытыгар эрэллээхтик хардыылыыбыт», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

ДНӨ-гэр баар тирэх пуун үлэһиттэрэ РФ Сэбилэниилээх күүстэрин илин уонна соҕурууҥҥу бөлөхтөрүгэр сулууспалыы сылдьар буойуннарга бырааһынньыктааҕы набордары тутатына тиэрдиигэ туруннулар. Маҥнайгы күннэргэ бэлэхтэр үгүс өттүн байыаннай сулууспалаахтарга тиэрдэн ситистилэр.

2025 сылга байыаннай дьайыы зонатыгар Саха сирин тирэх пууннарын үлэһиттэрэ тыһыынча кэриҥэ сырыыны оҥордулар. Буойуннарга 8 тыһыынча кэриҥэ аадырыстаах баһыылка тиэрдилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ 29 муниципальнай оройуонуттан 52 дэлэгээссийэни арыаллааһын хааччылынна. Сүүһүнэн ахсааннаах тиэхиньикэ уонна 377-тэн тахса туонна гуманитарнай таһаҕас тиэрдилиннэ.

Бары сонуннар
Салгыы
2 января
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: