Саха сириттэн байыастарга тиэхиньикэ ыытыллар
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр, «Россия 24» ханаалга «Саха» ГТРК «Прямой разговор» биэриитигэр кытынна.
Быһа биэрии кэмигэр өрөспүүбүлүкэ байыастарга тиһиктээхтик көмөлөһө олорорун бэлиэтээтэ. «Биир да күн тохтоло суох үлэ ыытыллар. Мин тус бэйэм бу үлэни хонтуруолга тутабын«, — диэтэ кини.
«Билигин бастатан туран тиэхиньикэнэн уонна тэрилинэн көмөлөһөбүт, байыаннай чаастар командованиеларын сайаапкаларынан. Үрдүк технологиялаах уонна кинилэргэ ирдэнэр тиэхиньикэҕэ болҕомто ууруллар. Бу пилота суох аппарааттар, «Сокол» квадроцикллар уонна да атын аналлаах тиэхиньикэлэр. Балар байыастарбытыгар олус наадалаахтар«, — диир Айсен Николаев.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар көхтөөхтүк көмөлөһө олороллоругар махтанна.
«Саха сирин улуустарыттан өрөспүүбүлүкэ тирэх пууннарынан биһиги байыастарбытыгар наадалаах гуманитарнай көмө ыытыллар, ас-үөл, таҥас-сап уонна да атын наадалаах мал-сал«, — диэтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаҕак Андрей Сорокин түшһэриитэ, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: