«Якутия» АХ бортпроводницата Марина Докторова «Топ стюардесс – 2024» норуоттар икки ардыларынааҕы кэрэ көстүү уонна талаан көрдөрүүтүн престижнэй куонкурс финалыгар таҕыста.
75 кыттааччыттан полуфинал аныгыскы түһүмэҕэр барыта 35 кыыс таҕыста диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Марина Докторова 25 саастаах, хампаанньаҕа үлэтин ыстааһа — 3 сыл. Үөрэҕинэн режиссер идэлээх. Билигин кыыс үлэни уонна үөрэҕи тэҥҥэ дьүөрэлиир. «Авиация мин олохпор саамай чаҕылхай иэйиилэри киллэрбитэ. Мин үлэбэр саамай сөбүлүүрүм — пассажирдары көрсөрбөр кинилэр мичээрдииллэрин көрөрүм буолар», — диэн санаатын үллэһиннэ Марина Докторова.
Куонкуруска барыта икки тыһыынчаттан тахса стюардесса сайаапка биэрбит. Сайаапканы Марина Докторова бэс ыйыгар биэрбит, ол кэннэ от ыйын 12 күнүгэр кастинг ааһыахтаах эбит да, кинини бу түһүмэҕэ суох полуфиналист ахсааныгар талбыттар. Полуфинал балаҕан ыйын 9-10 күннэригэр Москваҕа буолан ааспыт. Марина полуфинал бары сорудахтарын толорон, 35 финалист ахсааныгар киирбит.
Куонкурус финала бу сыл алтынньы 23 күнүгэр Москва куорат «Внуково» култуура киинигэр ыытыллыаҕа. «Топ стюардесс – 2024» куонкурус 2014 сылтан ыытыллар уонна бортопроводник идэтин киэҥ араҥаҕа үрдэтиигэ ананар.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…