Саха сириттэн быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга «суһал лииньийэ» тэрилиннэ
22.10.2022, 11:38
Бөлөххө киир:
Саха сириттэн быстах хомуурга тиийбиттэр үөскээбит кыһалҕаны түүн-күнүс быһаартаралларыгар аналлаах «суһал лииньийэ» тэрилиннэ.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап салайааччытын солбуйааччы, СӨ нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэр пууҥҥа сылдьан кэпсээтэ.
Дмитрий Николаевич түмэр пууҥҥа кэлбит дьоҥҥо усулуобуйаны тэрийии хайдаҕын-тугун билистэ, көрдө-иһиттэ. Кини быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары кытта кэпсэттэ, этиилэрин иһиттэ уонна төлөпүөн анал нүөмэрдэрин биэртэлээтэ.
Дмитрий Николаевич түмэр пууҥҥа кэлбит дьоҥҥо усулуобуйаны тэрийии хайдаҕын-тугун билистэ, көрдө-иһиттэ. Кини быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары кытта кэпсэттэ, этиилэрин иһиттэ уонна төлөпүөн анал нүөмэрдэрин биэртэлээтэ.
«Уолаттар настарыанньалара бойобуой, төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ бэлэмнэр. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан Саха сириттэн ыҥырыллыбыттарга сөптөөх көмө оҥоһуллуохтаах. Суһал ыстаап итини быһаарыыга күүскэ үлэлиир. Байыастарга «суһал лииньийэ» анал нүөмэрэ баар буолла», — диэн Дмитрий Лепчиков быһаарда.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап Саха сириттэн быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга эбии байыаннай таҥаһынан-сабынан хааччыйарга анал испииһэги оҥордо. Бүгүн маны быһаарар инниттэн эбии хантараагы түһэрсиигэ уонна тустаах таһаҕаһы илдьиигэ логистика ситимин быһаарыы үлэтэ ыытыллар.
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: