Ыраахтааҕы былааһын саҕана Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыы биир саамай дьулаан накаастабыл этэ. “Күлүүһэ суох хаайыыга” утаарыллыбыт киһи уураахтаммыт болдьоҕо бүтүөр диэри ууга тааһы бырахпыттыы симэлийэрэ. Ол эрэн, ама, күрээбит киһи диэн суоҕа буолуо дуо? Хайдах суох буолуохтарай, күрүүр туһунан хас биирдии күһэйии быһыытынан кэлбит киһи толкуйдуура. Ол эрэн, “улахан сиргэ” тыыннаах тиийбиттэрэ ахсааннаах. Бүгүн биир ситиһиилээхтик күрээбит дьахтар туһунан билиһиннэриэм.
XVII-XVIII үйэлэргэ Саха сириттэн күрүүргэ санаммыт киһи былаана туолара бэрт саарбах этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕынан соломмут суолунан айанныыр хас биирдии киһи аата-суола биллэрэ. Бу суолунан саспакка да аттаммыт киһи балтараа сыллаах айаны тулуйара саарбаҕа. Хас даҕаны ыраахтааҕы дьүүлүгэр ыҥырыллыбыт бойобуодалар Москваҕа тиийбэккэ, суолга ыалдьан өлбүттэрэ биллэр. Онон тайҕанан көҥүл диэки күрээбиттэр туһунан этэ да барыллыбат. Саха сирин туоруу иликтэринэ, кыһыҥҥа баттатан суор аһылыга буолбуттара саарбаҕа суох.
Ол эрэн, XIX үйэ ортотуттан атын балаһыанньа үөскээбитэ. Бастатан туран, сырыы үксээбитэ. Саха сириттэн Иркутскай кыраай диэки күннэтэ дьаамсыктар, эргиэмсиктэр, көмүс бириискэ үлэһиттэрэ уо.д.а. быыстала суох сыбыытыыллара. Онон дьон быыһыгар сүтэн сыылкаттан төлө көтөр кыах улааппыта. Сорох күрээччилэр судургутук Өлүөнэ өрүһүнэн устар борохуокка билиэт атыылаһан куота сатаабыттарын туһунан араас суруйууларга бэлиэтэммит. Иккиһинэн, суолунан айан лаппа кылгаабыта. Арассыыйа арҕаа өттүгэр тиийэр туһугар Урал хайаларын ат көлөнөн туоруу сатаабакка, Иркутскайга диэри тиийиэххэ наада этэ. Иркутскайга диэри тардыллыбыт тимир суолга тиийбит күрүөйэххэ киэҥ аартык арыллара.
Мария Эссен 1902 сыллаахха Өлүөхүмэҕэ сыылкаҕа кэлэн баран ол кыһын (!) ситиһиилээхтик күрээбитинэн биллэр. Өлүөхүмэ куоракка сыылкаламмыт дьон кинини өйдөтө сатаабыттар: “Саха сириттэн ситиһиилээхтик күрээбит дьон суохтарын кэриэтэ! Оттон эйиэхэ, дьахтар киһиэхэ, сүүс төгүл уустук буолуо – күрүөйэх хаатыргалаахтар өлөрүөхтэрэ эбэтэр тымныыны тулуйбакка, тыыныҥ быстыа!”
Мария Моисеевна Эссен туһунан бүгүн өйдүүр киһи бэрт аҕыйах буолуохтаах. Оттон сэбиэскэй былаас кэмигэр бу дьахтар туһунан Саха сиригэр бэрт элбэхтик суруйаллара. Буолумуна, кини Владимир Ильич Ленины кытта өрөбөлүүссүйэ иннинэ үлэлээбит чугас соратнига, “Искра” хаһыаты оҥорууга улахан кылаатын киллэрбит төлөннөөх революционерка этэ. Саха сиригэр маннык таһымнаах өрөбөлүүссүйэ оҥоруутугар өҥөлөөх сыылынайдар тарбахха баттаналлар.
Мария Эссен 1902 сыллаахха Өлүөхүмэҕэ сыылкаҕа кэлэн баран, ол кыһын (!) ситиһиилээхтик күрээбитинэн биллэр. Өлүөхүмэ куоракка сыылкаламмыт дьон кинини өйдөтө сатаабыттар: “Саха сириттэн ситиһиилээхтик күрээбит дьон суохтарын кэриэтэ! Оттон эйиэхэ, дьахтар киһиэхэ, сүүс төгүл уустук буолуо. Күрүөйэх хаатыргалаахтар өлөрүөхтэрэ эбэтэр тымныыны тулуйбакка тыыныҥ быстыа!”
Ол эрэн, Мария Моисеевна ыарахаттартан чаҕыйбат, өйө-санаата аҥаардас өрөбөлүүссүйэни чугаһатыы эрэ туһугар үлэлиир, туспа оҥоһуулаах киһи этэ. Күрүүр туһунан бириигэбэри истибит күнүттэн саныы сылдьыбыт.
Ити кэмҥэ Өлүөхүмэҕэ элбэх судаарыскай сыылынайдар баар буоланнар, Эссен бэрт сэргэх уопсастыбаҕа түбэспитэ. Улахан көрүү, кэтэбил суох сиригэр, элбэх биир санаалаахтарын ортотугар, бастаан, бу сири көҥүл олох дойдутун курдук ылынар. Ол эрэн, бу “өй баайыы көҥүлэ” буолар диэн быһаарбыта. Сыылынайдар бэрт көхтөөхтүк олороллоро кэпсэнэр. Хоһоон суруйаллар, философиянан үлүһүйэллэр, бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһаллар. Олохтоох дьаһалта кинилэри улаханнык баттаабат. “Баҕардахпытына, манна ыраахтааҕы былааһын самнаран, куораты ылыахпытын сөп” диэн дьээбэлэнэн саҥарарбыт”, – диэн суруйар Эссен. Саха сириттэн күрүүр кыаллыбат диэн өйдөбүл күүскэ олоҕуран, күн аайы сыылынайдары учуоттуохтаах дьаһалта бу үлэни ыыппат.
Ити балаһыанньаны учуоттаан күрүүр былаан оҥоһуллар.
Сыылынайдар, Эссен күрээтэҕинэ, төһө кыалларынан, өр кэмҥэ кини куоракка баарын курдук оҥорорго куомуннаһаллар. Холобур, кини олорор дьиэтин дьахтар бу тахсан барбытын курдук туталлар, таҥаһын ыһаллар, нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэр таҥас сууйааччы дьахтарга туһаныллыбыт утуйар таҥаһы Эссен аатыттан туттараллар. Сорох киэһэлэргэ дьиэтигэр биэчэр тэрийэллэр, ардыгар уулуссанан хаамсарга Мария Моисеевна таҥаһын кэтэн, исправник дьиэтин таһынан ааһаллар, аатынан ааттыыллар. Ити албастара толору туолар, Эссен куоппутун өр кэм устата дьаһалта билбэт.
Ол эрэн, Мария Моисеевнаны күрэтии табыллыбыт сүрүн сылтаҕынан Иркутскайтан күрээн кэлбит Николай Кудрин буолар. Бу дьикти быһыы – күрүөйэх соҕуруу дьулуһуох оннугар Саха сиригэр тиийэр? Дьикти быһыыланыы. Эссен ахтыытыгар Кудрин кинини кытта биир дьыалаҕа түбэспитин кэпсиир. Иккиэн Саха сиригэр сыылкаламмыттарын, Николай ийэтэ хадатаайыстыбалаан, оҕото Иркутскайга хааларын ситиспит. “Ыраахтааҕы чэпчэтиитин кыыһыра истибитэ, Саха сиригэр кэлэн күрүүргэ көмөлөһүөх буолан тылын биэрбитэ”, – диэн суруйар Мария Моисеевна. Ол эрэн, дьыала ыраахтааҕыга абарыыга эрэ буолбатах быһыылаах – ол кэмҥэ олорбут туоһулар Эссен олус кэрэ, эр дьону умсугутар дьахтар этэ диэн суруйаллар. Оннооҕор Надежда Крупская Швейцарияҕа олорон, Ленины бу дьахтарга күнүүлээн иирсээн таһаара сылдьыбыта диэн үһүйээн эмиэ баар.
Өссө биир дьоллоох түгэн – Өлүөхүмэҕэ дьонтон сиэртибэ хомуйа манаах кыыс кэлбитэ. Таҥараҕа итэҕэлэ олус улахана суоҕа биллибит, сотору кэминэн биир сыылынайы кытта таптаһан, олох даҕаны манаах олоҕун кытта быраһаайдаспыта. Кини пааспарын Мария Моисеевнаҕа биэрбитэ, ити курдук, сокуоннай докумуоннаммыта.
Дьэ, Николай Кудрин кэлээтин кытта, күрээһин саҕаламмыта. Эр киһи бириискэҕэ байбыт көмүсчүт аатырбыта, дьахтар Саха сиринэн айан кэмигэр сыарҕаҕа анаан оҥоһуллубут кистэлэҥ дьааһыкка саспыта. Ол кэминээҕи айанньыт сыарҕатыгар ыйдааҕы өйүөтэ, араас үллүнэр таҥас өрөһөлүү тиэйиллэр буолан, биир киһини саһыарар бэрт дөбөҥ эбит. Ыһык астарын сүрүнэ бэлимиэн буолбут – куулга 5 тыһыынча кэриҥэ бэлимиэни тиэнэн, 1902 сыл олунньутугар айаҥҥа туруммуттар. Нохтуйскайга диэри (250 биэрэстэлээх сир) Эссен сыарҕаҕа саһан айаннаабыт. Ат уларытар дьаамнарга бастаан Кудрин соҕотох киирэн күрүөйэх туһунан тэлэгирээмэ кэлбитин суоҕун чуҥнуур эбит, ол эрэ кэнниттэн дьахтар дьиэҕэ киирэн иттэр эбит. Ити курдук икки нэдиэлэ кэриэтэ айаннаабыттар. “Үлтү сахсыллан, этим-сииним олоччу кырбаммыт курдук ыалдьара, ол эрэн, ордук куттанарым, дьаамҥа тэлэгирээмэ ситэн кэлиэ диэн санаа этэ. Тутулуннахпына, сыылкабар өссө болдьох эбиллэрэ саныырга олус ыарахан этэ”.
Нохтуйскайга этэҥҥэ тиийэн, аны манаах таҥаһын таҥнан аһаҕастык айаннаабыттар, 12 хонугунан Иркутскайы булбуттар. Мария Моисеевна бэриниилээх доҕоро Кудрин тиийбит күннэригэр Дьокуускайтан аатырбыт шлиссельбуржец Янович күрээһинэ тэриллэрин истээт, сарсыҥҥы күнүгэр Дьокуускай диэки аттаммыт.
Эссен Иркутскайтан тимир суолга олорон көҥүл диэки айанныы турбут. Ити кэмҥэ өрөбөлүүссүйэ дьоно бэрт күүстээх кистэлэҥ ситимнээхтэрэ көстөр. Ханна да тутуллубакка, кыраныысса таһыгар күрээн Женеваҕа Владимир Ильич Лениҥҥэ тиийбитэ.
Өлүөхүмэ куорат исправнига Эссен күрээбитин туһунан кини кыраныысса таһыгар тахсыбытын эрэ кэнниттэн билбитэ. “Ханна барыай, чугас сылдьара буолуо. Бэҕэһээ эрэ мин дьиэм аттынан ааспыта дии”, – диэбит үһү.
Ити курдук, күүстээх санаалаах киһи кыаллыбат сыалы ситиспитэ, көҥүлгэ куоппута.
Хаартыскалар бикипиэдьийэттэн.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…