Саха сириттэн сылдьар Николай Габайдуллин Голливуд киинэтигэр уһулунна
15.03.2024, 18:03
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн.
Бөлөххө киир:
Саха сириттэн сылдьар Николай Габайдуллин «Дюна» киинэ иккис чааһыгар уһуллубут. Сүрүн оруолу толорбут Голливуд артыыһа Тимоти Шаламены кытта биир сыанаҕа оонньообут.
Киинэни 2022 сыл алтынньытыгар устубуттар. Ол туһунан Николай Габайдуллин социальнай ситимнэригэр кэпсээбит: «Пол диэн ааттаан дьоруойу оонньообут Тимоти Шаламены кытта биир сабыытыйаҕа баар буолан хаалбытым умнуллубат түгэн буолар. Манна Пол норуокка туһаайан этэр, онуоха мин киниэхэ утары турбутум. Вождь оруолун толорбутум».
«Дюна» киинэ иккис чааһа 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн киэҥ экраннарга тахсыбыта диэн СИА суруйар.
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: