Салгыы
Саха сириттэн тоҕус курсаан летчик-наблюдатель идэтигэр үөрэнэр

Саха сириттэн тоҕус курсаан летчик-наблюдатель идэтигэр үөрэнэр

08.02.2024, 16:00
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Пушкино куоракка Бэрдьигэстээх, Бүлүү, Томтор, Баатаҕай, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Дьокуускай уонна Таатта авиационнай отделениеларыттан тоҕус курсаан летчик-наблюдатель идэтигэр үөрэнэ сылдьаллар.

Курсааннар теоретическай чааска билиилэрин хаҥаталлар уонна Ми-8 тренажерга эрчиллэллэр. Кинилэр олунньу бүтүүтэ, кулун тутар саҥата практическай үөрэҕи ааһыахтара.
«Биһиги бу метеорология, салгын навигацията, ойууру баһаартан харыстааһын, радиосибээс уонна да атын үөрэх хайысхаларын бара сылдьабыт. Үөрэхпит этэннэ баран иһэр, тренажерга эрчиллии бүтэрэ чугаһаата, 4-5 көтүү хаалла. Бу нэдиэлэҕэ эксээмэн уонна зачет туттарабыт.
Онтон Владимир диэн куоракка СУ-Р уонна КС-К диэн спусковой тэрилинэн түһэргэ үөрэнэ барыахтаахпыт, ол кэннэ иккитэ парашютунан (ПТЛ-72) ыстаныахтаахпыт. Уопсайга сахалар тоҕус буолан бары бииргэ олоробут», — диэн Дьокуускайдааҕы авиаотделение курсаана Вадим Никонов кэпсээтэ.
Саха сирин курсааннарын кытары Пермскэй уобаластан, Карелияттан, Ямало-Ненецкэйтэн, Камчаткаттан, Хабаровскайтан, Бурятияттан, Томскайтан уонна Казахстантан кытары кэлэн үөрэнэ сылдьаллар.
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата биһиги уолаттарбытынан киэн туттабыт уонна таһаарыылаах үөрэҕи, үрдүк ситиһиини баҕарабыт диэн иһитиннэрэр.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: