Саха спортсмена Семен Ануфриев Словакияҕа мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа буолла
Бу күннэргэ Словакияҕа Бардейове куоракка Марцела Матей аатынан мас-рестлиҥҥэ турнир түмүктэннэ.
Күрэхтэһиигэ аан дойду араас дойдуларын күүстээх спортсменнара кытыннылар — Бразилия, Венгрия, Грузия, Кыргызстан, Польша, Арассыыйа уонна Словакия күүстээх бөҕөстөрө. Бу туһунан «Спорт Якутии» суруйар.
Саха сириттэн Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар аан дойду 2022 сыллааҕы чөмпүйүөнэ Семен Ануфриев кытынна. Кини 80 киилэ диэри ыйааһыҥҥа кииристэ уонна бары хапсыһыыны холкутук ааһан, турнир кыайыылааҕа буолла. Оттон үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэри Словакия бөҕөстөрө Оливеру Курек уонна Адам Харом ыллылар. Күрэхтэһии кэнниттэн Оливер Курек саха спортсменын төрөөбүт Банска Быстрица куоратыгар ыалдьыттыы ыҥырда, кини манна маастарыстыба уруогун ылар санаалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: