Саха спортсменнара Олимпиадаҕа баҕа санааларын толоруохтара
Сардаана Трофимова сотору Парижка баҕа санаатын толоруоҕа. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр чэпчэки атлетикаҕа саха спортсмена Кыргызстан сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Олимпийскай оонньуулар марафонугар сүүрүөҕэ.
Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүмэрдэммит хамаандаларын успуорка бэлэмниир киин иһитиннэрэр. Сардаана успуорка карьератын кэмигэр Францияҕа номнуо алтыс төгүлүн сүүрүөҕэ, оттон Олимпийскай оонньууларга аан бастакытын кыттыаҕа. Бу иннинэ Францияҕа ыыттылыбыт күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Бу күннэргэ Олимпиада кэмигэр саха спортсменнара кыттыылаах күрэхтэр араспысаанньата билиннэ. Ол курдук, Саха сирин бириэмэтинэн, күүтүүлээх күрэхтэр испииһэгэ маннык:
- Владимир Егоров (көҥүл тустуу, 57 кг)
Атырдьах ыйын 8 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;
Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 02:30 — боруонса иһин киирсии; 02:55 — финал.
- Виктор Рассадин (көҥүл тустуу, 74 кг)
Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:30 — квалификация; 18:40 — 1/8 финал; 20:00 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;
Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 02:30 — боруонса иһин киирсии; 02:55 — финал.
- Айаал Лазарев (көҥүл тустуу, 125 кг)
Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:35 — полуфинал;
Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 03:05 — боруонса иһин киирсии; 03:30 — финал.
- Георгий Окороков (көҥүл тустуу, 65 кг)
Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;
Атырдьах ыйын 11 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 19:00 — боруонса иһин киирсии; 19:25 — финал.
- Сардаана Трофимова (чэпчэки атлетика, марафон)
Атырдьах ыйын 11 күнэ: 15:00 — сүүрүү.
Санаттахха, Олимпиада оонньууларын Арассыыйа ханааллара көрдөрбөттөр. Ол эрээри, быһа эпииргэ күрэхтэһиилэри МОК саайтыгар көрүөххэ сөп — https://olympics.com/ru/paris-2024/videos/live — бу манна регистрация ааһыахха уонна сөптөөх күрэх көрүҥүн талыахха наада. Арассыыйа территориятыгар VPN суох үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: