Саха спортсменнара Олимпиадаҕа баҕа санааларын толоруохтара

Share

Сардаана Трофимова сотору Парижка баҕа санаатын толоруоҕа. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр чэпчэки атлетикаҕа саха спортсмена Кыргызстан сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Олимпийскай оонньуулар марафонугар сүүрүөҕэ.

Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүмэрдэммит хамаандаларын успуорка бэлэмниир киин иһитиннэрэр. Сардаана успуорка карьератын кэмигэр Францияҕа номнуо алтыс төгүлүн сүүрүөҕэ, оттон Олимпийскай оонньууларга аан бастакытын кыттыаҕа. Бу иннинэ Францияҕа ыыттылыбыт күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Бу күннэргэ Олимпиада кэмигэр саха спортсменнара кыттыылаах күрэхтэр араспысаанньата билиннэ. Ол курдук, Саха сирин бириэмэтинэн, күүтүүлээх күрэхтэр испииһэгэ маннык:

  • Владимир Егоров (көҥүл тустуу, 57 кг)

Атырдьах ыйын 8 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;

Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 02:30 — боруонса иһин киирсии; 02:55 — финал.

  • Виктор Рассадин (көҥүл тустуу, 74 кг)

Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:30 — квалификация; 18:40 — 1/8 финал; 20:00 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;

Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 02:30 — боруонса иһин киирсии; 02:55 — финал.

  • Айаал Лазарев (көҥүл тустуу, 125 кг)

Атырдьах ыйын 9 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:35 — полуфинал;

Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 03:05 — боруонса иһин киирсии; 03:30 — финал.

  • Георгий Окороков (көҥүл тустуу, 65 кг)

Атырдьах ыйын 10 күнэ: 18:30 — 1/8 финал; 19:50 — 1/4 финал; 01:15 — полуфинал;

Атырдьах ыйын 11 күнэ: 18:00 — утешительнай раунд; 19:00 — боруонса иһин киирсии; 19:25 — финал.

  • Сардаана Трофимова (чэпчэки атлетика, марафон)

Атырдьах ыйын 11 күнэ: 15:00 — сүүрүү.

Санаттахха, Олимпиада оонньууларын Арассыыйа ханааллара көрдөрбөттөр. Ол эрээри, быһа эпииргэ күрэхтэһиилэри МОК саайтыгар көрүөххэ сөп — https://olympics.com/ru/paris-2024/videos/live — бу манна регистрация ааһыахха  уонна сөптөөх күрэх көрүҥүн талыахха наада. Арассыыйа территориятыгар VPN суох үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

3 часа ago