Саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылыгар бэлэмнэнии саҕаланна

Share

Саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылын көрсө, суруйааччылар улуустарынан сылдьыылара, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун устуоруйатын туһунан кинигэ тахсара уонна саха литэрэтиирэтин аксакаалларын туһунан документальнай киинэни устуу былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэ даатаҕа бэлэмнэнии атын хайысхаларын туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева кэпсэттилэр.

“Саха сирин үгүс көлүөнэтин иитиигэ, тыл уонна култуура сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит биһиги уһулуччулаах суруйааччыларбыт нэһилиэстибэлэрин харыстыыр, киэҥник тарҕатар ирдэнэр. Кинилэр айымньыларыгар сырдаппыт идиэйэлэрэ бүгүн ыччаты духуобунай, өй-санаа өттүнэн иитэргэ ордук суолталаах”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытыыга ыйаах тахсыаҕа диэн бэлиэтээтэ.

Наталья Харлампьева иһитиннэрбитинэн, үбүлүөйгэ бэлэмнэнии иитинэн Бүлүү уонна илин эҥээр улуустарынан ааҕааччылары кытта көрсүһүүлэр, матырыйаал хомуйуута, Саха сирин суруйааччыларын туһунан кинигэни таһаарыы уонна саха литэрэтиирэтин аксакааларын туһунан документальнай киинэни устуу былааннанар.

“Саха сирин хас биирдии суруйааччыта барыта кэриэтэ төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ сайдарыгар, чэчирииригэр бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ. Ыарахан түгэннэргэ суруйааччы этиитэ өрүү улахан суолталаах буолара. Үбүлүөйдээх тэрээһини ыытыыга этиини Ил Дархан өйөөбүтүттэн үөрэбин”, — диэн көрсүһүү кэнниттэн Наталья Харлампьева эттэ.

Саха суругунан литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сыла 2025 сылга бэлиэтэниэҕэ. Бэлиэ даата 1900 сылтан, саха улуу суруйааччыта, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай “Байанай алгыһа” поэматыттан ааҕыллар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

43 минуты ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago