Бүгүн, ыам ыйын 16 күнүгэр, саха литературатын устуоруйатыгар киирэр дьоһуннаах тэрээһин П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр буолан ааста.
Ол курдук, «Суруйааччы аата – үйэлэргэ” диэн cаха классик уонна норуодунай суруйааччыларын нэһилиэнньиктэрин кытары сэргэх уонна сэдэх көрсүһүүнү СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ тэрийдилэр.
Көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева суруйааччы аатын, олоҕун уонна айымньыларын үйэтитии үлэтэ хайдах барарын туһунан иһитиннэрдэ.
Көрсүһүү кыттыылаахтара суруйааччы төрөппүттэрин, аймахтарын, кинилэр олорбут кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Ону сэргэ кинилэри үйэтитиигэ сүрүн үлэни хайдах ыытыахха сөбүн, суруйааччы айымньытын ааҕааччыга тириэрдэргэ туох көмө, өйөбүл баар буолуон сөбүн дьүүллэстилэр.
Чахчыта да, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ сылдьыбыт хас биирдии киһи таптыыр суруйааччыларын оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын биир түһүлгэҕэ тутан олорон көрөн, кинилэр оҕо, эдэр саастарын туһунан ахтыыларын, ыллыктаах тылларын истэн ураты дьолго куустардаҕа. Көрсүһүүгэ этиллибитинии, бу түгэҥҥэ «эһиги хараххытын харах, кулгааххытын кулгаах гыммыт киһи-ии» диэн этии оруннаах.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар ортолоругар Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов-Алампа, Николай Неустроев, Серафим Кулачиков-Эллэй, Семен уонна Софрон Даниловтар, Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон, Николай Мординов-Амма Аччыгыйа, Бүөтүр Тобуруокап, Ефрем Сивцев-Таллан Бүрэ, Леонид Попов уо.д.а. оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара кэлбиттэр. Барыта 40-чаҕа чугаһыыр суруйааччы сыдьааннара бииргэ түмсэллэрэ күн аайы тосхойбот долгутуулаах, устуоруйаҕа киирэр түгэн!
(Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат аныгыскы нүөмэригэр билиһиннэриэхпит).
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…