Саха суруйааччыта Бүлүүтүн хоһуйар

Саха суруйааччыта Бүлүүтүн хоһуйар

Ааптар:
29.09.2024, 14:05
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ И.М. Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Иванов  «Мин сүрэхпэр Ытык Бүлүүм» диэн хоһооннорун саҥа хомуурунньугун билиһиннэриитэ буолла.

Николай Иванович сэрии кэмин оҕото, үлэ бэтэрээнэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына. Олоххо өрүү көхтөөх, айар-тутар үлэнэн умсугуйан дьарыктанар саха  суру­йааччыта. Тус бэйэтэ суру­йан таһаартарбыт  уонтан тахса кинигэлэрдээх. Айымньылара оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар литэрэтииринэй күрэхтэргэ бастыыллар. Элбэх хоһоо­но ырыа буолан киэҥник тарҕанна.

Ааптар  Сахатын сирин, Бүлүүтүн  ураты  кэрэтин, туох­ха да тэҥнэммэт күндүтүн хоһуйар хомоҕой хоһоонноро ыччакка төрөөбүт дойдуга  тапталы иҥэрэллэр. Кинини харыс­тыырга, көмүскүүргэ ыҥыраллар.

Саҥа хомуурунньук Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар ананан тахсыбыт. Манна ааптар куорат ытык бэлиэ миэстэлэригэр, чулуу дьонноругар анаан суруйбут 38 хоһооно киирбит. Хас биирдии хоһоон олохтоох дьон түһэрбит хаартыскаларынан ситэриллэр. Бу үлэни хомуйан, таҥан Егор Еремеев  оҥорбут.

Куорат устуоруйатын билиһиннэрэр сонун бырайыак ааптарынан Николай Иванович күндү кэргэнэ, Бүлүү улууһугар култуура сайдыытын дириҥник чинчийэн, үөрэтэн,  сурукка тиһэн тарҕата, үйэтитэ  сылдьар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаевна Иванова буолар.

Кинигэни билиһиннэрии ааптар  «Бу барыта мин дьонум – бүлүүлэр!» хоһоонун куорат 2 №-дээх Г.С.Донской аатынан  оскуолатын  3 «б»  кылааһын «Дьулуур» түмсүүтүн оҕолорун  ааҕыыларынан саҕаланна (салайааччылар Татьяна Николаева уонна Мария Алексеева). Салгыы кинигэ тула кэпсэтии бырааһынньыктыы тыыҥҥа сэргэхтик  ааста.

Ол курдук, мустубут дьоҥҥо, култуура үлэһиттэрэ хомуурунньукка киирбит хоһоон­нортон бииртэн биир иэйии­лээхтик, уус-ураннык  ааҕан  иһитиннэрдилэр. Ааптар хоһоон­норугар «Ай-ыллаа» вокальнай ансаамбыл (салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ольга Корякина) Эрхаан матыыбыгар «Бүлүү вальса», Александр Комаров  бэйэтин матыыбыгар «Өй-сүрэх түгэҕэр тыыннаахтар» диэн ырыалары толордулар.

Онтон «Мин сүрэхпэр Ытык Бүлүүм» диэн  кинигэ аата буолбут  саҥа хо­­һоон  самодеятельнай композитор,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Роман Степанов матыыбыгар  бэртээхэй ырыа буолан тахсыбыта көрсүһүү чыпчаал түгэнинэн буолла. Ырыа муусукатын «Добун» звукостудияҕа Антон Иванов уһулбут. Саалаҕа турар экраҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ырыа күрэхтэрин хас да төгүллээх кы­­лаан кыайыылааҕа Вячеслав Попов  толоруутугар ырыа клибин көрдөрүү тэрилиннэ. Ырыа ис хоһоонун тиэрдэр устууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Эрхаан  уонна  Аскалон Семенов тэрийбиттэр.

Киһи сүргэтин көтөҕөр, киэн туттуу тыынын иҥэрэр саҥа ырыа куорат  үбүлүөйүн улахан тэрээһиннэригэр толоруллан, биир дойдулаахтар улахан биһирэбиллэрин ылла.

Луиза Кононова, киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ

 

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: