Саха суруналыыстара Татарстаҥҥа туристары тардыыга үлэ уопутун билистилэр
Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ туристары угуйар сыалтан INSTID хампаанньаны кытта ыалдьытымсах буолуу сонун көрүҥэ — «Татарстан: 1001 удовольствие» диэн туристическай бренд айыллыбыт.
Ол эбэтэр икки, түөрт хонуктаах 10 киһилээх бөлөхтөр Татарстан саамай аатырбыт биллэр сирдэринэн сылдьан, национальнай астарын аһаан, Казань куораты кытта билсэн, сувенир арааһын атыылаһан бараллар. Бу олус сатабыллаах толкуй эбит. Аҕыйах хонук иһигэр дьон Татарстаны кытта ааһан иһэн билсэт, олус баай-талым олохтоох, дириҥ устуоруйалаах диэн санаалаах дойдуларыгар төннөллөр. Онтон истэригэр иитиэхтии сылдьан баран, харчыларын мунньуна түһэн, иккиһин төннөн кэлэн, дьэ олохтоохтук уонча хонугу быһа сынньанан, билэн көрөн бараллар эбит. Ол эбэтэр, «аппетиты көбүтүү» диэххэ дуу. Бэрт толкуй дии санаатым. Кырдьык, билигин тус бэйэм санаам эрэ ол — өссө иккиһин баран кэлбит киһи диэн. Оттон мин курдук санаалаах хас иккис итинник сылдьан кэлбит турист буолуохтаах.
Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов бэлиэтээбитинэн, былырыын Татарстаҥҥа 3 мөлүйүөн 900 тыһыынча турист кэлэн барбыт. Онон суруналыыстар уонна блогердар бөлөхтөрүн кытта туризмы сайыннарыыга үлэлэһэр кэмитиэт салайааччыта сырдатыы үлэтэ олус көдьүүстээҕин бэлиэтээн туран, биһигини кытта анаан көрүстэ уонна атах тэпсэн олорон кэпсэттэ.
Суруналыыстары, видеоблогердары уонна туроператордары ый аайы кэриэтэ дойду араас эрэгийиэннэриттэн хото ыҥыран, босхо сырытыннараллар эбит. Бу сырыы кэнниттэн турист бөҕө кутулла түһэрин бэлиэтииллэр туризм судаарыстыбаннай кэмитиэтин исписэлиистэрэ. Онон кинилэр 10 иһитиннэрэр-биллэрэр идэлээх дьоннноро кинилэргэ босхо ыалдьыттаабыттаарын туристарынан «төлүүллэр» эбит диэххэ. Ол курдук, былырыын аан бастаан турист ахсаана өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун кытта тэҥнэспит — 3 мөл. 900 тыһ. киһи! Бу туһунан Сергей Иванов маннык санаатын үллэһиннэ.
Саха сирин кытта Татарстан доҕордоһуута кэҥээн, туристарынан атастаһан, бырааттыы норуоттар бэйэ-бэйэбитин байытыһан биэрэр буоллахпыт. Бу туһунан Сергей Иванов эмиэ анаан бэлиэтээтэ:
Онон сырдатыы үлэтиттэн туризм салаатыгар улахан хамсааһын тахсар холобурун Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ ыыта сылдьарын, араас дойду уонна киин куорат туристарын кытта тэҥҥэ сылдьан, илэ харахпытынан көрөн, билэн, итэҕэйэн кэллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: