От ыйын 1 күнэ саха Нассынаалынай бэчээтин күнүнэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С.Николаев тустаах Ыйааҕынан бигэргэнэн, анаан-минээн бэлиэтэнэрэ хас да сыл буолла.
Сэбиэскэй кэмҥэ саха бэчээтэ судаарыстыбаннай, партийнай хаһыат таһаарыллыаҕыттан төрүттэммитинэн ааҕыллар өйдөбүл, сыаналааһын сыысхаллааҕын, токурутуулааҕын, нассынаалынай бэчээт түөрэҥнээбэт түөрэҕин өссө Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин уонча сыл инниттэн тахсыбыт “Саха дойдута”, “Саха олоҕо” сахалыы хаһыаттар түһэрбиттэрин мэлдьэһиллибэттик дакаастаабыт, саха бэчээтин устуоруйатын саҥалыы сыаналыыры хорсуннук турууласпыт киһинэн хаһыатчыт, суруналыыс, учуонай, бөдөҥ судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл, ытыктабыллаах А.Н. Жирков буолар.
Бүгүн Александр Николаевич эдэр, эрчимнээх сылдьан “Эдэр коммунист” ыччат хаһыатын эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлээбит кэмнэрин, оччотооҕу биир идэлээхтэрин, олох оргуйар үөһүнэн дьулурхайдык айбыт-туппут хаһыатчыттар тустарынан истиҥ-иһирэх ахтыытын бэчээттиибит.
“Эдэр коммунист” хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар саха ыччатын түмпүт, ыра санаата туоларыгар көмө-тирэх буолбут хаһыат. “Хотугу ыччат” диэн 1924 сыллаахха тахсыбыт бастакы сахалыы тыллаах ыччат хаһыатын утумнааччыта. Оттон сахалыы хаһыат быһыытынан биһиги норуоппут киэн туттуута, сахалыы тылынан аан бастаан тахсан, саха тыла, литературата, бэчээтэ сайдарыгар бигэ олук уурбут “Саха дойдута” (1907-1908), “Саха олоҕо” (1908-1909) хаһыаттартан силис тардар. Сахалыы хаһыат үлэһитэбин дэнэр киһи бу маны өйдүүр, ылынар, батыһар аналлаах.
“Эдэр коммунист” хаһыакка эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбит кэмнэрбин хара ааныттан итинник ылыммытым. Ол кэми, кылгас кэмҥэ бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбин күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үчүгэйдик саныыбын.
“Эдэр коммунист” хаһыакка оччотооҕу эрэдээктэр, доҕорум В.Р.Васильев ыҥырыытынан 1987 сыл алтынньыттан 1989 сыл күһүнүгэр диэри үлэлээбитим. Валерий Романович тыл суолтатын билэр, өйдүүр, сахалыы суруйуу, сахалыы бэчээт туһугар биир дьоһуннаах үлэһит. Биһиги Орджоникидзе уулусса 31 нүөмэригэр турар Бэчээт дьиэтин үһүс этээһин уҥа кынатыгар “Молодежь Якутии” хаһыат эрэдээксийэтин уонна “Обллиттары” кытта аҥаардаһан олорбуппут. Эрэдээктэри солбуйааччы хоһугар биир обургу сейфэ баара, кэлээппин кытта күлүүһүн туттаран кэбиспиттэрэ.
Биир киэһээ аһан көрбүтүм – соҕотох долбуурун толору сыһа хааламмыт бороҥ паапкаларга хаһыат үлэһиттэрин персональнай дьыалаларын көрбүт боротокуоллара тиһиллибиттэр. Мин иннибинэ уонна оччолорго үлэлии сылдьыбыт хаһыат үлэһиттэрэ ол-бу сыыһаларыгар-халтыларыгар, уҥа-хаҥас сырыыларыгар дьүүллэммит дьыалалара, билэр уонна билбэт дьонум кистэлэҥ кыһалҕалара. Бу сейфэни ыраастаабытым, тыыннаахтарга дьыалаларын бэйэлэригэр биэрбитим, суох буолбуттар киэннэрин суох гыммытым.
Маҥнай кэлэрбэр кэллиэгэлэрим хайдах суруксуппун кэтэһэллэрэ. Хаһыат хас даҕаны нүөмэрин биирдии ыстатыйанан ырытан, эрэдээксийэ планеркатыгар суруйуу туһунан дьүүллэһии оҥорбутум. Онтон ыла атыҥыраспат буолбуппут. Оччотооҕу “эдэрдэр” бары даҕаны хаһыаппыт туһа диэн баран муннукка ытаабыт дьон этэ, суруналыыһыттан машинисткатыгар, кэриэктэригэр тиийэ.
Гаврил Егоровы-Дьурантайы (сайын, дьоммут уоппускаҕа бардахтарына, 40-тан тахса тыһыынча ахсаанынан нэдиэлэҕэ үстэ тахсар хаһыаты иккиэйэҕин бэлэмнээн, сахалыы шриби уон тарбаҕынан охсор Клавдия Андреевна Толстякованы, макекка (версткаҕа) сыыһа турбут буукубаны чуо көрөн ылар кэриэктэрдэр Клара Ильинична Герасимованы, Евдокия Николаевна Готовцеваны кытта көмөлөөн таһаарар буоларбыт), Анатолий Гоголевы (суруйууларыгар биир да киһи туһугар мөлтөх, хаҕыс тыллары туттубат, өрүү дьону хайгыы, күүркэтэ, көтөҕө сылдьар айылгылаах, хомоҕой, сылаас тыллаах суруналыыс), Татьяна Маркованы (тылга сүрдээх харыстас, тохтоон хаалбат, өрүү ырыта, чинчийэ сылдьар, история, литература, искусство, үлэ-хамнас хайа баҕарар эйгэтигэр дэгиттэр суруйааччы), Прокопий Прокопьевы-Чуукаары (тэппини көрбөт, чараас уйулҕатын өһөстүк адаарыспыт тор хара бытыгар сыһыарбыт, ааспыт үйэлэр алтыһыыларын саҕанааҕы саха бастакы бэйиэттэрин санатар киһи), Иван Ушницкайы-Удуну (бу сиргэ хаһыат үлэтиттэн ордук суолталаах суох диэҥҥэ бүк эрэллээх курдук көрөрүм, билигин даҕаны оннук саныыбын суруналыыс, сахалыы хаһыаты тэрийээччи Удун туһунан), Иван Николаевы-Ухханы (“Санаам сыккыһа” диэн бастакы кинигэтигэр киирбит хоһооннорун бастаан “Эдэр коммунист” хаһыакка таһаарбыта. Анаан-минээн этэр иэстээх кэлбит киһи курдуга, оччоттон баччаҕа диэри) – ити кэмҥэ бииргэ үлэлээбит дьоммун барыларын үчүгэйдик саныыбын.
Маҥнай кэлиэм утаа, 1987 сыл күһүнүгэр, эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи XII сүбэ мунньахтара буолбута. Түмүккэ Амма Аччыгыйа тыл эппитэ. Ол туһунан суруйбутум. Николай Егорович аахпыт этэ. Дьиэтигэр ыҥырбыта. Болот Боотур-В.С.Соловьев кэлбитэ. Өр олорбуппут.
Николай Егорович сэрии иннинэ атаҕын дэҥнээн балыыһаҕа сыппытын ахтыбыта: “Дьиксиниилээх, кутталлаах кэм этэ. Дьон бөҕөнү тутан хаайбыттара. Быраатым Өссүөнтэй (Авксентий Егорович Мординов) кэлэн: “Үтүөрэн тахсаргын кэтии сылдьаллар”, – диэтэ. Мин туран, Москваҕа М.И.Калиниҥҥа тэлэгирээмэ ыыттардым: “Саха кэскиллээх суруйааччыта Мординов атаҕын эчэппитэ бэргээн күүстээх эмкэ наадыйар, көмөтө оҥортор”, диэн. Арай, балыыһаттан тахса иликпинэ обкомҥа тэлэгирээмэ кыыгынаан кэлбит: “Мординовы суһаллык эмкэ ыытыҥ, Москваҕа” диэн. Сөмөлүөт көппөт, инньэ гынан эдэр сылдьан айаннаабыт суолбунан, сиринэн Москвалаан хааллым. Эмтэнэн, Крымҥа санаторийга эҥин сытан, дойдубар 1941 сыл кыһыныгар төннүбүтүм. Онно быһыы-майгы арыый намыраабыт этэ. Онон ортоҕум буолуо”, – диэн кэпсээбитэ.
Тарҕаһарбытыгар алгыс тылларын суруйан “Сааскы кэмин” бэлэхтээбитэ. Болот Боотуру сэргэ кэлин В.М.Новиковы-Күннүк Уурастыырабы, В.Г.Чиряевы кытта билиһиннэртээбитэ, анаан, сорунан туран. Бу дьону сөбүлүүр, ылынар эрэ буолбакка, таптыыр этэ. Оннук айылгылааҕа. Күннүк Уурастыырабы тиһэх суолугар атаарарга: “Болуодьа, тоҕо куоттуҥ?”, – дии-дии илиитин имэрийэ турарын, оттон Болот Боотур барбытын кэннэ: “Дьонум бары халдьаайыга таҕыстылар, манна киһи орпото”, – диэбитин өйдүүбүн. Онтон Былатыан Ойуунускай ылгын уолун, хаарыан бэйиэт, тылбаасчыт Валерий Чиряевы ити кэнниттэн биирдэ эрэ көрсүбүтүм. Иккиһин 1988 сыл сайыныгар Иван Ушницкайдыын уонна Афанасий Чойдуун дьиэтигэр бара сылдьыбыппыт да, көрсүбэккэ төннүбүппүт.
Суруйааччы, суруналыыс Николай Афанасьевич Герасимов-Айталыны кытта “Эдэргэ” үлэлиир сылларбар билсибитим. Кинигэ кыһатыгар уонна “Кыымҥа” үлэлээбитэ. Кэргэнэ Клара Ильинична биһиэхэ “Эдэргэ” кэриэктэрдиирэ. Айталынныын балайда тапсарбыт, үлэлээбит хаһыатын ахтар, ким хайдах үлэлииригэр тиийэ кэтэһэр, кыһаллар этэ.
Кэлин, 1996 сыл күһүнүгэр, биир киэһээ “Якутзолото” санаторийыгар сытар доҕорбун көрсө тиийбитим. Киһим: “Манна суруйааччы Айталын баара эмискэ сүрэҕэ тохтоото, дьонун ыҥырдылар”, – диэбитэ. Күтүөтэ быһыылааҕа, нууччалыы хааннаах эдэр уол иккиэ-хаһыа буолан кэлбиттэрэ. Сотору дьуһуурунай быраас кэлэн: “Массыынаҕа түһэриэхпитин ити уол куттанар”, – диэбитэ. Онон, Николай Афанасьевиһы көтөҕөн, аллараа турар массыынаҕа таһааран ойоҕос аанынан киллэрбитим. Кини өрөспүүбүлүкэ ыччатын сахалыы хаһыатын уонтан тахса сыл салайбыта, “Көрсүөххэ диэри” диэн бэртээхэй сэһэни суруйбута.
Григорьев Афанасий Иннокентьевич – Афанасий Чой, син эмиэ оччотооҕу үгүс суруналыыстар курдук, анал да, тыл да үөрэҕэ суоҕа, СГУ историяҕа факультетын бииргэ бүтэрбиппит. Өр кэмҥэ Сааскылаахха “Анаабыр уоттара” хаһыакка үлэлээбитэ. Аҕыйах үлэһиттээх буолан, сороҕор хаһыатын олорчу бэйэтэ таҥар быһыылааҕа. Киин сиргэ кэлиэн баҕарара.
Биирдэ: “Итиннэ үлэтэ бул”, диэн суруйбута. Эрэдээктэрэ Гаврил Стручков ыытыан баҕарбат этэ. Ол сыл сааһыгар Анаабырга хомсомуол райкомун сэкирэтээрэ уларыйар буолбута. Ити дуоһунаска Гаврил Стручков көһүөхтээҕэ. Хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээрэ Александр Власовтыын отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэҕэ тиийбиппит. Стручкову көрсөн, Афанасийы “Эдэр коммунист” хаһыакка үлэҕэ ыытар туһунан бирикээһи оҥорторон баран, “Анаабыр” сопхуос дириэктэрэ П.И.Винокуровтыын туундараҕа аатырбыт табаһыт Дмитрий Туприн биригээдэтигэр барбыппыт. Үс хонугунан төннөн иһэн киһибин көһөрөн, икки чымадаан уонна биир үрүксээк малын тутуһан, Дьокуускайга кэлбиппит.
Валерий Романович сөбүлэһэн, Афанасий тута улахан отдел сэбиэдиссэйэ буолбута. Хаһыаттарга сөбүлэппитэ, киһи да, суруксут да быһыытынан. Ырытан, олохтоохтук суруйара, үчүгэй истииллээх этэ. “Эдэрдэргэ” хойукка диэри “Киргиэлэйэп мөккүөрэ дуо” диэн уос номоҕор сылдьыбыта, билигин да өйдүүллэр. “Эдэрдэри”, кинилэри эрэ буолуо дуо, бүтүн этээһи ылан кэбиһэр, улаханыгар эттэххэ, хас да атыыр үөрүн биир хааччахха хаайбыкка холобурдаах, кыратыгар эттэххэ, бааттаах булчут тоһууругар түбэспит үөр ээмиллэ эймэлгэнигэр тэҥнээх мөккүөр киэнэ күүрээннээҕэ Киргиэлэйэп кэбиниэтигэр өтөр буола-буола өрүтэ күүдэпчилэнэн тахсара.
Мөккүһэр уохтарыгар чэйдииллэрин, үлэ чааһа бүппүтүн, оттон ыалдьыттара соруктарын умнуохтарыгар диэри итийэн-кутуйан, тахсан сойо түһэн ыла-ыла киирсэллэрэ. Ыаллыы хостор мэһэйдэтэн, буойса киирэн баран, бэйэлэрэ эмиэ хапсыһан кэбиһэн, хаһыаттарын түүннэри бэлэмниир түгэннэрдээхтэрэ. История, литература, култуура, саха олоҕо, тыла, дьылҕата ордубакка хабыллара. Тыл сүмэлээҕэ, ырытыы эндирдээҕэ, олуйсуу иэччэхтээҕэ манна буолара. Хайдахтаах да уохтаах мөккүөр үөһүгэр Чой хатан саҥата суураллан, сүтэн хаалбат этэ, ордук эбиллэн, оргуйан иһэрэ. Сүгүн хотторбот быһыылааҕа.
“Чой” диэн псевдонимы ийэтин, кэриэй төрүттээх, биллиилээх учуутал Ксения Алексеевна кэриэһигэр ылыммыта. Бастаан “Чой-ин-сын” дэнээри гынан баран, “Чойу” талбыта. Сорохтор ити тыл сахалыы дэгэтин эҥин ырытыһыах буолан иһэн, тохтообуттара.
Дьокуускайга кэлэн санаатын хоту үлэҕэ киирбитэ, кэргэн ылбыта, икки оҕоломмута, дьиэлэммитэ. Кини суруйууларын дьон билиҥҥэ диэри өйдүүр, ахтар.
Дьалхааннаах кэм этэ. Дойду ыһыллан эрэрэ. Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэрэ тутулуга суохтарынан биллибиттэрэ. Долгуйуу Сахабыт сиригэр эмиэ саҕаламмыта. Атыҥҥа аралдьыйбакка, хаһыат эрэ туһугар эттэххэ, үлэ биллэ сэргэхсийбитэ, ааҕааччы лаппа эбиллибитэ.
ССРС-ка архыыптар бобуулаах пуондалара аһыллан барбыттара. Сонно эдэр суруналыыстар Иван Николаев уонна Иван Ушницкай партия обкомуттан суруктаах Москва архыыптарыгар барбыттара. Кинилэр кэмигэр барбыттара уонна табыллан үлэлээбиттэрэ. Үгүс докумуоннаах эргиллибиттэрэ. Сүбэлэһэн баран, арыый да өттүн хаһыаппытыгар таһааран барбыппыт.
Бу докумуоннарга олоҕуран, 1990 сыллаахха “Центральное дело: хроника сталинских репрессий в Якутии” диэн кинигэни таһаарбыттара.
Иккис бэлиэ түгэн – Георгий Борисовтыын билсиһии. Георгий Иванович Борисов (1918-2000), 1940 сыллаахха Ленинградка театральнай институкка үөрэххэ киирбит, Ленинград көмүскэлигэр сэриилэспит, бу куорат блокадатыгар түбэспит саха театральнай труппатын оҕолоруттан биирдэстэрэ.
Сэрии эрэ иннинэ сымыйа үҥсүүнэн 15 сыл хаайыыга түбэспит, ыарахан, ураты дьылҕалаах киһи, биһиэхэ үгүстүк сылдьара. Сэһэнэ-сэппэнэ элбэҕэ, үтүөкэн суруксут этэ. Биирдэ: “Суруй, ити кэми иһиттэн билэр, сатаан суруйар кыахтаах билигин сэдэх, суох даҕаны”, – диэн кэпсэппиппит. Тута ылынан, суруйбута барыта хаһыаппытыгар тахсан испитэ. Ити суруйууларыгар олоҕуран, Георгий Иванович репрессияҕа түбэспит саха киһитин дьылҕатын ойуулуур саха литературатыгар бэлиэ, туспа суолталаах түөрт кинигэни таһаартарбыта.
Хаһыат таһаарбыт суруйууларын тула мөккүөр балайда этэ. Чуолаан Иван Ушницкай-Удун, Иван Николаев, Георгий Борисов, ону таһынан Багдарыын Сүлбэ, Иван Федосеев-Доосо, о.д.а. суруйууларын кэнниттэн партия обкомугар Бэчээт секторыгар эбэтэр өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар ыҥырылларбыт. Үксүгэр мин сылдьарым. Обллит салайааччыта Л.Г.Колесов, обкомҥа Бэчээт секторын салайааччы В.С.Колодезников, сүрүн отдел сэбиэдиссэйэ А.А.Томтосов даҕаны үрдүттэн буойа-хаайа сатыыр дьон буолбатахтар этэ. Борокуратуураҕа бэчээт өттүн В.Н.Прокопьев көрөрө. Киэҥ, көҥүл көрүүлээх киһи, тапсыбыппыт. Билигин өрөспүүбүлүкэ Конституционнай суутугар үлэлиир.
“Эдэргэ” үлэлээбит сылларбар хаһыат үлэтин иһиттэн билбитим, бэйэбин холоммутум. Бу уонна атын да эйгэ дьонун кытта билсибитим. В.В.Кириллин, О.Д.Якимов, Г.Г.Нынныров-Кэнтик, С.Е.Дадаскинов, о.д.а. үтүөкэн суруналыыстары кытары билсибитим, чугаһаспытым. Василий Васильевич Кириллин, Семен Титович Руфов буолан кэлин Ил Түмэн Палататын бэрэссэдээтэлэ А.П.Илларионов туһунан ахтыы кинигэ оҥорбуппут. Олег Дмитриевич Якимовтыын В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатын тилиннэриигэ, үйэтитиигэ бииргэ тапсан үлэлээбиппит.
Анаан эттэххэ, саха интэлигиэнсийэтэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Сибиир олохтоох омуктарыттан бастакынан 1906-1909 сылларга сахалыы тылынан хаһыат таһаарары ситиспитин, ити түгэн саха норуотун, култууратын историятыгар суолтатын О.Д.Якимов биир бастакынан эппитэ уонна ол туһугар мөккүөргэ хамсаабатаҕа.
Оччотооҕуга бииргэ алтыспыт дьонум – суруналыыстар бэйэлэрин идэлэрин үрдүктүк тутар, сирэй көрбөҕө суох, бэриккэ-мэҥиэҕэ ылларбат, суоһурҕаныыны-өттөйүүнү да сатаан уйар дьон этэ. Ол эрэн уларыйыы биллэн барбыта. Хостон хоско саҥа дьон сыбыытаһаллара, ыраас-кирдээх ыстатыйа болдьоһо сатыыллара үксээн испитэ. Суруналыыс үлэтэ судаарыстыба хараҕын далыттан саҥардыы халбарыйан иһэн, харчылаах илиитигэр хаптаран барбыта. Ол ордук бөрүкүтэ суох дьүһүннэммитэ.
Үөрэммит, үлэлээбит Сахам университетыгар эмиэ уларыйыылар саҕаламмыттара. Аҕа кэллиэгэм Семен Николаевич Горохов Саха историятын уонна култууратын кафедратын тэрийиигэ ыҥырбыта. Кинилиин өрдөөҕүттэн чугас, доҕордуу этибит. 1989 сыл күһүнүгэр кафедрабыт тэриллэн, диссертациябын бүтэрэн, университекка үлэлии барбытым.
Бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрим хаһыаты салайааччынан хааллара сатаабыттара. Хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтин I сэкирэтээрэ Валентин Никифоров (“Эдэр коммунист” бу тэрилтэ иһинэн үлэлиирэ) эмиэ анаан көрсөн кэпсэтэ сылдьыбыта. Барыларыгар үтүө санааларыгар, итэҕэллэригэр махтанабын.
Александр ЖИРКОВ, 1987–1989 сылларга “Эдэр коммунист” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин V ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ.
Матырыйаалы “Эдэргэ” эдэр да этибит…” кинигэттэн Иван Ксенофонтов-Силиги бэлэмнээтэ.
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…