Саха суруналыыстыката: умнуллубат ааттар
“Киһи олоҕо — түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарын курдук кылгас” диэн өбүгэлэрбит эппиттэрин курдук, хаһыакка бииргэ үлэлээбит кырдьаҕас доҕотторум-атастарым, хомойуох иһин, олохтон барбыттар, атын эйгэҕэ тиийбиттэр.
Кинилэр сирдээҕи олохторун, үлэлэрин-хамнастарын туһунан, бу өйдөөн кэллэхпинэ, мин кэпсээбэтэхпинэ ким кэпсиэй, санатыай диэн санаа-оноо миигин муннукка хаайар курдук. Муҥар, били “саппыкыһыт саппыкыта суох” диэн этэллэригэр дылы, бэйэлэрин тустарынан соччо-бачча кэпсэммэтэх, эгэ, арбаныахтара баара эбитэ дуо, барахсаттарым бааллара.
Ойор күннээх Орто дойду
Оргуйар олоҕун үөһүнэн,
Күлэ-үөрэ, айа-тута
“Күлүм” гынан ааһаҕыт,
Суоруллубат-сотуллубат
Суолу-ииһи хааллараҕыт
Халлаан дьоно, хаарыан дьоннор –
Хаһыатчыттар, хаһыатчыттар.
Оройуонум-улууһум хаһыатыгар 1960–2017 сылларга үлэлээбит кэмнэрбэр “күлэ-үөрэ, айа-тута “күлүм” гынан ааспыт” биир идэлээхтэрим тустарынан суругунан пааматынньык оҕочооннорун — ахтыылары суруйан хаалларыым дуу…
Далаһа кэбиспит эрэдээктэрим
1959 сыллаахха, Майа орто оскуолатын бүтэрбит сылбар, оччотооҕу “Оскуола-производство‑үрдүк үөрэх” хамсааһын сабыдыалынан оройуоннааҕы промкэмбинээккэ столярынан, мас кэрдээччинэн, пилорамаҕа мас хайыттарыыга сыралаһа сырыттахпына, 1960 сыллаахха, бука, таайым Л. Г. Колесов дуруускалааһынынан буолуо, “Колхоз кырдьыга” хаһыакка кэриэктэринэн үлэҕэ ылыллыбытым. Эрэдээктэрим Николай Самсонович Кириллин, солбуйааччыта Николай Гаврильевич Громов, эппиэттиир сэкирэтээр Николай Иванович Никитин дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаах, көрү-күлүүнү өйдүүр-сыаналыыр, киэҥ-холку көҕүстээх, бэйэлэрин эбээһинэстэрин эҥкилэ суох толорор хаһыат бүгүрү үлэһиттэрэ этилэр.
Бастакы эрэдээктэрим Н. С. Кириллин олус ирдэбиллээҕэ, бириинчигэ, ардыгар кыраттан да кыыһырара-тымтара. Ол гынан баран, сотору буолаат: “Тукаам, чэ бүгүн кытаат”, — дии-дии санаата көнөн, үлэ үөһүгэр сиэтэн дэллэритэ сылдьар буолара.
Суруналыыс буоларбар далаһа кэбиспит Николай Самсонович барахсан, чахчы да туруу үлэһит этэ. 1950–1962 сыллардаахха “Колхоз кырдьыга” хаһыат эрэдээктэринэн оччотооҕу былаас, кэм-кэрдии ирдэбиллэригэр эппиэттиирдик үлэлээбитэ. Суруналыыстары бэйэлэрин кэмнэрин сырдатааччыларынан эбэтэр өссө өрө тэптэрэн летописецтарынан ааҕаллар. Билигин “Колхоз кырдьыга” хаһыат саһарбыт лиистэринэн сирдэтэн оройуоммут уруккутун, ситиһиилэрин, саҥаны олохтооһуну, ардыгар оччотооҕу бөрүкүтэ суох да көстүүлэрин билиэххэ-көрүөххэ сөп. Николай Самсонович үлэһит дьону хайҕаан очеркалары, зарисовкалары суруйарын сөбүлүүрэ. Олоххо көстөр итэҕэһи-быһаҕаһы “Бүргэс” рубриканан сытыы фельетоннары бэчээттэтэн эйэлэспэккэ саралыыра.
1962 сыл ыам ыйын 15 күнүттэн хаһыаппыт “Ленинскэй знамя” диэн ааттаммыта. Эрэдээктэринэн Екатерина Тимофеевна Саввинова анаммыта. Николай Самсонович Кириллин сурук отделын сэбиэдиссэйинэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэри хаһыат үлэтигэр тардыыга ураты кыһамньылаахтык дьарыктаммыта, эрэдээксийэ иһинэн кэрэспэдьиэннэр оскуолаларын аһан үлэлэппитэ.
1959 сылтан ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнин билиэтин түөһүгэр укта сылдьан хаһыат үлэтигэр, этэргэ дылы, төлөннүрэн туран үлэлээбит кырдьаҕас суруналыыс, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран, хаан-уруу кэлэктиибин дьонун-сэргэтин, аныгы көлүөнэ хаһыатчыттары кытта мэлдьи көрсүһэн, айылҕаҕа, булка-алка сылдьыһан сэргэхсийэн барар этэ…
Талаан хаата суруналыыс, суруйааччы этэ
“Ленинскэй знамя” хаһыакка 1968–1981 сылларга эрэдээктэрдээбит Иван Иванович Брызгалов солбуйааччыларынан үлэлээбит В. Н. Титов Уус Алдаҥҥа, Ю. Х. Смолин Горнайга, Уус Алдаҥҥа эрэдээктэрдэринэн айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Василий Николаевич Титов 1973–1974 сылларга оройуоммут, Мэҥэ Хаҥалас, хаһыатыгар эрэдээктэри солбуйааччынан бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Эрэдээктэри солбуйааччыга, дуоһунастары үллэстии бэрээдэгинэн, сүрүннээн партийнай олоҕу сырдатыы сүктэриллэрэ. Хаһыат пропагандист, агитатор, тэрийээччи буоларын ситиһэр туһуттан нүөмэр ахсын оройуон хомуньуустарын, үлэ бастыҥнарын, социалистическай куоталаһыы хаамыытын билиһиннэрэр матырыйааллар, партийнай кэмпириэнсийэлэр, пленумнар, бюролар, эҥинэ бэйэлээх араас тэрээһиннэр, араас таһымнаах мунньахтар тустарынан ыстатыйалар харыыта суох бэчээттэнэллэрэ.
Итинник матырыйааллар үксүгэр халыыпка кутуллубут курдук суруллар буоланнар, ааҕааччылары салгытар да курдук көстөллөрө. Ону туоратаары суруйуу араас ньымалара туттуллар этилэр. Василий Николаевич партийнай олоҕу сырдатар матырыйаалларын ааҕыллымтыа буолалларын ситиһээри, уочаркалыы суруйууну кыайа-хото туттар буолара. Онон да ааҕааччылар болҕомтолорун тардара.
“Суол тухары уҥа өттүгэр үрдүк мырааннар бастаспытатахтаспыт үрдүк арҕастара сааскы салгын күөх толбонугар куустарбыттар. Аҥаат-муҥаат от үрэхтэр икки туут хайыһар кэриэтэ кэккэлэһэ айаннаан иһэн, үөрэ-көтө холбоһо түспүттэр. Хотун Ленаҕа түһэр Тамма үрэх бэйэтигэр бэрт үгүс от үрэхтэри батыһыннаран Кыыс Амма диэкиттэн дьорҕооттук дьулуруйан ааһар. Дьэ, бу үрэх ыһыытыыр баһыгар, икки өрүс кирбиитигэр, оройуон биир кырдьаҕас нэһилиэгэ — Чыамайыкы дэриэбинэтэ баар”, диэн суруйбут эбит “Ленинскэй Знамя” хаһыат кулун тутар 22 уонна 24 күннэринээҕи нүөмэрдэригэр “Суруналыыс командировкаттан кэллэ” диэн рубриканан “Икки өрүс кирбиитигэр” диэн суоллааҕы бэлиэтээһинигэр. Уус-уран сэһэн курдук суруллубут бу ыстатыйа “Уолаттар бороон көрөллөр”, “Старшайдара Москвалыыр”, “Ветеринар кыыс”, “Байанайдаах булчуттар”, “Кытыы сир кыһалҕалара” диэн хос-хос төбөлөрдөөх этэ.
Суруйууларын ааҕааччы
болҕомтотун тардардык ааттыыр буолара. Холобур, “Быһаҕас ыаҕайалаахтар”, “Кэмигэр ыйытыы, көмө оҥоһуллубатаҕына”, “Ахсаан баар, оттон хаачыстыба?” эҥин курдук. Василий Николаевич түргэн-тарҕан суруксут бэрдэ этэ. Сонуну-нуобаһы “буруолаппытынан” була охсоро. Уочаркалары, кэпсээннэри харыыта суох бэчээттэтэн ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылара.
Миигин, эппиэттиир сэкирэтээри: “Бэйэҥ эмиэ чаастатык суруй. Мин көрдөхпүнэ, олус сэдэхтик хаһан эмэ таһаарар суруйууларгын дьоннор сэргииллэр эбээт”, — диэн дэбдэтэр, күлэр-үөрэр буолара… Үөһээ Бүлүүгэ Мэйиккэ холкуостаах кэргэнигэр 1941 сыллаахха төрөөбүт В. Н. Титов 1961–1963 сылларга холкуоска биригэдьиирдээбит, 1965–1969 сылларга Аммаҕа хомсомуол райкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыт. 1971 сыллаахха Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрээт, “Эдэр коммунист” хаһыакка отдел сэбиэдиссэйинэн, онтон Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар эрэдээктэри солбуйааччынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1974 сыллаахха Уус Алдаҥҥа “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыакка эрэдээктэринэн ананан барбыта.
Василий Николаевич онтон ыла бииртэн-биир кэпсээннэрэ, уочаркалара бэчээккэ тахсар буолбуттара. Бастакы “Сааскы этиилэр” диэн кинигэтэ 1978 сыллаахха, онтон утуу-субуу “Таптал сэргэтэ”, “Киһиэхэ төрөөбүт дойдута…” кэпсээннэрин, “Хомурах туруйата” арамаанын бастакы, иккис чаастара, “Этиллибэтэх кырдьык” диэн сэһэнин кинигэлэрин өрөспүүбүлүкэ ааҕааччылара сэҥээрэ көрсүбүттэрэ.
ССР Суруйааччыларын, Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, ыкса бодоруспут доҕорбут Василий Николаевич Титов 1993 сыл күһүнүгэр Дьокуускай куоракка олорор дьиэтиттэн үлэтигэр тахсан барбыта итиэннэ көстүбэтэҕэ, сураҕа суох сүппүтэ…
Биир идэлээхпит, балтараа сыл курдук биһиги оройуоммут “Ленинскэй знамя” хаһыатыгар бииргэ үлэлээбит талааннаах суруналыыс, суруйааччы баара-суоҕа 52 сааһыгар олохтон туораабыта барыбыт сүрэхпитин ыарыылаахтык хаарыйбыта…
Виктор Попов, “Ленинскэй знамя”, “Эркээйи” хаһыат үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ эппиэттиир сэкирэтээрэ, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо. (Ахтыы “Улууһум хаһыата — Олоҕум Аргыһа” (2017 С.) кинигэтиттэн бэчээтэннэ).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: