Саха суруналыыстыката: Ылдьаа барахсан…

Share

Урут хаһыаттар дьон өйүн-санаатын чахчы түмэр, сомоҕолуур, дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаһалларын норуокка суһаллык тириэрдэн үлэни-хамнаһы быһаччы тэрийсэр, хонтуруоллуур эбээһинэстээхтэрэ. Итини таһынан, итэҕэһи-быһаҕаһы кэмигэр арыйа охсон, көннөрөр дьаһаллары ыллаттарар аналлаахтара. Ол иһин дьон-сэргэ эрэдээксийэлэр ааннарын саппат буолаллара, ыраах олорооччулар сурук бөҕөнү ыытан кыһалҕаларын быһаартарар, уопсастыбаннас иннигэр аһаҕастык этэн-тыынан бэйэлэригэр чугас өйөбүл ылар уорганнарын быһыытынан билинэллэрэ. 

Дьэ, ити саҕана үлэни-хамнаһы муннуларынан тыырбыт, дьон-сэргэ билиниитин ылбыт, суруналыыстыкаҕа туһаан­наах дьыалаларын муҥутуурдук баһылаабыт дьоннор улуустааҕы хаһыаттар эрэдээктэрдэринэн ананан үлэлииллэрэ. Итинник дьоннортон биирдэстэрэ Бүлүү улууһун “Колхоз суола”, “Октябрь суола”, билигин “Олох суола” диэн аатынан тахсар хаһыаты 32 сыл салайбыт Илья Иннокентьевич Николаев этэ.

Бөкчөҥөө (Бөтүҥ) биир чөҥөлөх алааһыгар дьадаҥы ыал оҕото, оскуолаҕа барарыгар, ыаллыы алаас улахан оҕолоро кини дьиэтин аттынан ааһалларын кэтэһэрэ. Муус түннүк нөҥүө субу кэлбиттэрин эрэ кэннэ көрөрө, онон этэрбэһин сыыһа-халты кэтэн, өрбөх суумкатын дуомун санныгар иилинээт, оҕолору куоттарымаары, сүүрэн хоройо турарын ийэтэ барахсан, аанынан быган, батыһа көрөн хаалаахтыыра…

Кыайыыны турууласпыт сэрии оҕото

Уоттаах сэрии сылларыгар сэрии оҕотун дьылҕата Ылдьаа барахсан дьарамай санныгар эмиэ сүктэриллибитэ. Фронт, Кыайыы туһугар үлэ, хоргуйан өлбөккө тыыннаах хаалар туһугар үлэ, киэһээҥҥи ими, сарсыардааҥҥы саһарҕаны силбэһиннэрэ сылдьан үлэлээһин сындааһына оҕо туругун умса баттыыра. 1946 сыллаахха Кыайыы өрөгөйүн кэнниттэн наҕараадалааһын бастакы түһүмэҕэр аҕыс буолан тиксибиттэрэ. “1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээли уонна Г № 382326 диэн суруктаах дастабырыанньаны туттарбыттара.

(Радиосуруналыыс, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Н.А.Кондаковтуун. Дьиэ кэргэннэринэн чугастык билсэллэрэ)

– Улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлиир этибит. 1941 сылга Бөкчөҥөө нэһилиэгин түөрт холкуостарыгар, туох да тиэхиньикэтэ суох, аҥаардас оҕолор, ийэлэр, эбээлэр, эһээлэр харыбыт күүһүнэн 1989 сыллааҕар 841 туоннанан элбэх оту бэлэмнээбит эбиппит. Ити сылларга сүөһү ахсаанын 200-чэ төбөнөн эбэн тириэрдибиппит. Улаханнык дьирээлэһэн туран, күн аайы 0,75 гектары илиинэн охсорум,– диэн кэпсээбиттээх эбит Илья Иннокентьевич.

Ити да иһин, оччотооҕу дьоруойдуу үлэ түмүгэр, Куйбышев, Буденнай ааттарынан холкуос­тарга дьон хоргуйан өлбөтөҕө бэлиэтэнэр. Сэрии тиһэх сылларыгар этэ-сиинэ курдаттыы көстө сылдьар буолбут таҥас­таах оҕону аймахтара, эргэни-урбаны ыал аайыттан хому­йан, ­үүйэннэр таҥыннараахтаабыттара. Онуоха диэри кыбыстан, дьоҥҥо көстүмээри, ойуурунан саһа сылдьан үлэлиир сиригэр тиийээхтиирэ.

Дойдута, дьоно-сэргэтэ өйөөннөр…

Уолчаан 1944 сыллаахха, сэттис кылааһы бүтэрбит сайыныгар Бүлүү куоракка атынан, оҕуһунан таһаҕас таһаарса сылдьыбыта. Кимтэн эрэ истэн училищеҕа киирии үс эксээмэнин этэҥҥэ туттаран үөрэнэр буол­бута. Ол сыллар аас-туор олохторо, тоҥ хаһаа дьиэ-уот, эмиэ илдьири­йэн хаалбыт таҥас­таах оҕоҕо олус ыарахан этилэр. Каникул буоллаҕына дойдугар суос-сатыы тахсаҥҥын дьоҥҥор аһаан тыын ыла түһэҕин. Ону баара кыһыҥҥы өттүгэр сы­­лаас таҥаһыҥ суоҕа эмиэ хаайар… Онон иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, уһун өрөбүлтэн төннүбэттии быһаарынан, Бөтүҥэр тахсыбыта. Дойдуҥ дьоно барахсаттар амарах да, сылаас да сыһыан­наах буоллахтара. Эмиэ сэрии огдообото буолан олорор Мотуруона Иванова барахсан сэриигэ охтубут кэргэнин, аймахтарын ордон хаалбыт таҥастарын быһан-­отон кылгатан Ылдьааҕа салгыы үөрэнэр кыаҕы биэрбитэ…

Хомсомуол, баартыйа кыһаларыгар хатарыллан

(Дьиэ кэргэнин кытта)

Училищены бүтэрбит уолаттары хотугу улуустарга анаан ыыталаабыттара. Илья Николаев Эдьигээҥҥэ тиийэн учууталлыы сырыттаҕына хомсомуол райкомугар туура тутан ылбыттара. Сотору райкомол иккис, онтон бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Бэйэтэ да дойдутугар тардыһа сылдьар, эдэр эрчимнээх ыччаты партия Бүлүүтээҕи райкомугар инструкторынан, отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлэппиттэрэ.

1963 сыллаахха Н.С. Хрущев ыыппыт реформаларын уочараттаах дьаһалларыгар олоҕуран, икки Бүлүү оройуоннарын холбооннор “Бүлүүтээҕи тыа сиринээҕи партком” диэн сала­йар уорганы тэрийбиттэрэ. Онон оройуон сэбиэтэ, хомсомуол райкома, оройуоннааҕы хаһыат, онтон да атын былаас тэрилтэлэрэ бары Үөһээ Бүлүүгэ көһөн хаалбыттара. Дьэ ол кэмҥэ, Илья Иннокентьевиһы, “партком инструктора” диэн дуоһунастаан Бүлүү оройуонун сиригэр-­уотугар араас хаһаайыстыба, идео­логия, туох баар тэрийэр-дьаһа­йар үлэлэрин сүрүннээччи гынан хаалларбыттара. Биирдэ партийнай хонтуруол анал хамыыһы­йата кэлэн үлэни-хамнаһы билсэн барбыта. Онно кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, кэлин бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл буолбут, Степан Николаевич Платонов: “Хайа, доҕоор, манна урут райком, райсовет ньиргийэн олорбут сирдэрэ буоллаҕа дии, ону баара Ылдьаа соҕотоҕун да киһилээбэт эбит буолбат дуо!» – диэн чахчы астынан саҥа аллайбыта. Ити тылларга Илья Иннокентьевич чахчы тэрийэр талааннаах, үтүө суобастаах үлэһит буоларыттан улаханнык астыммытын биллэрии уонна улахан сыанабыл буолара иһиллибитэ.

Хаһыакка сыһыарбыт, хаһыатчыт оҥорбут эрэдээктэрим

Үөһээ Бүлүүгэ диэри оччолорго суол-иис ыарахан кэмэ этэ. Соҕотох ыспыраапканы даҕаны ылаары, Үөһээ Бүлүүгэ төттөрү-таары айанныыр сыанан аҕаабат буолара. Онон дьон-сэр­гэ атын оройуонтан салаллар эрэйин этинэн-хаанынан билбитэ. Дьэ, ити саҕана, Бүлүү оро­йуона чөлүгэр түһэриллэр кэмигэр Илья Иннокентьевич “Октябрь суола” хаһыат сирэй эрэдээктэринэн анаммыта. Инньэ гынан, эрэдээксийэ нэһилиэнньэ күннээҕи кыһалҕатын быһаарсар, чугастыы көҥүл киирэн көмүскэтэр тэрилтэтэ буолбута. Онуоха эбии эрэдээктэрбит хас биирдии сурукка булгуччу хоруйдуурга сорудахтыыра. Хоскор киирэн кэлбит киһини кытта булгуччу тото сэһэргэһэн, бэйэтин эрэ кыһалҕатын буолбакка, кини нэһилиэгэр туох сиппэтэх-хоппотох, туох тэриллибэтэх-дьаһаллыбатах баарын барытын ыйыталаһан, өссө сэһэргэспит киһигин уопсастыбаннай кэрэспэ­дьиэн буоларыгар, мэлдьи эрэдээк­сийэҕэ суруйа олороругар тылын ылан хаалыахтааххын диэн ир­­диирэ.

(Эрэдээксийэ кэлэктиибэ)

Миигин биирдэ эмит хаһыакка суруйар, хоһоон таһаартарар диэн билбитэ буолуо… Арай ыҥыран ыланнар хаһыакка фотограф наада, үлэлээн көр диэбиттэрэ уонна үлэһиттэр командировкаларыгар эҥин илдьэ сылдьаннар наадалаах дьоннорун хаартыскаҕа түһэртэрэр буолбуттара. Онтон биирдэ саҥа тутуллан эрэр Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр Михаил Непомнящайы кытта барар буол­буппут. Саамай барар күммүтүгэр, киһим атын сорудахтанан, барсыбатаҕа, инньэ гынан 19 эрэ саастаах, хаһыат дьыалатыгар сабыс саҥа киирэн эрэр уолчаан, бырамыысыланнас оччотооҕу оргуйар киинигэр тиийэн кэлбитим. Сабыс саҥа тутуллан эрэр иккилии ­этээстээх мас дьиэлэртэн саҕа­лаан, өрөмүөннүүр мастарыскыай комсомолецтарын “А”-образнай вышка диэни туруора сылдьар буровиктары, эҥинэ бэйэлээх араас бөдөҥ тиэхиньикэни уонна болохтор үрдүлэринэн боробулуохаҕа ыйанан турар, хатарылла ууруллубут балыктары кытта хаартыскаҕа түһэрэн аҕалбытым. Ол хаартыскаларым туһунан, хаһыакка тахсалларыгар анаан, суруйан бооччойон Михаил Ивановичка биэрэр этим.

Итинтэн ыла кини миигин кытта ылсан үлэлиир буол­бута уонна хайаан да, бэйэҥ хаһыат матырыйаалларын суру­йарыҥ наада диэн модьуйбута. Ол кэнниттэн төһө кэм-кэрдии ааспытын өйдөөбөппүн. Арай биирдэ эрэдээктэрим Илья Иннокентьевич дьиэтигэр ыҥыран ылла уонна сарсыарда Кыадаҥда диэн сиргэ командировкаҕа отчуттарга бараҥҥын репортаж оҥорон кэлэҕин диэн сорудахтаата. Мин саллыбыппын-саараабыппын көрдөҕө буолуо, салгыы бэрт өр сүбэлээбитэ, репортаж диэн тугун быһаарбыта. Кимнээх-кимнээх диэн дьону хайдах булан көрсүөхтээхпин, туох туһунан кэпсэтиэхтээхпин, ону хайдах суруйуохтаахпын тиэргэнин сүрдьүгэһигэр харыбытынан тайанан туран бэрт өр сэһэргэспиппит.

Оо… ол түүн сатаан утуйбатаҕым. Хайдах-туох сылдьыахпын, хайдах суруйуохпун өйбөр оҥоро сатаан түүнү быһа эргичиҥнээн бөҕө эрэйдэммитим. Аны санаатахха, ол суруксут айар илбиһин ааспыт быһыылаахпын… Сарсыарда эрдэ туран, аргыс массыына булан, Кыадаҥда отчуттарыгар тиийбитим. Оруобуна, Илья Иннокентьевич сүбэлээбитин курдук сылдьан, кэпсэтэн аан бастакы репортажпын суру­йан хаһыаппар таһаартарбытым. Онно төһөлөөх эрэ үөрбүтүм, айымньылаах үлэҕэ кынаттаммытым эбитэ буолла… Ол умнуллубат түгэн олоҕум устата муннубунан тыыран кэлбит ыарахан үлэм бастакы олуга буолбута буолуо… Кэлин даҕаны репортажтары суруйуу миэхэ атын жанрдартан ордук табыллар курдук буолара.

Чахчы да, норуот хаһыата, норуот эрэдээктэрэ этэ

Кэлин университеты бүтэрэн учууталлыы сырыттахпына: ”Хаһыаппыт икки тылынан тахсар буолла, нууччалыы-сахалыы суруйар киһи наада. Онон эйигин сурук салаатын сэбиэдиссэйинэн ылар буоллубут. Райкому кытта сөбүлэһиннэрбиппит”, – диэн дьаһайан кэбиспитэ. Мин өмүттэн хаалан: «Бүлүү куоракка олорор дьиэм суох, баартыйата суохпун, оҕолорум кыралар”, – эҥин диэн этинэ сатаабытым да, утарылаһар кыаҕы биэрбэтэҕэ. Ол эрээри, икки сыл иһинэн дьиэ бэрдэрбитэ. Уопсайынан, үлэһиттэрин туһугар олус кыһамньылаах, кыах баарынан көмөлөһөр, туруор­сар буолара. Ол курдук, саҥа үлэлии кэлбит дьоннору, ыалы ыалынан бэрт өр, дьиэ булунуохтарыгар диэри, бэйэтин дьиэтигэр дьуккаах гынан, аһатан-сиэтэн олордоро үгүс буолааччы. Холобур, биһиэхэ Горьковскай уобаластан кэлэн хаһыат эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбит Александр Шуваловка холодильник пуон­дата туруорсан бэрдэрбитин өйдүүбүн.

“Сурук уонна маассабай үлэ отдела” диэн туох буоларын да ситэ өйдөөбөт киһини сотору эрэдээктэрим Дьокуускайга ыыппыта. “Өрөспүүбүлүкэ киин хаһыаттарын эрэдээксийэлэрин кэрийэн дьон суругун кытта хайдах үлэлииллэрин билэн-көрөн кэл, араас ньымаларын, уопуттарын үөрэтэн үлэҕэр туһан”, – диэн сорудахтаабыта. Онон дьон суруга киирбит күнүн-дьылын, ханнык отделга хаһан ыытыллыбытын, ол сурук хаһан хаһыакка таһаарыллыбытын дуу, ирдэбилгэ барбытын дуу, ол эппиэтэ хантан, хаһан кэлбитин онтон бэчээттэммитин туһунан учуоттуур сурунаал баар буолбута. Былаанныыр мунньахтарбытыгар итини барытын отчуоттатар, сурук хайа отделга тиийэн “харан хаалбытын” чуолкайдаан дьаһал ыллаттарар этэ. Ый аҥаара, эбэтэр ый түмүгүнэн дьон суругун анал страницатын бэчээттиирбит. Онно дьон суругар ирдэбиллэр хайдах ситиһиллибиттэрэ, ханна туруорсулла сылдьаллара быһаарыллара. Бастыҥ суолталаах суругу суруйбут ааптар хаһыат “Бочуотун дуоскатыгар” таһаарыллара.

(Илья Иннокентьевич Болгарияҕа Дагестан улуу бэйиэтэ Расул Гамзатовтыын, суруналыыс, «Кыым» хаһыат  бэйэтин кэрэспэдьиэнэ Егор Афанасьевтыын (хаҥастан бастакы) 

Аны, бэнидиэнньик аайы былаанныыр мунньахтарбыт олус хорутуулаахтык ыытыллаллара. Онно хас биирдии үлэһит, ыйдаа­ҕы уонна кыбаарталлааҕы былаан­нарга киллэрбит мүччүрүйбэт бэлиэ түгэннэрин сэргэ, тирээн турар үлэ-хамнас туһунан суруйуулара көтүтүллүбэккэ сырдатыллар кыахтаналлара. Онно эбии ааспыт нэдиэ­лэҕэ киирбит былаантан туох ордон хаалбытын хайаан да ситэрэн биэрэриҥ ирдэнэрэ. Онон тугу үлэлээбитиҥ, туохха кыамматаҕыҥ, сатаабатаҕыҥ, төһө инициативалаах үлэһит буоларыҥ былаанныыр кэмҥэ, бииргэ үлэлиир дьонуҥ иннигэр ырылыччы көстөн кэлэрэ. Ол иһин буолуо, Илья Иннокентьевич кими да мөҕө-этэ сылдьыбат, ыкпат-түүрбэт, хата төттөрүтүн күлүүгэ-элэккэ, дьээбэҕэ кубулутан алы гынара. Аны санаатахха, ити барыта хаһыаппыт уопсастыбаннас киинигэр буолара, дьон күннээҕи кыһалҕата хаһыат страницаларыгар туруорсуллара, быһаарыллара, хаһыат суолтата үрдүүрэ. Ол түмүгэр хаһыакка сурутуу муҥутуур элбиирэ ситиһиллэрэ.

Оччолорго оройуоннааҕы да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да хаһыаттар дьон-сэргэ олоҕор улахан миэстэни ылар, быһаччы суолталаах этилэр. Ол интэриниэт, социальнай ситимнэр суохтарыттан эрэ буолбатаҕа, хаһыаттар, чахчы былаас бэйэтин илиитэ-­атаҕа, ону ааһан мэйиитэ буоларынан быһаарыллыан сөп. Үрдүкү былаас дьаһаллара үлэ кэлэк­тииптэригэр хаһыаттар нөҥүө кэлэллэрэ, ону пропагандистар, агитатордар, “Билии” уопсастыба лектордара үлэһиттэри мунньан олорон быһааран, ырытан биэ­­рэллэрэ. Ол иһин, билиҥҥи курдук, түҥ-таҥ куолулуу сылдьар, Ийэ дойдуларын уонна бэйэлэрэ быыбардаан ыыппыт дьоннорун хаахтыы сылдьалларын бэ­­йэлэрэ да билбэт буолбуттар суохтара. Барыта дьэҥкэ, өйдөнүмтүө сыһыаннар үөскүүллэрэ.

Үтүө да киһи этэ…

Оччолорго хаһыаттар эрэ­дээк­тэрдэрэ күн аайы уларытыллыбат-тэлэритиллибэт этилэр. Үлэҕэ-хамнаска эриллибит, омук тылын-өһүн, үгэстэрин дириҥник иҥэриммит, бэчээт дьыалатын муҥутуурдук баһылаабыт дьоннор ананаллара. Илья Иннокентьевич дэлэҕэ да отуттан тахса сыл тапталлаах хаһыатын эрэдээктэринэн олоруо дуо! Майгытынан мааныта, киһи быһыытынан эрэллээҕэ, үлэтэ-хамнаһа дьоһуна… “Үтүө да киһи этэ” диэн биһигини кытта өр сылларга бииргэ үлэлээбит Матрена Дорофеева суруйбут дьоһун кинигэтигэр эрэдээктэрбит Илья Иннокентьевич уобараһа ырылхайдык арыллан үйэтитиллибитэ… Ол кинигэҕэ Ылдьаабыт барахсан соһумардык суох буолбутугар бүтүн Бүлүү дьоно, Сахабыт сиригэр тарҕанан олорор атастара-доҕотторо эмискэ “мах бэрдэрэн” дөйүөрэн ылбыппытын киллэрбит этэ…

… Быстыан оруобуна биир нэдиэлэ иннинэ мин дьиэбэр ыҥырыылаах ыалдьыт буолан чиэстэнэн-бочуоттанан бараах­таабыта. Үтүөлээх аакка тиксибиппинэн аҕалыы истиҥник эҕэрдэлээн, иэдэспиттэн сыллаан ылбыта… Ылдьаа барахсан…

Николай Крылов,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

5 часов ago