Салгыы
Саха суруналыыстыкатын саарына Дмитрий Кустуров күн сириттэн барда

Саха суруналыыстыкатын саарына Дмитрий Кустуров күн сириттэн барда

Ааптар:
09.11.2024, 10:59
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха суруналыыстыкатын саарына, суруналыыс аймах ытыктабыллаах бэтэрээммит, хас эмэ көлүөнэ хаһыатчыттар, бэчээт үлэһиттэрэ сыаналыыр, сүгүрүйэр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан итиэннэ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина Дмитрий Васильевич Кустуров орто дойдуттан букатыннаахтык барда.

Ытык киһибит бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, 95 сааһын туолбута.

Саха суруналыыстыкатын саарына, суруйааччы-документалист, публицист Дмитрий Васильевич тапталлаах кэргэнигэр Саргылана Семеновнаҕа, сиэннэригэр, аймахтарыгар уонна үөлээннээхтэригэр «Саха сирэ» хаһыат уонна «Сахамедиа» холдинг кэлэктииптэрэ дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Дмитрий Васильевич сырдык аатын үйэлэргэ умнуохпут суоҕа. Кини үтүө санаата, үлэтигэр, дьонугар-сэргэтигэр амарах сыһыана, кыһамньыта үйэлэргэ үтүө тылынан ахтылла туруоҕа. Өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр ытык киһибит мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.

Д.В.Кустуров олоҕун олуктара

1929 с. сэтинньи 8 к. Кириэс Халдьаайы сэл. (III Байаҕантай) Томпо улууһугар төрөөбүтэ.

1937-1944 сс. Кириэс-Халдьаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ.

1948 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ.

1956 с. М.В.Ломоносов аатынан МГУ журанлистика салаатын бүтэрбитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн баран Дьокускайдааҕы кинигэ издательствотыгар билим литэрэтиирэтин эрэдээктэринэн, СО АН СССР Дьокуускайдааҕы филиалыгар, А.С.Пушкин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи библиэтиэкэ учуонай сэкирэтээринэн, «Саха сирэ» хаһыат анал кэрэспэндьиэнинэн үлэлээбитэ.

«Саха сирэ» хаһыат, «Сахамедиа» РИИХ кэлэктииптэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: