Ил Дархан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт 232 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕар 2024 сылга саха сүөһүтүн ыанар ынаҕын ахсаанын 1000 төбөҕө тиэрдэргэ сорук туруорбута.
2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 3 101 саха сүөһүтэ баар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 1 159 төбө. Онон “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ уонна тирэх хаһаайыстыбалар ыанар ынах ахсаанын 1000-тан таһааран, Ил Дархан соругун толорбуттар.
“Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ (дириэктэр Артемьев А.Е.) барыта 10 отделениелаах, мантан 9-һа саха сүөһүтүн иитэр уонна биир Мэҥэдьэк боруода сылгытын иитиинэн дьарыктанар. Бу сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан, 1250 төбө саха сүөһүтэ иитиллэн турар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа — 422 төбө.
Былааннаммыт от-мас, өрөмүөн уонна тутуу үлэтэ ыытыллан, сылы этэҥҥэ түмүктээн эрэбит. Бу сылга туох ыытылынна?
Өргөннөөххө – “Ильич уота” сандаарда
Бастатан туран, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах бөһүөлэгэр үлэлии-хамсыы олорор Өргөннөөх отделениетыгар уот илииньийэтэ тардыллан, күүтүүлээх “Ильич уота” умайда. Нэһилиэктэртэн 5-10 км чугас сытар сайылыктарга, сылгы базаларыгар уот линията тардыллара уустук. Онон Сыымахтан 29 км ыраах сытар Өргөннөөх учаастагар уот киирбитэ улахан кыайыынан буолар.
2021 сыллаахха “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ Өргөннөөх учаастагар саҥа отделение арыйбыта. Икки сыл курдук отделение дизелинэн үлэлээн кэллэ. Биллэн турар, үлэһиттэргэ олорор-үлэлиир усулуобуйа тэриллэн, олорор дьиэ-уот, баанньык, гараж тутуллубута, ол эрээри уотунан хааччыллыы улахан суолталаах, биир тыын боппуруос этэ. Күүстээх туруорсуу уонна бары түмсэн, саба түһэн, бэйэ-бэйэни өйөһөн үлэни ситиһиилээхтик түмүктээтибит.
Иккиһинэн, Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр баар отделениетын сайылыгар уонна наука киинигэр уот ситимэ киирдэ.
Таастаах бөһүөлэгиттэн бэрт чугас сытар “Эбэ Атаҕа” диэн сиргэ 2022 сыллаахха научнай киин тутуллубута. Манна өбүгэлэрбит сүөһүнү былыр хайдах көрөн-истэн кэлбиттэригэр чугаһатан уруккулуу моһуоннаах 50 сүөһү турар хотоно, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ тутуллубута. Уот суох буолан научнай киин үлэлээбэккэ турбута.
Онтон Тураҥнаах сайылыга бөһүөлэктэн 5 км тэйиччи сытар. Манна саҥа титиик, үлэһиттэр олороллоругар саха балаҕаннара тутуллубуттара. Ол эрээри эмиэ уот суоҕуттан үлэҕэ киирбэккэ турбуттара. Быйыл дьэ, күүтүүлээх күммүт үүнэн, уот холбонно.
Уотар былаһаакка уонна хотоннор
Үсүһүнэн, Амма улууһугар Болугур нэһилиэгэр үлэлии-хамсыы олорор Күллэги отделениетыгар быйыл күһүн саха сүөһүтүн уотар былаһаакка тутуллан киирбитэ. Амма өрүс үрдүгэр Омоллоон сиригэр 100 төбөҕө аналлаах тутууну, күрүөнү-хаһааны Трофим Окороков биригээдэтэ туппута. Манна Намтан, Горнайтан уонна Мэҥэ Хаҥаластан ыччат сүөһүлэри аҕалан Амма улууһугар бэлэмнэммит сүөһү аһылыгынан 2 ый кэриҥэ уотууга туруордубут. Саха сүөһүтэ үчүгэйдик аһаатаҕына ыйааһынын ылар кыахтааҕын көрдөрдүбүт. Зоотехник Андрей Турантаев салайыытынан үлэлээбит эдэр зоотехник Очир Мухленов көрдөрүүтэ куһаҕана суох – 50 күн иһигэр биир ыччат сүөһү эбиллиитэ – 44 киилэҕэ тэҥнэстэ. Ол эбэтэр 24 диэри ыйдаах сүөһү орто ыйааһына — 301 киилэ.
Төрдүһүнэн, өссө Күллэги отделениетыгар икки хотон туттуллан үлэҕэ киирдэ. 100 сүөһү турар хотонун “Навигатор+” тэрилтэ, салайааччы Павел Филиппов инвестордаан туттарда. 30 ыччат сүөһү турар хотонун Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээн, Трофим Окороков биригээдэтэ тутта.
Бэсиһинэн, бэйэбит айылҕабытыгар сөптөөх сүөһүбүт этин-үүтүн туһатын туһунан үгүс учуонайдар суруйаллар. Саха ынаҕын этэ – киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Онон быйылгыттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Мэдиссиинэ национальнай киинин кытта бииргэ үлэлэһэн эрэбит. Саха сүөһүтэ “мрамор” эттээҕинэн биллэр. Атын боруодалары кытта тэҥниир буоллахха, саха сүөһүтүн этигэр баар уута 2,64%-нан аҕыйах, быччыҥ быыһынааҕы сыата (“мрамора”) 2,30%-нан элбэх. Ону таһынан кини эт быыһынааҕы үрүҥэ (белок) элбэх буолан, аһылык быһыытынан иҥэмтиэтэ быдан үрдүк. Аны туран, билиҥҥи мэдиссиинэ чинчийиилэрэ көрдөрөллөрүнэн, “мрамор” эт холестерин үөскүүрүн бохсор веществолаах, өссө канцерогены утарар кыахтаах, ол аата искэҥ ыарыыны үөскэтэр веществоны эттэн-сиинтэн таһаарарга көмөлөһөр өрүттээх. Японияҕа оҕо тэрилтэлэригэр оҕону булгуччу “мрамордаах” этинэн аһаталлара мээнэҕэ буолбатах.
Эбээн Бытантайга – пааматынньык
Алтыһынан, саха сүөһүтүн тутан хаалбыт Эбээн Бытантай улууһун дьонугар махтанан туран, улуус дьаһалтатын кытта кыттыһан “Саха оҕуһа” пааматынньыгын туруордубут. Пааматынньыгы оҥорууга скульптор Владимир Левин, Петр Эляков уонна Владислав Бурцев үлэлээтилэр. Пааматынньык оҕуһун үрдүгэ – 1 м 95 см, уһуна – 2 м 20 см.
Саха атыыр оҕуһа – төрүөҕү, күүһү-уоҕу, дьулууру, кыаҕы көрдөрөр. Кырдьыга даҕаны, Эбээн Бытантай олохтоохторун күүстээх санааларынан, тулуурдарынан, таһаарыылаах үлэлэринэн саха омук сүөһүтэ тыыннаах хааллаҕа.
Саҥа бренд — “Мэҥэдьэк кымыһа”
Сэттиһинэн, Ньурба улууһугар Степан Васильев аатынан “Мэҥэдьэк” отделение быйылгыттан биэни ыаһыны сөргүттэ. Ол курдук, “Мэҥэдьэк” кымыһын атыыга таһаарда. Өрөспүүбүлүкэтээҕи кымысчыттар күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттыыны ылла.
Үс кыһыл көмүс мэтээл
Ахсыһынан, быйылгы Бүтүн Арассыыйатааҕы “Көмүс күһүн – 2023” агробырамыысыланнай быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 3 кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистибит:
— Саха ынаҕын арыыта;
— “Мэҥэдьэк кымыһа”;
— саха сүөһүтүн ис үөрэтэ.
Тохсуһунан, XXIV төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ыанньыксыттар күрэхтэһиилэригэр “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ бастакытын кытынна. Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгэр үлэлиир Кылыс отделение ыанньыксыта Егор Михайлов эр дьон ортотугар 45-гэр диэри саастаахтарга бочуоттаах үһүс миэстэни ылбыта.
Өбүгэлэрбититтэн кэлбит норуоппут баайын үксэтиигэ бары түмсэн үлэни кыайабыт. Бары отделениеларга үлэлии-хамсыы сылдьар туруу үлэһит дьоммутугар махтанабыт. Бу барыта эһиги сыралаах үлэҕит түмүгэ. Инникитин да биир санаанан, сахабыт сүөһүтэ элбиирин туһугар биир санаанан үлэлиэхпит диэн эрэнэбит.
Екатерина Захарова.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…