Салгыы
Саха сүөһүтэ — учуонайдар харахтарын далыгар

Саха сүөһүтэ — учуонайдар харахтарын далыгар

03.11.2024, 17:00
Саха сүөһүтүн боруодата эстибэт дьылҕаланна. Хаартыска Варвара Романова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха сүөһүтүгэр кэлиҥҥи сылларга ураты болҕомто ууруллан, араас филиаллар тэриллэн, “сүтэн эрэр” аатыттан таһаардыбыт. Ахсаанын 2 тыһ. төбөттөн элбэтэн, хааны ырааһырдыы да өттүнэн, хаһаайыстыбаҕа туттуу да өттүнэн сайыннарар кыах баар буолла. Биллэн турар, 1917 сыллаахха сүөһүбүт 300‑тэн тахса тыһ. төбөҕө тиийбитин ситэр кыахпыт суох эрээри, Ил Дархан, СӨ Бырабыыталыстыбата, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кыһамньыларынан саха сүөһүтүн боруодата эстэр кыахтан таҕыста. 

Генетикаҕа чинчийэр үлэ

Биологическай билим дуоктара М. М. Черосов дириэктэрдээх Тыа хаһаайыстыбатын билим-чинчийэр институтун үлэһиттэрэ уонунан сыллар тухары ыыппыт үлэлэригэр олоҕуран, саха ынаҕын чинчийии билигин саҥа хайысхаланна.

Ынах сүөһүнү чинчийэр лабаратыарыйа сэбиэдиссэйэ Варвара Романова ханнык үлэ бара турарын билиһиннэрэр:

“2007 с. аан дойду учуонайдарын бөлөҕө саха ынаҕа Хотугу Евразияҕа уонна Ближнэй Восток ыаллыы сытар эрэгийиэннэригэр баар 21 боруодаҕа генетическэй өттүнэн олус чугаһын быһаарбыта. Оттон саха ынаҕа эволюционнай сайдыытын батыһан чинчийбиттэрин түмүгэр хас да ураты- баара көстүбүтэ. 2002 сылтан институт учуонайдара Финляндия Айылҕа ресурсатын институтун үлэһитэ Юха Кантанены кытта геном таһымыгар хас да чинчийиилэри ыыппыттара. Ол түмүгэр холмогор, саха, ярославскай боруодалары салгыы дириҥэтэн үөрэтэргэ сөптөөх ураты генетикалаахтара көстүбүтэ.

2016 с. Финляндия Айылҕа ресурсатын институтун учуонайдарын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгүнэн, саха ынаҕын бактыарыйаттан көмүскүүр генэ үчүгэйдик үлэлиирэ көстүбүтэ. Аан бастаан хоту усулуобуйаҕа үөскүүр икки төрүт боруода геннэрин тэҥнээн чинчийии (профиль экспрессии генов) барбыта. Ол түмүгүнэн хоту финскэй боруода сүөһү генэ голштинскай сүөһүтээҕэр саха боруодатыгар чугаһа көстүбүтэ”.

Бу билим чинчийиилэрэ сүөһү боруодата хантан төрүттээҕин үөрэтиигэ, генофондун чөл тутан хаалларыыга уонна ген таһымыгар тупсарыыга наадалаахтар.

Арассыыйаҕа эстэр суолга киирбит хас да төрүт боруода баар, оттон биһиги боруодабытын таас хайалар быыстарыгар саһыаран иитэ олорбут Эбээн Бытантай улууһун олохтоохторугар, ону тиһиктээх үлэнэн “нэһиилэ кыламныыр кыымтан бүтүн кутаа уоту оттубут” “Саха ынаҕа” ГКП үлэһиттэригэр махтал буоллун.

60 оҕуска — 30 анаалыс  оҥоһуллубута

Саха сүөһүтүн тоҕо эрэ аан дойду чинчийээччилэрэ харахтарын далыттан олох сүтэрбэттэр. Хас да генетическэй чинчийии ыытыллан турар. Ол түмүгэр тымныыны тулуйар геннэри, тэмпэрэтиирэ уларыйыытыгар организм хайдах эппиэттиирин (DNAJC9, SOCS3, TRPC7), о. д.а. булбуттара. “SNP-панелынан саха сүөһүтүн генома бүүс бүтүннүү үөрэтиллэн, хайа баҕарар генетическэй информацияны ылар кыахтанныбыт, — диир Варвара Васильевна. — Инникитин -РНК-тын уонна микро-РНК-тын, сыатын транскриптоннарын, ону тэҥэ эпигеномика өттүнэн үөрэтэр былааннаахпыт. Саха сүөһүтүн төһө да элбэхтик чинчийбиттэрин үрдүнэн, кини хантан төрүттээҕэ чуолкайдана илик.

ССТХНЧИ уонна Л. К. Эрнст аатынан сүөһүнү чинчийэр институт чинчийиилэринэн саха ынаҕын монгольскай, холмогорскай боруодалары кытта тэҥнээн көрүүнэн молекулярнай-генетическэй характеристиката тахсыбыта. РНА Сибиирдээҕи салаатын Цитологияҕа уонна генетикаҕа института (Н. С. Юдин үлэлэрэ) саха сүөһүтүн генетическэй өттүнэн эмиэ чинчийэр. Үөр сүөһү уруулуу биир хааннаах буоларын таһаарбат туһугар эмиэ ымпыктаах-чымпыктаах үлэ барар. Оҕустар биир хааннаахтарын дуу, суоҕун дуу быһаарарга, 60 оҕуска 30 анаалыһы оҥорбуттара. Ол түмүгэр крио-бааҥҥа харалла сытар аҕыйах да сиэмэ популяция иһигэр хаан холбоһуутун таһаарбат кыахтааҕа көстүбүтэ.

2017–2025 сс. Арассыыйаҕа ex situ уонна in situ генофонднай боруодалары чөл хаалларар бырагыраама үлэлии турар. Саха ынаҕа манна эмиэ чинчийии бөҕөнү ааһа турар”.

Крио-бааны тэрийии

Саха сүөһүтүн үйэ саас тухары чөл харайан хаалар туһугар сиэмэлээх, яйцекилиэккэлээх, үөскэхтээх крио-баан тэриллиэн наада. Билиҥҥитэ сүөһүнү элбэтэргэ сиэмэни крио-кэнсиэрбэлээһин эрэ үлэтэ барар. Саха ынаҕар үөскэх баанын тэрийиигэ үлэ бара илик. Баар былааннартан олоххо киириэх курдугунан үөскэх баанын тэрийии буолар, онно ынахтан яйце-килиэккэтин ылан харайаҕын итиэннэ олору кэлин IVP үөскэҕин ыларга туттаҕын. Бу эмиэ үөрэтиллэ илик, улахан билим чинчийиини эрэйэр тиэмэ.

Кэлиҥҥи сылларга ССТХНЧИ, “Сахаагроплем” ГБУ, “Саха сүөһүтэ” ГКП уонна ХИФУ түөрт өрүттээх дуогабарга олоҕуран, ону кытта ОАЭ-тан сылдьар бииргэ үлэлэһэр киһилэрэ буолан, саха кыылларын био-матырыйаалларын үөрэтэ сылдьаллар. Инникитин генетическэй өттүнэн тупсарыллыбыт доруобай саха сүөһүтүн иитэн-оҥорон таһаарар киини тэрийэр былааннаахтар. Үлэ түмүгэ сотору биллиэ.

САНАА
Саха ынаҕа устуоруйабытын сэгэтээрэй

Руслан Попов, өр сылларга лабаратыарыйа сүрүннүүр билим үлэһитинэн үлэлээбитэ, билим хандьыдаата:

— Саха сирин учуонайдарын кытта үлэлэспит финн учуонайа Юха Кантанен бөлөҕө Аляскаҕа Чириков арыытыгар көстүбүт ынах сүөһүлэри чинчийбит. 12 сыл устата оҥорбут “Дендрограмма подбора крупного рогатого скота” диэн билим үлэлэригэр 14 боруоданы тэҥнии тутан үөрэппиттэр. Ол түмүгэр саха, Чириков арыытын уонна калмыцкай боруодалар майгыннаһаллара көстүбүт. Чириков арыытынааҕы сүөһү генин 30%-на эрэ саха, 70%-на атын боруодалар геннэрэ. Онон ыраас хааннаах саха ынаҕа диир кыахпыт суох. Бу ынахтары Алясканы баһылыы тиийбит нуучча айанньыттара илдьибиттэрэ саарбаҕа суох. Булкаас геннээҕин иһин Чириков арыытын сүөһүлэрин учуонайдар интэриэһиргээбэттэр, билиҥҥитэ ахсааннара 2000‑тан тахса буолбут.

Оттон саха ынаҕын тоҕо аан дойду учуонайдара эккирэтэ сылдьан чинчийэллэрий? Сүрүнэ, ыраас геннээх сүөһү. Аан дойду киһилиин-сүөһүлүүн үлтү ытыллыбыт үйэтигэр итинник ыраас ген дэҥҥэ түбэһэр эбит, бу учуонайдарга дьиҥнээх булумньу. Эбиитин аан дойду саамай тымныы сиригэр үөскүүр. Аны кэлбит сирэ мунаах.

Турано-монгольскай бөлөххө киирсэр. Бу бөлөх сүөһүтэ бэрт аҕыйах, сүрүннээн, Тибетинэн, Монголиянан, Бутанынан, Япониянан, Калмыкиянан баар. Бу бастакы сүөһүнү Турцияҕа дьиэтиппиттэр. Саха ынаҕын генин үөрэтии түмүгэ кини ол диэкиттэн кэлбитин кэпсиир, ол курдук ынах төрдө Орто Азияны, оҕус төрдө Ближнэй Востогу, Европаны ыйа сытар. Онон былыргы устуоруйабыт аанын аһарга ынахпыт кытта көмөлөһүөх курдук.

Хаартыскалар: Варвара Романова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: