Саха сылгытын иитиигэ 10 сүбэ-ама
Саха сирин алаастарыгар атыыр үөрэ кистээбэт буоллаҕына, айылҕа барахсан итэҕэстийэр, иччитэхсийэр. Саха сылгытын иитии киһи аайы кыайтарбат. Сылгыһыт диэн айылҕаттан айдарыылаах, тымныыттан-куйаастан чаҕыйбат, сырыыны-айаны кыайар, Дьөһөгөй оҕотун ис сүрэҕиттэн таптыыр буолуохтаах.
Сылгы төрүөҕэ тоҕо аҕыйаата?
Бастакытынан, мин көрдөхпүнэ, атыыр үөрүгэр биэ ахсаана аҕыйах. Атыыр үөрүгэр 12–18 биэ баар буолуохтаах. Уону иһинэн биэлээх атыыр 1–2 биэни хайаан да кытаратар.
Иккиһинэн, сылгыны иитиигэ биэ да, атыыр да буоллаҕына, түүтэ куобах ньуолах, таныыта киэҥ, хараҕа толору, кэтит түөстээх, үүттээх биэттэн төрөөбүт кулунчук буолуохтаах. Убаһаны киэҥ далга оту ходууллаабат гына, тоҥмотун учуоттаан күҥҥэ кыра-кыратык үстэ, киэһээтин 11 ч. саҕана аһаттахха, убаһа титирээбэт. Хаһан да эбиэһи сиргэ мээнэ кутан аһатымаҥ, миэтэрэ үрдүктээх хоруудаҕа кутуҥ. Эбиэскит суох буоллаҕына, нэчимиэн бурдугу биэримэҥ, сылгы куртаҕа биир хаамыралаах буолан, нэчимиэн бурдук үллэрин убаһа тулуйбат, өлүөн сөп. Эбиэс бурдугу төрүүр биэлэр хоруотуулларын кытта биэрэн бүтэҕит. Биэ икки кэнники ыйга оҕото түргэнник ийэтин иһигэр улаатар, ол кэмҥэ эбиэһинэн аһаттахха, биэ оҕото олус улаатан, кыайан төрөөбөт. Убаһаны, биэни аһатар сиргэ 2 м үрдүккэ мөһөөччүккэ тууһу баайаҕын эбэтэр охто сытар тииккэ хорууда хаһан тууһу кутаҕыт.
Үсүһүнэн, сылгы үөрэ атыырыттан тутулуктаах, үөскүүр-тэнийэр. Дьааҥы атыыра 5–6 сааһыттан үөрү үчүгэйдик тутар. Бу сылгы тымныыны тулуйарын тэҥэ үөрүн олус үчүгэйдик көрөр. Мэгэдьэк, Өлүөнэ өрүс атыырдарын оҕолоро бөдөҥнөр эрээри, эттэрэ сымсах, түүлэрэ сахсаххай, түргэнник ыраллар. Киин улуустар сылгылара үчүгэй хаачыстыбалара элбэх эрээри, хаһыы суоҕар быста ыраллар, ыарыыга хаптараллар. Сылгыһыттар биир суруллубатах сокуону булгуччу тутуһуохтааххыт. 6–8 сыл иһигэр сылгы хаанын уларытар инниттэн, атыыр буолар соноҕостору хайаан да атастаһыахтааххыт. Бу атастаһыыны оҥорботоххутуна, уруурҕаһыы таҕыстаҕына, сылгыттан төннүбүт төрүөҕү ылаҕыт.
Төрдүһүнэн, саха сылгыта 20–30 сыл тыыннаах сылдьыан сөп эрээри, биэни — 17, атыыры 15 сыл иитэн баран, идэһэҕэ туттар сөп. Таатта Баайаҕатыгар убаһаны өлөрбөттөр, байтаһын сылгынан аһылыктаналлар диэн истэбин. Дьиҥ былыргы өбүгэлэрбит үс илии хаһалаах, ыыс-араҥас сыалаах байтаһын сылгы этин мииннээн иһэн хаһан да онкология ыарыытынан ыалдьыбаттара, ханнык да аптека эмин испэккэ, кыра дьаҥҥа хаптарбакка, ыһыахха байтаһын сылгы этин сиэн эҥин үлэни кыайан эрдэхтэрэ. Атыыры, биэни 20 сааһыгар диэри иитиэххэ сөп эрээри, төрүөҕү биэриитэ 30% мөлтүүр.
Бэсиһинэн, убаһаны иитэр дьон хайаан да бас быалаан, улгумнук сиэтиллэр гына үөрэтэҕит, убаһатыгар ойбоҥҥо уулаттахха ордук төлөһүйэр. Маннык атыыр, биэ үргүүгэ суох буолар. Аһатар кэмҥэ ыҥыран киһиэхэ дэбигис туттарар, сымнаҕас гына үлбүйэҕит. Ыҥыырдаан миинэ үөрэттэххэ, үчүгэй сылгы буолуоҕа. Атыыр үөрүн аһатар сир дэриэбинэттэн тэйиччи буолара наада.
Сылгыны дэриэбинэҕэ сайылатымаҥ
Алтыһынан, сылгыны иитэр-аһатар баазаны дэриэбинэттэн тэйиччи, атыыр үөрэ таптаан хаһар, тохтуур сиригэр тутуллар. Баазаҕа киэҥ-куоҥ хааччах, хапытаалынай тылбыы, от күрүөтэ, үчүгэй оҥоһуулаах дьиэ, булуус, сарайдар, балыктаах күөл, тыал-куус мээнэ түспэт бүөм сирэ талыллар.
Сэттиһинэн, күһүн-саас бэтэринээрдэри кытта дуогабардаһан, убаһа күөмэйдьит ыарыытын утары быһыы, сылгы быттыйбатыгар дьаһаллар, ырар сылгыны тутан витаминизация оҥоһуллар. Соноҕостор, кытыттар 4 саастарыгар тииһииллэр, бу кэмҥэ тиис оҥоттороҕут.
Ахсыһынан, сылгыһыттар чааһынай сылгылаах киһини хаһан да албыннаамаҥ. Кулуннаабыт, өлбүт буоллаҕына, хаһаайыҥҥа кырдьыгынан этиҥ. Күһүн тиийэн убаһаҥ суох диэн соһуччу этэр сылгыны кытта үлэлээбэт киһи тыла.
Тохсуһунан, быйыл сылгы төрүөҕэ аҕыйах. Куорат ырыынагар киллэрэн убаһа этин 1 киилэтин — 800 солк., иһин — 10 тыһ. (кэмпилиэк), быарын киилэтин 2500 солк. атыылыырга суоттанымаҥ. Бу дьиҥнээх хаһаайын сыаната буолбатах. Убаһа этин 1 киилэтин — 500 солк., убаһа быарын — 1 тыһ. солк., иһин — 5,5 тыһ. атыылыыр сөптөөх сыана буолар. Эккитин бэйэҕит атыылааҥ, үрдэтэн атыылыыр (перекупщик), босхо харчыга харамнаһар дьоҥҥо эти атыылатымаҥ, эккит олох да атыыламматаҕына көҥүлэ.
Онуһунан, дэриэбинэҕэ, сайылыкка сайылыыр, сааһыыр сылгылар ситэ уойбаттар, хаһан аһыыр дьоҕурдара сайдыбат, төрүүр-ууһуур кэмнэригэр мэһэйдэтэн быраҕаллар, кулуннууллар. Онон сылгы үөрүн бөһүөлэккэ туппат дьаһалы нэһилиэк баһылыга быһаарыахтаах.
Андрей Варламов, СӨ үтүөлээх зоотехнига, Мугудай нэһилиэгин ытык олохтооҕо,
“Мугудай” сылгы собуотун урукку начаалынньыга.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: