Саха тэлэбиидэнньэтигэр «Тооку» оҕо ханаала баар буолуоҕа

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр норуот хаһаайыстыбатын араас боппуруостарыгар сүрүн соруктары туруорда,  хайысхалары торумнаата.
Оҕо саас сылыгар кэккэ барыллары торумнууругар, өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга «Саха» НКИХ анаан этии оҥордо.
Бу туһунан хампаанньа салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков санаатын маннык үллэһиннэ:


— «Саха» НКИХ хайа күн тэриллиэҕиттэн оҕоҕо аналлаах биэриилэргэ сүрүн болҕомтотун уурбута. Өрөспүүбүүкэ үгүс олохтооҕо «Түннүк», «Бизончик», «Күнчээн», «Чохоон» курдук биэриилэри көрөн улааппыт дьон  оҕо саастарын биэриилэрин билигин да күндүтүк саныыллар, ахталлар. Оттон «Хотугу сулус» («Полярная звезда» ) курдук  кыра сааһыттан оскуоланы бүтэриэр диэри оҕо айар талаанын бары өттүттэн арыйбыт, үгүс ыччакка айар үлэтин суолдьутунан буолбут биэрии күн бүгүҥҥэ диэри оҕолорбутун сырдыкка, үйэлээххэ угуйар. Кэлиҥҥи көлүөнэ оҕолор куйаар ситимигэр  таһаарар үөрэтэр уонна сааратар биэриилэри умсугуйан көрөллөр. Икки сыл устата биһиги бэйэбит сахалыы ис хоһоонун бэлэмнээн,  олохтоох ойуулук оҥорооччуларга  сакаастаан оҥотторобут.  Онон Тооку кырачааннар саамай күүтэр, кэрэхсиир ойуулуктарынан буолла.
Ил Дархан Анал этиитигэр хампаанньаҕа туһаайан оҕо ханаалын аһан үлэлэрбитигэр сорудахтаата. Онон үүнэр сылтан айар үлэһиттэрбитин кытта оҕону үтүөҕэ, кэрэҕэ, үлэҕэ, дьиэ кэргэн сыаннастарыгар үөрэтэр, уһуйар тэрээһиннэри тэрийиэхпит.
Оҕо ханаала кырачааннар сөбүлээбит дьоруойдарын аатынан  «Тооку» диэн ааттаныаҕа.  Сүрүн аудиториябыт – оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоро. Онно оҕону сааратар, билиилэрин хаҥатар ханаалга кырачааннарга сөбүлэппит ойуулуктарбыт киириэхтэрэ. Муусукаҕа элбэх биэрии баар буолуоҕа.
Онон, түгэнинэн туһанан,  оҕоҕо аналлаах бырагыраамалары оҥорор араас эйгэҕэ үлэлиир исписэлиистэр, IT-парка, «Үлэ кыбартаала» креативнай  кластер резиденнэрин,  «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын, бэйэ дьарыктаах дьону, оҕо  телеустуудьуйаларын, видеоблогердары уо.д.а. талааннаах дьону бииргэ үлэлииргэ ыҥырабын.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago