Саха тэлэбиидэнньэтин чаҕылхай сулуһа — Георгий Белоусов
“Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэтэ тэриллибитэ 60 сыллаах кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн бэлиэтиир.
Бу сыллар тухары саха тэлэбиидэнньэтигэр үгүс киһи үлэлээн, бэйэтин айар суолун тэллэҕэ, аатын-суолун норуотугар хааллардаҕа.
Кинилэртэн биирдэстэрэ Саха тэлэбиидэнньэтин туйгуна Георгий Белоусов – бүгүн “Саха сирэ” хаһыат ыалдьыта.
Санаа күүһэ
– Георгий, эн интервьюларгын элбэхтэ аахпытым. Онно оҕо сааскар наһаа улаханнык ыалдьа сылдьан баран, санааҥ күүһүнэн барытын тулуйбуккун билэбин…
– Кырдьык, оҕо киһиэхэ олохпор үгүс уустук түгэннэри тулуйбутум. Эпилепсия диэн тартарар ыарыы эрэйдээбитэ. Ийэм 1-кы кылааска оскуолаттан анаан ыла кэлэрэ. Ити билигин төрөппүттэр оҕолорун оскуолаттан кэлэн ылаллар. Оччолорго кыбыстыылаах этэ. Оҕолор “Жораны оҕо саадыттан ылар курдуктар” диэхтэрэ дии саныырым. Ол иһин ийэбин миигин ыла кэлэрин боппутум.
Бастакы биэс сыл 2-с Хомустаахха үөрэнэн баран, кэнники биэс сыл Нам 1 №-дээх орто оскуолатыгар үөрэммитим. Аны ол үөрэнэ сылдьан дифтерия курдук күүстээх ыарыынан ыалдьан, кэлин онтукайым охсуута сиһим ньиэрбэтин таарыйан суорҕаннаах-тэллэх киһитэ буолбутум. Учууталым уонна кылааһым салайааччыта Евдокия Гаврильева (билигин Сибэкки Дуунньа диэн аатынан киэҥник биллэр) 9-10-с кылаастарга сүүрэн-көтөн, инбэлиит кэлээскэтин булан абыраабыта. Инньэ гынан, оскуолаҕа буолбакка, дьиэбэр олорон үөрэммитим. Мин үөрэммит кылааһым – Евдокия Степановна бастакы уонна бүтэһик выпуһа этэ.
Парижтан матыы хомолтото
– Билиэн-көрүөн баҕалаах оҕоҕо дьиэҕэ үөрэнии – барытыттан матыы буоллаҕа?
– Оннук курдук. 1993 сыллаахха “Былатыан Ойуунускай 100 сааһыгар Парижка бараҕын” диэн буолла. Оо, онно үөрбүппүөн! Биһиэхэ Намҥа “Ньургун Боотур” олоҥхону тылбаастаабыт Жак Карро кэлэ сылдьыбыта. Онно мин кинини кытта французтуу кэпсэтэн турабын. Омук тылыгар олимпиадаларга эҥин миэстэлэһэрим. Франция ыалдьыта наһаа сөхпүтэ уонна миэхэ путевка биэрэллэригэр эппитэ. Мин олох барардыы тэринэн сырыттахпына, быраастар хамыыһыйалара эпилепсиябыттан сылтаан кыккыраччы аккаастаабыттара, хаалларбыттара. Мин оннубар атын оҕону ыыппыттара…
“Океан” лааҕыр – Таҥара бэлэҕэ
Нөҥүө сылыгар, аны “Океан” лааҕырга барар буоллум. Мин эмиэ үөрүү бөҕөбүн. Көтөөрү аэропорт күүтэр саалатыгар муһуннубут. Бараары сылдьар оҕолор күлүү-салыы, кэпсэтии күйгүөрэ. Арай, оонньуу сылдьан көрдөхпүнэ, учууталбар Е.В. Соколоваҕа биир билбэт дьахтарым кэлэн, мин диэки ыйа-ыйа тугу эрэ быһаарар да быһаарар. Учууталым ыҥыран ылан “Жора, эн барбат буоллуҥ…” диэтэ. Испэр аймана түстүм, күөмэйбин туох эрэ хомуога бүөлээн кэбистэ. Хараҕым уутун кыайан туттумматым. Тэҥҥэ ытаһа турбут Ефросинья Васильевна миигин аһынан: “Чэ, кэбис… Оҕобун хаалларбаппын, бэйэм эппиэтинэспэр ылабын. Бу Парижка барыахтаах оҕо хаалбыта. Аны “Океантан” матара табыллыбат”, – диэбитэ. Оо, онно мин үөрбүппүөн! Ол лааҕырга наһаа да үчүгэйдик сылдьан кэлбитим. Оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнэ ол.
Үөрэххэ киирии
– Онтон хайдах суруналыыстыкаҕа таба тайанныҥ?
– Туох баар эмтэнии кууруһун ааспытым кэннэ атаҕым ньиэрбэтэ уһуктубутугар быраастарым миигиннээҕэр үөрбүттэрэ. Атахпар тураат, кыл мүччү кылааһынньыктарбын кытта үөрэххэ туттарса барбытым. Онуоха куораты билбэт буоламмын, бииргэ үөрэммит доҕорбун Юра Оконешниковы батыспытым. Кини докумуонун суруналыыстыка салаатыгар туттарбыта, ол иһин мин эмиэ онно тэҥҥэ биэрэн кэбиспитим. Дьиҥэр, ыра санаам быраас этэ. Ол эрээри, дьиэҕэ олорон үөрэммит буолан, химияны куоттардаҕым буолуо дии санаан, ол санаабын толорортон туттуммутум.
Хата, суруналыыстыкаҕа киирэрбэр кураанаҕынан тиийбэккэ, “өттүк харалаах” этим. Эрдэтээҥҥи сылларга “Бэлэм буолга” (“Кэскил” оҕо хаһыата) кроссворд оҥорон ыытарым. Ону бэчээттээтэхтэринэ, наһаа үөрэрим. Арай биирдэ “Жора, эн кроссвордкар 6-с ыйытыыга сыыспыккын, ону көннөрөн ыыт. Н.Е.Мординов” диэн илии баттааһыннаах суругу тутан олус долгуйбуппун өйдүүбүн (кэлин бу хаһыат эрэдээксийэтигэр сэттэ сыл кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитим). Аны 1994 сыллаахха “Океан” лааҕырга сылдьыбытым туһунан ахтыым улуус хаһыатыгар тахсыбытын ууруна сылдьарым баара. Саха тылын уруогар ийэ туһунан өйтөн суруйууга суруйтарбыттара. Ону учууталым эмиэ улуустааҕы хаһыакка ыытан бэчээттэппит этэ. Инньэ гынан, үс ирдэнэр матырыйаал миэхэ баар буолан, суруналыыстыкаҕа туттарсар ирдэбили тутуспутум уонна холкутук киирэн хаалбытым.
– Оттон ол тартарар ыарыыҥ хайдах суох буолан хаалбытай?
– Бүтэһикпин 4-с кууруска УЛК-ҕа сууллан түспүт этим. Арай өйдөнөн кэлбитим – киһи бөҕө. Куттаммыттар аҕай этэ. Ол күнтэн ылата, Таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэбин. Үтүөрбүтүм.
Тэлэбиидэнньэ суолун тэлии
– Хаһыат уонна тэлэбиидэнньэ суруналыыһа – бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат, тус-туспа ирдэбиллээх идэлэр. Эн хаһыакка үлэлии сылдьан хайдах тэлэбиидэнньэ үлэһитэ буолан хаалбыккыный?
– Ол эмиэ туспа устуоруйалаах диэххэ. “Кэскилгэ” үлэлии сырыттахпына, табаарыһым: “Тэлэбиидэнньэҕэ кастинг буолар үһү. Миэхэ доҕор буола барыс эрэ”, – диэн көрдөстө. Мин оччо баҕарбатарбын да, чэ, барсыбытым. Син өр уолбун кэтэһэн олордум. Тахсаатын кытта, кастины ыытар ачыкылаах дьахтар тахсан “ким киирэр уочаратай, күүтэбит” диэтэ. Онтон миэхэ туһаайан: “Ити күөх кууркалаах уол киир эрэ”, – диэтэ. “Кими этэллэрий?” диэн көрүтэлээтим да, миигиттэн атын киһи суох. Киирдим. Киммин-туохпун ыйыттылар. Суруналыыспын истэн үөрдүлэр. «Чэ, оонньоон диэн, эн, «Саҥа күн» биэрии ыытааччыта эбиккин. Онуоха күһүҥҥү оҕуруот аһын хомуурун туһунан сюжекка анаан кылгас киирии тылы этиэххин наада. Дьэ, хайдах этиэҥ этэй?” диэн сорудаҕы биэрдилэр. Онуоха мин билэр өс хоһооммунан: «Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн! Уһун сайыны быһа үүннэрбит, бүөбэйдээбит, сыыс отун үргээн улаатыннарбыт оҕуруоппут аһын кыһын хайдах хаһаанар туһунан сюжеты болҕойон көрүөҕүҥ», – диэн субурутан кэбиспитим. Ол онтон кинилэр да, бэйэм да соһуйан хааллыбыт. “Ээ, дьэ, бу – биһиги көрдөөбүт киһибит эбит!” диэн саҥа аллайаат, били, ачыкылаах дьахтар: “Олох ылабыт, сарсын 100 “А” хоско булгуччу кэлэҕин”, – диэн этэн кэбистэ. Табаарыһым барахсан долгуйдаҕына тардыас этэ. Онтуката дьайдаҕа буолуо, кастины ааспатах этэ. Ол эмиэ да үчүгэйдээх эбит. Олоҕун суола кинини биисинэскэ аҕалбыта. Билигин ситиһиилээх урбаанньыттартан биирдэстэрэ буолан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр.
“Харах далыгар” – саҥа кэрдиис
– Чоҕулуччу көрбүт эдэр киһи улам көрөөччүлэргин абылаан барбытыҥ…
– “Саҥа күн” биэриигэ ыытааччы быһыытынан үлэлээн барбытым. Саҥа үлэбин тута сэргээбитим, сөбүлээбитим. Биир ый олох биллибэкккэ ааһан хаалбыта. Арай биир күн “Сэргэлээх” устуудьуйа салайааччыта Лена Керемясова эрийдэ. Томскайга сэминээргэ сылдьар эбит. “Харах далыгар” диэн саҥа ток-шоуну толкуйдаатыбыт, онно Люба Васильеваны кытта эйигин көрөбүт. Биһиги эрэдээксийэбитигэр көһөн кэлиэҥ дуо?” диэн ыйытта. “Саҥа күн” чэпчэки тыыннаах, дууһаны сылаанньытар биэрииттэн көһө охсорго тиэтэйбэтим, аккаастаан кэбистим. Онтон хас да хонон баран, эмиэ эрийдэ. Мин эмиэ аккаас. Аны, бу сырыыга “кэллэ кэлээт, аһыҥа курдук биэрииттэн биэриигэ көһө сылдьар эбит” диэхтэрэ диэммин кэтэмэҕэйдээтим. Эмиэ да биэрии ис хоһоонуттан, суолтата дириҥиттэн чаҕыйдым. Лена Петровна да өһөс буолан биэрдэ, үсүһүн эрийдэ: “Георгий, “Саҥа күҥҥэ” сарсыарда 3-4 чааска тураҕын дии, ол киһи доруобуйатыгар олус охсуулаах. Толкуйдан үчүгэйдик. Биһиги биэриибит киэһэ тахсар буолуоҕа”. Миэхэ “доруобуйа” диэн тыл – күлүүс. Доруобуйам мөлтөҕүттэн эрэйдэммит буолан, үһүс сырыыбар “Харах далыгар” биэрии ыытааччытыгар сөбүлэспитим. Сотору буолаат, улахан рейтиннээх биэриигэ кэлбиппин дьон ураты болҕомтотуттан билбитим.
Тэлэбиидэнньэ – кэмнээх-кэрдиистээх үлэ
– “Харах далыгар” биэрии, туһугар, киин ханаалга бастааҥҥыттан сөбүлэппит “Прожектор перестройки” биэрии курдук сытыы, киһи болҕомтотун тардар этэ дии. Уларыта тутуу тыына оччолорго баара эбитэ буолуо. Ол биэрии олоҕу тупсарыыга төһө көдьүүстээх этэй?
– “Харах далыгар” биэриигэ элбэх сытыы боппуруостары көтөҕөрбүт. Холобур, 5-с оптуобус айдаанын үгүс киһи өйдөөн хаалбыт буолуохтаах. Суоппардар тыл-тылга киирсибэккэ боруоктаһан, тиһэҕэр киһи өлүүлээх улахан быһылаан буолбута. Ол дьыалаҕа биир да туоһуну булбакка сылдьыбыт этилэрэ. “Харах далыгар” биэрии кэнниттэн туоһулар көстүбүттэрэ. Куоракка саха оскуолата наадатын туһунан бэрт элбэх биэрии тахсыбыта. Биир оннук кэпсэтии кэнниттэн Саха национальнай гимназиятын дириэктэрэ Николай Спиридонович Чиряев көтөр баабырыката оройуонугар баар нуучча оскуолатыгар “Кыталык” диэн саха кылааһын астарбыта. Онон олоҕу олохтоохтук хамсатар биэрии этэ.
– Оччотугар тоҕо тохтообутай?
– Олох буолан баран, кэмнээх-кэрдиистээх буоллаҕа. “Харах далыгар” көтөҕүллүбүт тиэмэлэрбит ОДьКХ үлэтэ мөлтөөбүтэ, ыттар мэнээктээбиттэрэ, итирикситтэр элбээбиттэрэ о.д.а. кыһалҕалар кэлин быһаарыллан, аны хас да сылынан суолталара (актуальность) сүтэн, ол биэриилэри хатылааһыҥҥа көрдөрөр табыгаһа суох буолан хаалар эбит. Ону кэмигэр өйдөөн тохтуурга санаммытым. Японияҕа тэлэбиидэнньэ биэриитин саамай уһаабыта 5 эрэ сыл көрдөрөллөр үһү диэн истибитим. Сонунтан-сонун биэриини тобулан иһэллэр. Биир бэйэм үйэлээххэ ылсыахпын баҕарарым. Ол аата, биирдэ устубут биэрииҥ тэлэбиидэнньэ архыыбыгар киирэн хаста да хатыланар. Холобура, “Ис сүрэхтэн”, “Сэһэн сирэ” биэриилэрбэр устубут үтүөкэн дьоммут туһунан биэриилэри хас кинилэр үбүлүөйдэрин аайы хатылаан көрдөрүөххэ сөп. Оттон “Харах далыгар” – күннээҕи түбүк этэ. Хата, мин биэриилэрбин куоппуйалатар этим. Онон балачча биэрии баар. 2015 сылтан бэттэх тэлэбиидэнньэ биэриилэрэ “автоматически” архыыпка куоппуйаланар буоллулар. Аны, куйаар ситимигэр уонна “Саха” НКИХ анал сыһыарыытыгар угаллар. Онон биэриилэрбит уһун үйэлэнэр кыахтаннылар.
“Тутуспутунан айыах…”
– Кэпсэтиибит түмүгэр, Георгий, түмүк санааҥ.
– Саха тэлэбиидэнньэтэ – дьылҕам бэлэҕэ. Айар куттаах биир идэлээхтэриҥ ортотугар сылдьартан саҕа күндү суох. Ол да иһин үлэбэр өрүү үөрүү мичээрдээх киирэбин, оннук киэһэ ааммын сабан тахсабын. Тэрилтэбитигэр олус иллээхпит, көхтөөхпүт. Генеральнай дириэктэрбит Олег Марков салайыытынан олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ол туоһута – бу ааспыт 2022 сылга “Саха” НКИХ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр саамай элбэх көрөөччүлээх тэлэбиидэнньэ аатын ылбыта! Ити, биллэн турар, түмсүүлээх үлэ үтүө түмүгэ буоллаҕа. Күн бүгүн “эн-мин” дэһэн бииргэ үлэлии сылдьар доҕотторбун, итиэннэ араас сылларга үлэлээбит биир идэлээхтэрбитин 60 сыллаах үбүлүөйбүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу курдук өрүү бииргэ тутуспутунан айыах-тутуох, бар дьоммутун сонун, кэрэхсэбиллээх биэриилэрбитинэн сэргэхситиэх, сүргэлэрин көтөҕүөх, сахабыт тэлэбиидэнньэтэ сайдарыгар кылааппытын киллэрэ туруох!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: