Саха тыйаатыра алтынньыга көрөөччүлэрин күүтэр
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра Москваҕа, Санкт Петербурга улахан гостуруоллара түмүктэнэн, сотору Саха сирин көрөөччүлэрин үөрэ-көтө көрсүөҕэ.
“Тыйаатыр духуобунай киин буоларын быhыытынан норуоту сомоҕолуур, тутахсыйбыт кэмҥэ саҥа санааны угар, уустук бириэмэҕэ ис туругу сааhылыыр аналлаах. Билиҥҥи кэмҥэ саха дьоно түмсэн, сирэй көрсөн, санаа атастаhан, бэйэ-бэйэҕэ чугас буолуохха.
Саха тыйаатырыгар алтынньы ыйга саха дьонун кутун туппут, үгүс көрөөччү сэҥээриитин ылбыт испэктээктэр көстүөхтэрэ. Күндү дьоммут, айымньы дириҥ ис хоhоонун, сыана алыптаах эйгэтин арыйан, ис туруккутун бөҕөргөтүҥ!
Түмсүүлээхпитин көрдөрүөххэйиҥ, норуот дэтэр ураты тыыммытын бигэргэтиэххэйиҥ, сырдыгы ыраланар санаабытын ситимниэҕиҥ!”—диэн тапталлаах артыыстарбыт бэриниилээх, истиҥ-иһирэх көрөөччүлэрин ыҥыраллар.
Биир үөрүүлээх сонуну сыһыаран эттэххэ, Саха тыйаатыра быйылгы сезонун өссө биир норуодунай артыыстаах көрсүөҕэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Саха тыйаатырын ытык-мааны артыыската Елена Диасовна Сергеева-Румянцеваҕа “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа” үрдүк аат иҥэриллибитин Саха сирин дьоно сахалыы айхаллыы, киэн тутта иһиттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: