Саха тыйаатыра Далан айымньытынан испэктээк туруорар былааннаах

Share

Саха тыйаатыра В.С.Яковлев-Далан “Тулаайах оҕо” арамаанынан испэктээк туруораары сылдьар. Бырайыак үлэҕэ саҥа ылыллыбыт, соторутааҕыта оруоллар түҥэтиллибиттэр. Режиссерунан Руслан Тараховскай анаммыт. 

Артыыстар Далан хоһуйбут кэмнэрин ымпыгын-чымпыгын үөрэтэ сылдьаллар. Бу үлэҕэ сүбэһит быһыытынан тыйаатыр салалтата устуоруйанан дьарыктанар учуонайдары ыҥырбыттар. Тохсунньу 31 күнүгэр айар кэлэктиип иннигэр историческай билим доктора Андриан Борисов лиэксийэ аахта.

Бастатан туран, учуонай Василий Яковлев-Далан айымньытыгар наука чахчыларын уонна суруйааччы сабаҕалааһынын хайдах холбообутун, ханнык чааһыгар дакаастаммыт чахчыларга олоҕурбутун, ханнык чааһыгар айар санаа иэйиитигэр олоҕурбутун ырытта.

Лиэксийэҕэ Дыгын кэминээҕи сурукка киирбит дьоруойдар, ол кэминээҕи олох-дьаһах уратылара, сахалар төһө иэннээх сиринэн тарҕанан олорбуттара кэпсэннэ. Андриан Афанасьевич сүрүн билиһиннэрэр чааһын түмүктээбитин кэнниттэн артыыстар элбэх ыйытыыны биэрдилэр. Онон ырытыы икки чаастан ордук буолла.

Маннык олохтоохтук бэлэмнэнииттэн саҕаламмыт испэктээк көрөөччүнү итэҕэтэр, умсугутар, сонун туруоруу буолуо диэн эрэнэн туран, хаһан сыанаҕа турарын күүтэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

2 часа ago