Саха тыйаатыра гостуруоллаан кэллэ
Былатын Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра балаҕан ыйын 27 — алтынньы 6 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Улахан гостуруолларга” сылдьан, Санкт-Петербург, Элиста, Москва, Хабаровскай куораттарга ыалдьыттаата.
Ол курдук, тыйаатыр историятыгар аан бастаан Саха тыйаатыра Арассыыйа аатырбыт Александринскай уонна Аччыгый тыйаатырдарын сценаларыгар оонньоото. Санкт-Петербург көрөөччүлэрэ Л.Пиранделла «Тыйаатырга буолбут түбэлтэ” (Шесть персонажей в поисках автора), У.Шекспир “Илиир хоруол” испэктээкиллэрин киһи сөҕүөх умсугутуулаахтык көрдүлэр уонна астыммыттарын биллэрэн күүстээх ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Онтон Калмыкия киин куоратыгар – Элистаҕа көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн Ч.Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым…» уонна Л.Пиранделло «Тыйаатырга буолбут түбэлтэ” (Шесть персонажей в поисках автора) испэктээкиллэрин оонньоон калмык норуотун үрдүк биһирэбиллэрин ыллылар. Оттон Москваҕа аатырбыт Аччыгый тыйаатырг Т.Семушкин «Алитет хайаҕа күрүүр» уонна У.Шекспир “Илиир хоруол” испэктээкиллэри толору мустубут саалаҕа оонньоотулар. Дойду киин куоратыгар көрдөрүү – бүтүн Арассыыйаҕа көрдөрөр кэриэтэ киэҥ түһүлгэни хомуйда. Ол курдук Саха тыйаатырын испэктээкиллэрин араас омук бэрэстэбиитэллэрэ тоҕо анньан кэлэн көрбүттэрэ, элбэх кириитик сылдьыбыта сүргэни көтөхтө. “Илиир хоруол” испэктээкили биллиилээх шекспировед, бэрэпиэссэр Алексей Бартошевич көрбүтэ, “Культура” ханаала кэлэн устан, Саха сирин гостуруолларыгар улахан болҕомтону уурбута улахан ситиһии бэлиэтинэн буолар.
Улахан гостуруоллар Хабаровскайга Уһук Илин тыйаатырдарын III-c бэстибээлигэр М.Горькай “Тимир Баасса” испэктээкилэ кыттыытынан түмүктэннэ. Cаха тыйаатыра Уһук Илин эрэгийиэнин бэстибээлигэр аан бастаан кытынна.
Надежда Осипова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: