Саха тыйаатыра көрөөччүлэрин саҥардыллыбыт дьиэтигэр күүтэр

Share

П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, үлэһиттэр уоппускаларын кэмигэр “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн  киэҥ хабааннаах өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллаллар.

Федеральнай бүддьүөт үбүнэн Саха тыйаатырын улахан саалатыгар 408 саҥа кириэһилэ ылыллыбыта көрөөччү нус-хас олорон көрөрүгэр табыгастаах буолуоҕа. Режиссер көмөлөһөөччүтүн пультун систиэмэтэ  атыылаһылынна, уоту биэрэр тэриллэр саҥардылыннылар.

Онон Саха тыйаатыра бэйэтин көрөөччүлэрин 119-с сезонугар балаҕан ыйыгар улаханнык уларыйбыт тыйаатырга көрсүөҕэ.

Петр Макаров, П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын дириэктэрэ:

-Биһиги уоппускабыт кэмигэр да таах олорон биэрбэтибит, улахан өрөмүөнү ыыттыбыт. Кириэһилэлэри уларытарга саалабыт муостатын барытын уларыттыбыт. Барыта көрөөччүгэ табыгастаах, сырдык, кэрэ буолуохтаах. Саалабыт муостатын барытын кырааскалаан, этэргэ дылы, олох атын көстүү, саҥа тыын буолуоҕа диэн эрэннэрэбит.

Түгэнинэн туһанан, саалабыт муостатын бэйэбит күүспүтүнэн оҥорорбутугар көмөлөспүт СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр, В.Путин көҕүлээбит  “Култуура” национальнай бырайыакка махтанабыт (түөрт сылга иккитэ тигистибит).

Санатан эттэххэ, “Култуура” национальнай бырайыагынан 2020 сыллаахха Саха тыйаатырыгар ааннар, түннүктэр саҥардыллыбыттара, 50 миэстэлээх лабораторнай саала, 100 миэстэлээх “Алампа” саалата  аһыллыбыттара. Онтон 2021 сыллаахха дьиэ фасадын бүтүннүү уларыппыттара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

5 часов ago