Саха тыйаатыра түөрт хайысханан гостуруолга айаннаабыт
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыстара түөрт биригээдэнэн киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хотугу улуустарын уонна Таатта улууһун нэһилиэктэрин хабан үгэс буолбут Сааскы гостуруолларга туруммуттарын туһунан Саха тыйаатырын саайта биллэрэр.
Быйылгы гостуруоллар Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар ананаллар.
Өлөөҥҥө, Анаабырга
СӨ үтүөлээх артыыһа Дьулустаан Семенов салайар биригээдэтэ Өлөөн, Анаабыр улуустарын олохтоохторугар, бириискэлэр үлэһиттэригэр Дмитрий Таас айымньытынан ”Кыһыл көмүс хоруоп” испэктээги, Николай Неустроев “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэтин, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Баранова толоруутугар олоҥхоһут Павел Романов – Мыланыыскай “Кыыс Ньургустай Куо”олоҥхотун көрдөрдүлэр.
Орто Халымаҕа
Семен Алексеев салайааччылаах гостуруол биригээдэтэ Орто Халыма улууһун нэһилиэктэригэр барытыгар сылдьан, Алампа «Олох дьэбэрэтэ», Антон Чехов «Кэргэн кэпсэтии» уонна Николай Лугинов «Кустук» испэктээктэри көрдөрдө. Гостуруол чэрчитинэн олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэр буоллулар. Саха тыйаатырын артыыстара оскуола үөрэнээччилэригэр тыйаатыр устуоруйатын кэпсээтилэр, култуураҕа сыһыаннаах үөрэхтэри сырдаттылар, артыыс сыанаҕа туһанар кистэлэҥнэрин арыйар маастар-кылаастарын ыыттылар.
Орто Халымаҕа гостуруол биир устуоруйаҕа суолтатынан, Саха тыйаатырын артыыстара 47 сыл буолан баран, Березовка сэлиэнньэтигэр тиийэн испэктээктэри оонньоотулар. 1977 сыллаахха Саха тыйаатырын артыыстара эбээн суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Платон Ламутскай “Сир иччитэ” испэктээги көрдөрбүттэрэ. Үйэ аҥарын кэриҥэ тохтобул кэнниттэн ыалдьыттаабыт тыйаатырбыт артыыстарын олохтоох дьон-сэргэ олус истиҥник көрүстүлэр.
Тааттаҕа
Илья Стручков салайааччылаах гостуруол биригээдэ талыы-талба Таатта улууһун олохтоохторугар Былатыан Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара”, “Өйдөөх оҕо”, “Уустук түҥэтик”, “Омуннаах оҕо”айымньыларынан “Оҕоҕо баҕарбыт” уонна Карел Чапек “Ийэ” испэктээктэринэн гостуруоллуу сылдьар.
Гостуруол кэмигэр тыйаатыр артыыстара олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэри тэрийэн, маастар-кылаастары көрдөрөн, ыччаты кытары билсиһиннэрэр үлэлэри ыыталлар. Оскуола үөрэнээччилэрэ гримнэнэн, көстүүм кэтэн араас уобарастарга холоннулар, сүрдээҕин астыннылар.
Үөһээ Дьааҥыга
Саха тыйаатырын гостуруоллуур биригээдэтэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар Сиэн Өкөр «Сайылык», Валентин Красногоров “Таптаа, миигин таптаа” испэктээктэри көрдөрө сылдьар. Үөһээ Дьааҥы улууһун ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ тыйаатыр артыыстарын ытыс тыаһын түһэрэн көрүстүлэр. Гостуруол хаамыытын туһунан биригээдэ салайааччыта СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев иһитиннэрдэ:
“Гостуруолбут олунньу 20 күнүттэн Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ диэн саамай уһук нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Нэһилиэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сытар буоланнар, айаннаан иһэн айылҕа кэрэ көстүүтүн дьэҥкэтик, хотугу дьүкээбил суһумнуур уотун илэ көрөн үөрдүбүт. Хас биирдии испэктээги көрөөччүнэн толору саалаҕа оонньуу сылдьарбыт үөрүүлээх. Олохтоох дьону-сэргэни кытары истиҥник кэпсэтэн, оскуола оҕолоругар маастар-кылаастары биэрэн, гостуруолбут сүрдээх сэргэхтик баран иһэр.
Санатар буоллахха, бу иннинэ 2016 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы үс нэһилиэгэр сылдьан, испэктээктэри оонньообуппут. Кырыы сытар нэһилиэктэргэ сырыттахпытына көрөөччүлэрбит: “Өссө кэлээриҥ, биһигини, тэйиччи сытар бөһүөлэктэри умнубат буолуҥ” — дииллэр. Үөһээ Дьааҥы улууһугар гостуруолбутун түмүктээн баран, Эбээн Бытантай улууһугар Кустуур, Дьарҕалаах уонна Саккырыыр нэһилиэктэригэр сылдьыахпыт”.
Сиһилии бу гостуруоллар туһунан тыйаатыр саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: