Саха тыла Дьокуускай куорат уулуссаларыгар төһө туттулларый?

Share

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт уһуйааччылара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын чөл хаалларыы уонна сайыннарыы» диэн судаарыстыбаннай бырагыраама көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэбит килбэйэр киинин уулуссаларыгар, тэрилтэлэрин, дьиэлэрин таһыгар саха тыла төһө туттулларын чинчийэн көрдүлэр.

Социолингвистика диэн бэйэтэ туспа ирдэбиллээх, ньымалаах билим хараҕынан  Дьокуускай куорат икки ууллуссатын – Ленин проспегын уонна Дзержинскэй ууллуссатын киһи хараҕар быраҕыллар суругун-бичигин барытын хомуйан баран, икки улахан бөлөххө араардыбыт: судаарыстыбаннай  уонна чааһынай тэрилтэлэр суруктара. Бу икки уулуссаҕа чааһынай тэрилтэ суруга-бичигэ баһыйан таҕыста (81 %), судаарыстыбаннай тэрилтэтин суруга 19 % буолла. Салгыы, бу суруктарга хас тыл туттулларын үөрэтэн баран, икки тыллаах уонна соҕотох тыллаах сурук тэҥ сыһа буоларын (48,7 % уонна 46 %), олох аҕыйах сурукка үс уонна түөрт тыл тэҥинэн киирэн туттулла сылдьарын быһаардыбыт. Ол курдук, биллэн турар, нуучча тыла уонна саха тыла баар, английскай, итальянскай тыл, аҕыйахтыы ньиэмэс, кэриэй, дьоппуон, кыргыс тыла, үксүгэр кафе, ресторан, таҥас-сап, иһит-хомуос, мал-сал мааркатын аатыгар, туттуллар эбит. Онон Дьокуускай куорат тас суругар-бичигэр хас да тыл тэҥинэн туттуллара олоҕурбут үгэс буолбут, олохтоохтор икки-хас тыллаах сурукка үөрэммиттэр диибит.

Дьэ, бу тыллар ортолоругар аны саха тыла төһө-хачча, ханна-туох туттуллар эбитий диэн көрүөххэ. Ахсаанынан аахтахха, саха тыла куорат тас эйгэтигэр сэдэхтик көстөрө билиннэ, баара-суоҕа  26,5 %, баһыйар үксэ нуучча тыла — 99,5 %. Нуучча тыла баһыйара өйдөнөр даҕаны, дойду судаарыстыбаннай тыла буоллаҕа, ол эрээри саха тыла өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тыла буолан туран тарҕаныыта, саатар, аҥар-аҥарыгар да тахсыбата.

Чэ, оччотугар саха тыла туттуллар миэстэтин көрүөххэ. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тыла – саха тыла сүрүннээн, үс сиргэ түмүллэр эбит: 1). араас чааһынай маҕаһыын, тэрилтэ, атыылыыр киин уо.д.а. аатыгар (эргонимҥа), 2). судаарыстыбаннай уорганнар уонна тэрилтэлэр дьиэлэрин таһыгар ыйанар кыра тас суруктарыгар (вывескаҕа), 3). тэрилтэ үлэтин сааһылыгар (режим работы).

Хаартыска: Лидия Манчурина.

Оттон нуучча тыла ханна туттулларый: дьиэ сарайыгар, эркинигэр, уулусса аатыгар, мемориальнай сурукка, үлэ сааһылыгар, тохтобулларга, ыйар-кэрдэр сурукка, суол бэлиэтигэр, биллэриилэргэ, угуйукка уо.д.а. бара турар. Саха тыла судаарыстыбаннай уорганнар, тэрилтэлэр тас суруктарыгар баар, суох буолбатах. Баар буоларын тыл сокуона да ирдиир, судаарыстыбаннай тэрилтэлэрбит ону толороллор даҕаны.

Хаартыска: Лидия Манчурина.

Ол эрээри, бу тэрилтэлэрбит куорат тас эйгэтигэр наһаа аҕыйах (19 %), ону сэргэ фасад табличката кээмэйэ да кырата бэрт буолан, нэһилиэнньэ хараҕар быраҕыллыбат, куорат тылынан тас көстүүтүгэр улаханнык сабыдыаллаабат. Оттон тыл сокуона чааһынай тэрилтэ тас суругун-бичигин икки тылынан суруйарын ирдиир кыаҕа суох дииллэр, ол иһин тас суруктарын (ааттарын, үлэ сааһылыгын, биллэриилэрин, угуйуктарын) сахалыы тылбаастыы сатаабаттар. Аны туран, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын бу икки уулуссаҕа алҕаска да булан ылбатыбыт. Бу тугуй? Бэл диэтэр, эргонимҥа да киирбэт эбит…

Куорат тас эйгэтигэр тыл элбэхтэ туттуллан, дьон-норуот өйүн-санаатын, толкуйун биллибэтинэн-көстүбэтинэн тылга үөрэтэн киирэн барар, сахалыы тылы атыҥыраабат оҥорор. Ити биирэ. Иккиһинэн, тас сурук араас буолар, оччотугар бу араас суругу сахалыы биэрээри тылбаас сайдар, сөптөөх тылбаас көмөтүнэн тыл имиллэр-хомуллар, тулалыыр эйгэни ааттыыр кыаҕа улаатар, тыл кыаҕа улааттаҕына, араас эйгэҕэ иҥнигэһэ суох туттуллан барар. Оттон тыл эйгэтин кэҥэтии — салгыы сайдар сүрүн суола буолар. Үсүһүнэн, тыл култуураны кытта быһаччы ситимнээх, сахалыы тыллаах аат-суол, сурук-бичик син биир сахалыы ойуу-оһуор, өҥ-дьүһүн, дизайн аргыстаах бэриллэр. Оччотугар куорат тас эйгэтэ сахалыы моһуоннанар, атын куораттартан уратыта чорбойор. Холобур, билигин куораппыт таһын Киэргэ, Туймаада Даймонд, Уран Саха, Оһуор утум, Уруу, Симэх диэн бренд быһыытынан бэлиэтэммит мааркалар, Тэтим, Эрэл, Илин Эҥэр, Олоҥхо атыы кииннэрэ, Алгыстаах ас, Ис миинэ, Нарыйаана, Амсай, Алаас, Барҕа, Дойду аһыыр сирдэр, Северные звездочки – Хотугу сулустар курдук уһуйаан ааттара харахха быраҕаллар гына суруллан, сахалыы киэргэтиллэн турар.

Хаартыска: Лидия Манчурина.

Маннык курдук улахан аат-суол биирдиилээн дьон эрэ буолбакка, бүтүн куорат нэһилиэнньэтэ омук быһыытынан баардыланыытыгар улахан суолталаах. Манна эбии Алгыстаах ас, Ис миинэ, Тэтим курдук суолталаах ааттар дьон-сэргэ тылы өйдүүрүн, билэрин туоһулууллар.

Туох баар тас сурук барыта сахалыы бэриллиэн сөп, бэриллэр кыахтаах уонна бэриллэрэ наада диэн өйдүөхтээхпит. Холобура, биһиги чинчийэ сылдьан маннык курдук суругу-бичиги булан, төһө да сыыһалаах-халтылаах сурулуннар, «хата, баар эбит» диэн үөрдүбүт-көттүбүт: «Не курить — табахтаамаҥ», «Открыто — Аһаҕас», «От себя – Бэйэҕиттэн», «На себя – Бэйэҥ диэки», оннооҕор тахсан киирэр сиргэ биир сахалыы суругу булан, «Һок» дэстибит.

Хаартыска: Лидия Манчурина.

Онон куорат тас эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тылларын толору туттары чааһынай тэрилтэлэртэн эмиэ ирдиэххэ сөп буолла. Онуоха нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр үлэни ыытартан саҕалыахха.

Лидия МАНЧУРИНА, тыл билимин хандьыдаата, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, ХИФУ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

4 часа ago