Салгыы
Саха тыла – туроктар болҕомтолоругар

Саха тыла – туроктар болҕомтолоругар

18.11.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Турция Измир куоратын Эгейскэй судаарыстыбаннай чинчийэр университетын иһинэн үлэлиир Түүр эйгэтин чинчийэр институт «Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирин култуурата уонна олоҕо» диэн онлайн семинары ыытта.

Тэрээһиҥҥэ түүр тылын, историятын, саха тылын интэриэһиргиир араас университеттартан устудьуоннар, магистраннар, аспираннар уонна түүр тылын чинчийэр учуонайдар куйаар ситимин нөҥүө кытыннылар.
Тэрээһини Эгейскэй судаарыстыбаннай университет түүр эйгэтин чинчийэр лиэктэрэ, тыл билимин хандьыдаата Муваффак Дуранлы ыытта. Эбэн этэр буоллахха, Муваффак Дуранлы уонча сыллааҕыта Саха сиригэр кэлэн хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын, астарын-үөллэрин, сиэрдэрин-туомнарын билсэн, илэ хараҕынан көрөн, Хаҥалас улууһугар эспэдииссийэҕэ сылдьан барбыта.


Бу кэпсэтиигэ саха тылын таһынан, түүр тылын кытары сибээһин, демографическай балаһыанньатын эмиэ ырытыстылар.
Бу кэпсэтиигэ сүрүннээн Анкара судаарыстыбаннай университетын тылга, историяҕа уонна географияҕа факультетын лектора Умит Шахин эспиэр быһыытынан Саха сирэ наука эйгэтигэр хаһыс үйэҕэ биллибитин, саха омугун, төрүт култууратын, ыһыаҕын, оһуокайын, итэҕэлин, төрүт таҥаһын, билиҥҥи кэмҥэ саха тылын туругун, тыа олоҕун култуураҕа оруолун туһунан кэпсээтэ.
Сахалыы ыраастык, иҥнигэһэ суох саҥарар, сахалыы ыллыыр Умит Шахины Саха сиригэр үгүстэр билэр буолуохтаахтар. Кини Турцияҕа эрэ буолбакка, түүр эйгэтигэр Сибиир, хоту сир, саха култууратын чинчийээччи быһыытынан биллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: