Саха тылын бастыҥ учуутала Кэскилээнэ Лукина
“Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин быйылгы кыайыылааҕынан Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Баишевтар педагогическай династияны салҕааччы Кэскилээнэ Лукина таҕыста.
Учуутал идэтин талбытым
– Кэскилээнэ Вячеславовна, учуутал идэтин баһылыыр эбиппин диэн хаһан быһаарыммыккыный?
– Бэйэм Горнай улууһун Өрт орто оскуолатын бүтэрбитим. Саха тылын, литэрэтиирэтин биһиэхэ Саха сирин суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, олохтоох бэйиэт Александр Адамович Тарасов үөрэппитэ. Кини олоҕун аргыһа Екатерина Егоровна нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала, миэхэ ааҕыыга тапталы иҥэрбитэ.
Оскуола кэнниттэн филология бакылтыатыгар суруналыыстыка салаатыгар туттарсыам диэн хаһыаттарга ыстатыйалары суруйталыырым. Үөрэххэ туттарса тиийэн баран, сайабылыанньабын суруналыыстыканы таһынан “саха тыла, суруналыыстыка, учуутал” идэтигэр биэрбитим. Саха тылыгар тыл билимин дуоктара С.Д.Егинова ыытар дьарыгар сылдьыбытым. Манна элбэх оҕону кытта билсибитим. Бу икки үөрэххэ иккиэннэригэр киирбитим эрээри, хайысхата киэҥин иһин саха тылын талбытым.
Ийэ тыл тула санаалар
Дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола бары түмсэн, биир соруктаах үлэлээтэхпитинэ эрэ оҕо сахалыы тыына сайдар, сахалыы ыраастык саҥарар кыахтанар.
– Эн санааҕар, оҕону ийэ тылыгар ким уһуйуохтааҕый? Төрөппүт үөрэх тэрилтэтэ диир, үөрэх тэрилтэтэ төрөппүт диир.
– Мин санаабар, манна систиэмэлээх үлэ барыахтаах. Дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола бары түмсэн, биир соруктаах үлэлээтэхпитинэ эрэ оҕо сахалыы тыына сайдар, сахалыы ыраастык саҥарар кыахтанар. Билигин оҕо саха тылын үөрэтимиэн сөп, төрөппүт аккаастанар бырааптаах. Ол иһин сорох төрөппүттэр эбии ноҕурууска курдук саныыллар. Дьиҥэр, Саха сирин салалтатын, учууталлар өттүлэриттэн төрөөбүт тылы сайыннарыыга үлэ барар.
Саха сиригэр олорорбут быһыытынан, төрөөбүт тылбытын таптыахтаахпыт. Уонна күһэйэн буолбакка, оҕону тэйиппэккэ үөрэ-көтө ылыныахтаахпыт, үөрэтиэхтээхпит.
Аныгы оҕону саха тылыгар умсугутуу
– Саха тылыгар үөрэниэн баҕарбат оҕолору хайдах үөрэтэҕин? Уопсайынан, учуутал быһыытынан туох албастары, ньымалары туһанаҕын?
– Кылааска туспа сорудахтары бэлэмниэххэ сөп. Баҕар, тылга ыарырҕатар эбит буоллахтарына, литэрэтиирэ уруогар айымньылары ордук сэҥээрэллэр. Дьиэ кэргэннэригэр нууччалыы эйгэлээх оҕолор эмиэ бааллар. Манна аныгы технологиялары туһана сатыыбыт. Кылаас таһынан үлэни салайар, фольклорга уһуйар Надежда Михайловна Николаева оҕолор бэйэлэрин уруһуйдарынан сахалыы ойуулуктары оҥорторор, учууталлар түмсэн сценарийын суруйарга көмөлөһөбүт. “Биһиги уруһуйбут ойуулук буолан таҕыста, тэлэбиисэринэн, “Чохоон” ханаалга, ютубка көстө турар” – диэн олус үөрэллэр. Ити курдук, оҕоҕо тылга тапталы кыраттан саҕалаан иҥэрэбит. Билигин интерактивнай дуоска киэҥник сайынна, араас оонньуулары толкуйдуохха сөп.
Биһиги “Чохоон” ханаалы биһирээн көрөбүт, сахалыы киинэлэри, ойуулуктары хото тылбаастыыр буолбуттара хайҕабыллаах. Ити курдук оҕо сэҥээрэр, сахалыы эйгэтэ кэҥиирэ олус туһалаах. Аны сахалыы тыллаах блогердар сыллата эбиллэн иһэллэр. Мантан оҕолор, оннооҕор тэлэбиисэринэн эрэ көрөр дьоммут сахалыы саҥараллар, ону ааһан, блогердыыллар эбит, олус ураты, мин сахабын диэн киэн туттар толкуйдара уһуктар.
Кэлин оҕо үксэ ютубу көрөр, бу кыра саастаах оҕолорго ордук охсуулаах дии саныыбыт. Сахалыы саҥарбат оҕо үксээтэ. Быйыл биһиги оскуолабытыгар кыһалҕаттан нууччалыы кылааһы астылар.
Сахалыы тиэрминнэр
– Тиэрмин туһунан туох санаалааххын? Сорох тылы аһары сахатытан оҕо тэйэр дииллэр. Үөрэнээччилэри кытта үлэлии сылдьар киһи итиннэ тугу этиэҥ этэй?
– Университекка үөрэппит учууталларбыттан мөҕүллэрим буолуо эрээри, сорох тыллар, кырдьык, олус олуонатык иһиллэллэр. Сороҕор уустуктук сахатытыллыбыт тылы атын тылынан солбуйар ордук табыгастаах буолуо этэ. Холобур, билим (наука). Ойуунускайдаах бэйэлэрин кэмнэригэр тылы сахатытыыга эмиэ утарсыылары көрсүбүттэрэ биллэр. Ол эрээри, күн бүгүн муусука (музыка) диэн тыл күннээҕи туттар олохпутугар киирбитэ, дьон-сэргэ ылыммытын туоһулуур. Баҕар, сыыйа, кэминэн атын да тылллары ылыныахпыт эбитэ дуу, дии саныыбын. Ол гынан баран, оҕолору үөрэтэрбэр сорох кылаастар “пубулуустука” эҥин диэн тыллары күлүү-элэк курдук ылыныахтарын сөп. Онон “публицистика истиилэ” диэн этэбин, “лиэксикэ” диэн сахатытан саҥарабын.
Сахалыы үөрэтии
– Математика эҥин курдук биридимиэттэри сахалыы үөрэтиигэ туох санаалааххын?
– Билигин “Айыы Кыһата” сахалыы таһаарыылаахтык үлэлии олороро холобур буолар. Аныгы кэмҥэ сахалыы кылаастарга барытыгар биридимиэттэри сахалыы үөрэтии хайдах салаллыан билбит суох. Баҕар, тылбыт дьэ сайдыа этэ.
Төрөөбүт тыл учууталларын куонкуруһа
– Төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учууталларын куонкуруһа былырыыҥҥыттан саҥа ыытыллан эрэр. Инникитин туох көдьүүстээх тэрээһин диэн көрдүҥ?
– Олус үчүгэй тэрээһин ааста. Саха тылын учууталлара “Сыл учуутала” куонкуруска кытталлар, улуустааҕы түһүмэххэ бастыыллар эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ кыайбыт диэн суоҕа. Билигин Саха сирин ааһан, бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүн Бүтүн Арассыыйаҕа баран көрдөрөр, төрөөбүт тыллары үөрэтэр атын омук учууталларын кытта алтыһар кыах бэрилиннэ. Саха тылын учууталларыгар болҕомто уурдулар, бу ааппытын-суолбутун кытта үрдэтэр. Инникитин тиһигин быспакка ыытылыннар ханнык диэн баҕа санаалаахпыт.
– Куонкурус хайдах ааста, тус бэйэҥ тугу ордук өйдөөн хааллыҥ?
– Мин улууспуттан уопут иҥэринэрдии оҥостон тиийбитим. Атын учууталлар хайдах үлэлииллэрин-хамсыылларын көрөр баҕалааҕым. Күҥҥэ иккилии түһүмэх ыытыллыбыта арыый сылаалаах соҕустук ааста. Киэһэ аҕыс чааска бүтэн баран түүннэри атын түһүмэххэ бэлэмнэннибит. Манна кыттааччы күүстээх хамаандалаах буолара ирдэнэр эбит диэн түмүккэ кэллим. Соҕотоҕун кытта кэлбит учуутал ыарырҕатыан сөп. Миигин кытта уһуйааччым Парасковья Ивановна Данилова, оскуола иһинээҕи “Стимул” эдэр учууталлар түмсүүлэрин салайааччыта Матрена Николаевна Андреева барсыбыттара, Бэрдьигэстээхтэн да олорон биир идэлээхтэрим “ыалдьаллара”, күүс-көмө буолуулара, сүбэ-ама биэриилэрэ кыайыыны аҕалла диэн бэлиэтиибин. Киһи хамсанардааҕар өй үлэтигэр ордук сылайар.
Уруоктарга, кылаас чаастарыгар төһө кыалларынан сырыттым, көрдүм. Тэрийээччилэр пресс-кэмпириэнсийэни нууччалыы ыытыахха баара дииллэрин кытта сөпсөспөппүн. Үгүстэрэ саха тылын учууталлара күрэстэстибит. Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ кытта барар киһи син бэлэмнэниэн, нууччалыы тылын сайыннарарыгар бириэмэ баар. Сахалыы эйгэни тэрийэ, этэ-тыына сылдьар дьон бүтэһик түһүмэҕи ыарырҕаттыбыт.
– Куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ ханна, хаһан буолар?
– Былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр кыттыбыт Чурапчы гимназиятын учуутала Сардаана Гоголева кэпсиирин истэн баран, Арассыыйаҕа кытта барар киһи күүстээх үлэни көрсөр эбит дии санаабытым. Бэйэм кыайыам диэн толкуй да суоҕа. Олус улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ, билиҥҥитэ хантан, хайдах бэлэмнэнэн саҕалыырбын толкуйдуу иликпин. Кыах, күүс баарынан кыттыаҕым. Карачаево-Черкесия Өрөспүүбүлүкэтигэр аны күһүн балаҕан ыйыгар ыытыллыахтаах.
– Инникитин үлэҕэр туох былааннааххын?
– Уопуттаах учууталлар үлэлэрин бэрт табыгастаахтык систиэмэлииллэрин, сурукка-бичиккэ түһэрэллэрин көрдүм. Биһиги аныгы сиэринэн саайтка тиһэ олорбуппут. Уһуйааччыбын кытта сүбэлэһэн баран түмэн, сааһылаан дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарар, элбэхтик бэчээттэтэр ирдэнэр эбит диэн түмүккэ кэллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: