Саха тылын бастыҥ учуутала Кэскилээнэ Лукина

Share

“Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин быйылгы кыайыылааҕынан Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Баишевтар педагогическай династияны салҕааччы Кэскилээнэ Лукина таҕыста.

Учуутал идэтин талбытым

– Кэскилээнэ Вячесла­вовна, учуутал идэтин баһылыыр эбиппин диэн хаһан быһаарыммыккыный?

– Бэйэм Горнай улууһун Өрт орто оскуолатын бүтэрбитим. Саха тылын, литэрэтиирэтин биһиэхэ Саха сирин суруналыыстарын сойууһун чилиэ­нэ, олохтоох бэйиэт Александр Адамович Тарасов үөрэппитэ. Кини олоҕун аргыһа Екатерина Егоровна нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала, миэхэ ааҕыыга тапталы иҥэрбитэ.

Оскуола кэнниттэн филология бакылтыатыгар суруналыыстыка салаатыгар туттарсыам диэн хаһыаттарга ыстатыйалары суруйталыырым. Үөрэххэ туттарса тиийэн баран, сайабылыанньабын суруналыыстыканы таһынан “саха тыла, суруналыыстыка, учуутал” идэтигэр биэрбитим. Саха тылыгар тыл билимин дуоктара С.Д.Егинова ыытар дьарыгар сылдьыбытым. Манна элбэх оҕону кытта билсибитим. Бу икки үөрэххэ иккиэннэригэр киирбитим эрээри, хайысхата киэҥин иһин саха тылын талбытым.

Ийэ тыл тула санаалар

Дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола бары түмсэн, биир соруктаах үлэлээтэхпитинэ эрэ оҕо сахалыы тыына сайдар, сахалыы ыраастык саҥарар кыахтанар.

– Эн санааҕар, оҕону ийэ тылыгар ким уһуйуох­тааҕый? Төрөппүт үөрэх тэрилтэтэ диир, үөрэх тэрилтэтэ төрөппүт диир.

– Мин санаабар, манна систиэмэлээх үлэ барыахтаах. Дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола бары түмсэн, биир соруктаах үлэлээтэхпитинэ эрэ оҕо сахалыы тыына сайдар, сахалыы ыраастык саҥарар кыахтанар. Билигин оҕо саха тылын үөрэтимиэн сөп, төрөппүт аккаастанар бырааптаах. Ол иһин сорох төрөппүттэр эбии ноҕурууска курдук саныыллар. Дьиҥэр, Саха сирин салалтатын, учууталлар өттүлэриттэн төрөөбүт тылы сайыннарыыга үлэ барар.

Саха сиригэр олорорбут быһыытынан, төрөөбүт тылбытын таптыахтаахпыт. Уонна күһэйэн буолбакка, оҕону тэ­­йиппэккэ үөрэ-көтө ылыныахтаахпыт, үөрэтиэхтээхпит.

Аныгы оҕону саха тылыгар умсугутуу

– Саха тылыгар үөрэниэн баҕарбат оҕолору хайдах үөрэтэҕин? Уопсайынан, учуутал быһыытынан туох ал­бастары, ньымалары туһанаҕын?

– Кылааска туспа сорудахтары бэлэмниэххэ сөп. Баҕар, тылга ыарырҕатар эбит буоллахтарына, литэрэтиирэ уруо­гар айымньылары ордук сэҥээрэллэр. Дьиэ кэргэннэригэр нууччалыы эйгэлээх оҕолор эмиэ бааллар. Манна аныгы технологиялары туһана сатыыбыт. Кылаас таһынан үлэни салайар, фольклорга уһуйар Надежда Михайловна Николаева оҕолор бэйэлэрин уруһуйдарынан сахалыы ойуулуктары оҥорторор, учууталлар түмсэн сценарийын суруйарга көмөлөһөбүт. “Биһиги уруһуйбут ойуулук буолан таҕыс­та, тэлэбиисэринэн, “Чохоон” ханаалга, ютубка көстө турар” – диэн олус үөрэллэр. Ити курдук, оҕоҕо тылга тапталы кыраттан саҕалаан иҥэрэбит. Билигин интерактивнай дуоска киэҥник сайынна, араас оонньуулары толкуйдуохха сөп.

Биһиги “Чохоон” ханаалы биһирээн көрөбүт, сахалыы киинэлэри, ойуулуктары хото тылбаастыыр буолбуттара хайҕабыллаах. Ити курдук оҕо сэҥээрэр, сахалыы эйгэтэ кэҥиирэ олус туһалаах. Аны сахалыы тыллаах блогердар сыллата эбиллэн иһэллэр. Мантан оҕолор, оннооҕор тэлэбиисэринэн эрэ көрөр дьоммут сахалыы саҥараллар, ону ааһан, блогердыыллар эбит, олус ураты, мин сахабын диэн киэн туттар толкуйдара уһуктар.

Кэлин оҕо үксэ ютубу көрөр, бу кыра саастаах оҕолорго ордук охсуулаах дии саныыбыт. Сахалыы саҥарбат оҕо үксээтэ. Быйыл биһиги оскуолабытыгар кыһалҕаттан нууччалыы кы­­лааһы астылар.

Сахалыы тиэрминнэр

– Тиэрмин туһунан туох санаалааххын? Сорох тылы аһары сахатытан оҕо тэйэр дииллэр. Үөрэнээччилэри кытта үлэлии сылдьар киһи итиннэ тугу этиэҥ этэй?

– Университекка үөрэппит учууталларбыттан мөҕүллэрим буолуо эрээри, сорох тыллар, кырдьык, олус олуонатык иһиллэллэр. Сороҕор уустуктук сахатытыллыбыт тылы атын тылынан солбуйар ордук табыгастаах буолуо этэ. Холобур, билим (наука). Ойуунускайдаах бэйэлэрин кэмнэригэр тылы сахатытыыга эмиэ утарсыылары көрсүбүттэрэ биллэр. Ол эрээри, күн бүгүн муусука (музыка) диэн тыл күннээҕи туттар олохпутугар киирбитэ, дьон-сэргэ ылыммытын туоһулуур. Баҕар, сыыйа, кэминэн атын да тылллары ылыныахпыт эбитэ дуу, дии саныыбын. Ол гынан баран, оҕолору үөрэтэрбэр сорох кылаастар “пубулуустука” эҥин диэн тыллары күлүү-элэк курдук ылыныахтарын сөп. Онон “публицистика истиилэ” диэн этэбин, “лиэксикэ” диэн сахатытан саҥарабын.

Сахалыы үөрэтии

– Математика эҥин курдук биридимиэттэри сахалыы үөрэтиигэ туох санаалааххын?

– Билигин “Айыы Кыһата” сахалыы таһаарыылаахтык үлэлии олороро холобур буолар. Аныгы кэмҥэ сахалыы кылаас­тарга барытыгар биридимиэттэри сахалыы үөрэтии хайдах салаллыан билбит суох. Баҕар, тылбыт дьэ сайдыа этэ.

Төрөөбүт тыл учууталларын куонкуруһа

– Төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутал­ларын куонкуруһа былырыыҥҥыттан саҥа ыытыллан эрэр. Инники­тин туох көдьүүс­тээх тэрээһин диэн көрдүҥ?

– Олус үчүгэй тэрээһин ааста. Саха тылын учууталлара “Сыл учуутала” куонкуруска кытталлар, улуустааҕы түһүмэххэ бастыыллар эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ кыайбыт диэн суоҕа. Билигин Саха сирин ааһан, бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүн Бүтүн Арассыыйаҕа баран көрдөрөр, төрөөбүт тыллары үөрэтэр атын омук учууталларын кытта алтыһар кыах бэрилиннэ. Саха тылын учууталларыгар болҕомто уурдулар, бу ааппытын-суолбутун кытта үрдэтэр. Инникитин тиһигин быспакка ыытылыннар ханнык диэн баҕа санаалаахпыт.

– Куонкурус хайдах ааста, тус бэйэҥ тугу ордук өйдөөн хааллыҥ?

– Мин улууспуттан уопут иҥэринэрдии оҥостон тиийбитим. Атын учууталлар хайдах үлэлииллэрин-хамсыылларын көрөр баҕалааҕым. Күҥҥэ иккилии түһүмэх ыытыллыбыта арыый сылаалаах соҕустук ааста. Киэһэ аҕыс чааска бүтэн баран түүннэри атын түһүмэххэ бэлэмнэннибит. Манна кыттааччы күүстээх хамаандалаах буолара ирдэнэр эбит диэн түмүккэ кэллим. Соҕотоҕун кытта кэлбит учуутал ыарырҕатыан сөп. Миигин кытта уһуйааччым Парасковья Ивановна Данилова, оскуола иһинээҕи “Стимул” эдэр учууталлар түмсүүлэрин салайааччыта Матрена Николаевна Андреева барсыбыттара, Бэрдьигэстээхтэн да олорон биир идэлээхтэрим “ыалдьаллара”, күүс-көмө буолуулара, сүбэ-ама биэриилэрэ кыайыыны аҕалла диэн бэлиэтиибин. Киһи хамсанардааҕар өй үлэтигэр ордук сылайар.

Уруоктарга, кы­­лаас чаастарыгар төһө кыалларынан сырыттым, көрдүм. Тэрийээччилэр пресс-кэмпи­риэнсийэни нууччалыы ыытыахха баара дииллэрин кытта сөпсөспөппүн. Үгүстэрэ саха тылын учууталлара күрэстэстибит. Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ кытта барар киһи син бэлэмнэниэн, нууччалыы тылын са­­йыннарарыгар бириэмэ баар. Сахалыы эйгэни тэрийэ, этэ-тыына сылдьар дьон бүтэһик түһүмэҕи ыарырҕаттыбыт.

– Куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ ханна, хаһан буолар?

– Былырыын Бүтүн Арас­сыыйатааҕы куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр кыттыбыт Чурапчы гимназиятын учуутала Сардаана Гоголева кэпсиирин истэн баран, Арассыыйаҕа кытта барар киһи күүстээх үлэни көрсөр эбит дии санаабытым. Бэйэм кыайыам диэн толкуй да суоҕа. Олус улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ, билиҥҥитэ хантан, хайдах бэлэмнэнэн саҕалыырбын толкуйдуу иликпин. Кыах, күүс баарынан кыттыаҕым. Карачаево-Черкесия Өрөспүүбүлүкэтигэр аны күһүн балаҕан ыйыгар ыытыллыах­таах.

– Инникитин үлэҕэр туох былааннааххын?

– Уопуттаах учууталлар үлэлэрин бэрт табыгас­таахтык систиэмэлииллэрин, сурукка-бичиккэ түһэрэллэрин көрдүм. Биһиги аныгы сиэринэн саайтка тиһэ олорбуппут. Уһуйааччыбын кытта сү­­бэлэһэн баран түмэн, сааһылаан дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарар, элбэхтик бэчээттэтэр ирдэнэр эбит диэн түмүккэ кэллибит.

Хаартыска: Кэскилээн Лукина тус архыыбыттан.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago